Кирэдьиит каникула
Чэпчэтиилээх кэмҥэ төлөһөөччү эбэһээтилистибэлэриттэн босхолонуу, ол эбэтэр, кирэдьииккэ, быстах кэмҥэ харчы иэс ылыы төлөбүрдэрин болдьоммут кэмигэр тохтотуу. Кирэдьиит бары көрүҥнэригэр, ипотекаҕа, быстах кэмҥэ харчы иэс ылыыга эмиэ тарҕанар. Дуогабар быстах хомуурга диэри эбэтэр анал байыаннай дьайыыга кыттыы биир хонук иннинэ түһэрсиллибитэ ирдэнэр.
Ким туһанарый?
- быстах хомуурга хабыллыбыттар;
- хантараагынан саалаах-саадахтаах күүстэргэ сулууспалааччылар, маны тэҥэ Национальнай Гвардия байыаннайдара;
- Баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара;
- Суһал ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин байыаннай быыһыыр, Байыаннай борокуратуура, ФСО, ФСБ, о.д.а. тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ (сиһилии 31.05.1996 с. сокуон 61-ФЗ 1 ыст. көр);
- Дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ: кэргэнэ, оҕолоро (сокуоннай саастарын ситэ илик, 18 саастарыгар диэри инбэлиит оҕолор, 23 саастарыгар диэри күнүскү өттүгэр үөрэнэр устудьуоннар);
- байыаннай көрүүгэ-истиигэ сылдьааччылар.
Болдьоҕо
Хантараагынан эбэтэр быстах хомуурга сулууспалааччы болдьоҕо, анал байыаннай дьайыыга кыттааччы кэмэ учуоттанар. Бу кэм кэннэ эбии 30 хонук бэриллэр. Болдьох анал байыаннай дьайыы кэмигэр ылыныллыбыт бааһырыыттан эбэтэр ыарыыттан стационарга эмтэнии кэмин болдьоҕор уһаан биэрэр.
Кирэдьиит каникулун ыларга ханна тиийэбит?
Иэс ылбыт киһиттэн (заемщиктан) сайабылыанньа ирдэнэр. Суругунан буолара булгуччута суох. Бааҥҥа эбэтэр микрофинансовай тэрилтэҕэ төлөппүөнүнэн эбэтэр атын кирэдьиит дуогабарыгар ыйыллыбыт ньыманнан тахсыахха сөп. Кирэдьиит каникулун олохтооһун 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьохтоох.
Докумуоннар ирдэнэллэр дуо?
Сайабылыанньаны тэҥэ, анал байыаннай эппэрээссийэҕэ кыттыыны туоһулуур докумуоннар ирдэнэллэр. Докумуону көрдөрөр, аҕалан биэрэр кыах суох буоллаҕына, иэс биэрээччи (кредитор) бэйэтэ Миноборонаттан докумуону ирдиир бырааптаах. Өскөтүн баан иэс ылбыттан докумуону ирдиир буоллаҕына, чэпчэтиилээх болдьох түмүктэниэр диэри тиэрдиэхтээх. Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ аймахтыы буолалларын туоһулуур докумуоннары көрдөрөллөрө булгуччулаах.
Быһаарыы түмүгүн хайдах билэбит?
Баан эбэтэр микро-финансовай тэрилтэ кирэдьиит каникулун биэрии сайабылыанньатын 10 хонук иһигэр көрөр. Бу кэннэ иэс ылбыкка быһаарыыны биллэрэр. Өскөтүн 15 хонук иһигэр хоруй суох буоллаҕына, кирэдьиит каникуллара, сайабылыанньа ыытыллыбыт күнүттэн олоҕурбутунан ааҕыллар. Иэс ылааччы, чэпчэтиилээх болдьох түмүктэниэр диэри, сырыытын болдьоҕун биллэриэхтээх, оттон баан – бу кэмтэн хойутаппакка саҥа төлөбүр графигын олохтуохтаах.
Бырыһыаннар хайдах ааҕыллаллар?
Сүрүн иэс ордугар бырыһыан ааҕыллар. Бу каникуллары олохтуурга сайабылыанньа киирбит кэмиттэн, потребительскэй кирэдьиит толору сыанытын, орто ырыынак көрдөрүүтүн 2/3 кээмэйигэр, тэҥнэһэр. Бу көрдөрүүнү Арассыыйа Баана суоттуур.
Иэс сотуллуон сөп дуо?
Иэһи толору сотуохха сөп, өскөтүн байыаннай сулууспалаах анал байыаннай дьайыы кэмигэр өллөҕүнэ, эбэтэр I группалаах инбэлиит буоллаҕына. Бу кини дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ ылбыт кирэдьииттэригэр эмиэ тарҕанар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0