Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Байыаннай эбээһинэстээхтэр тапталлаахтарын кытта сайабылыанньа биэрбит күннэригэр кэргэннии буолуохтарын сөп.

Байыаннай эбээһинэстээхтэр тапталлаахтарын кытта сайабылыанньа биэрбит күннэригэр кэргэннии буолуохтарын сөп.

Саха Сирин саахсалара мобилизацияламмыт дьону регистрациялыырга төгүрүк суукканы быһа үлэлиир буоллулар. Байыаннай сулууспалаахтар бэйэлэрин талбыт аналларын кытары сайабылыанньа биэрбит күннэригэр эр-ойох буолуохтарын сөп. 

«Үгэс быһыытынан, хомуурдаммыт дьон саахса салаатыгар бэбиэскэлээх кэлэллэр, үгүстэр тарҕатар пууҥҥа бараары ыксыыллар, онон ыаллар уонна аҕалар интэриэстэрин көмүскүүр сыалтан саахса үлэһиттэрэ хомуурга ыҥырыллыбыт дьонтон табыгастаах кэмнэригэр сайабылыанньа туталлар. Исписэлиистэр түүннэри дьуһуурустубалыыллар», - диэн бэлиэтээтэ саахса Дьокуускайдааҕы салаатын салайааччытын солбуйааччы Ирина Андреева.

Ону тэҥэ Хаҥаластааҕы сборнай пууҥҥа тиийэн кэргэнниилэри тохтобула суох регистрациялыыллар. Саахса бэрэстэбиитэлэ чуолкайдыырынан, хомуурга баран эрэр киһи Хабаровскайга көтүөн аҕай иннинэ түүн үөһүгэр регистрацияланыы холобурдара бааллар.

«Сүнньүнэн, бииргэ олорор, уопсай оҕолордоох дьон кэлэллэр. Кинилэр дьиэ кэргэттэрин юридическай өттүнэн көмүскүөхтэрин, чэпчэтиилэри уонна мэктиэлэри ылыахтарын баҕараллар», - диэн иһитиннэрдэ Саха Сирин саахсатын управлениетын салайааччыта Тамара Кривошапкина.

Балаҕан ыйын 21 күнүттэн Саха Сиригэр барыта 421, ол иһигэр Дьокуускайга – 195 эр-ойох буолууну регистрациялаабыттар. Итини сэргэ, эрдэ төрөөбүт оҕоҕо аҕа буолууну чопчулуурга сайабылыанньа элбээтэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22