Мунньах бэбиэскэтигэр 2022 сылга федеральнай бүддьүѳт туолуутун, Аартыка эрэгийиэннэрин сайыннарыыны үбүлээhин, ойууру баhаартан харыстааhын кѳдьүүhүн үрдэтэр туhунан боппуруостар кѳрүллүбүттэр.
Бастатан туран, социальнай инфраструктураны кэңэтии туhунан этиллибит. Кинини толорорго 2023 сылга 2,5 млрд солкуобай ыытыллара былааннанар.
Аартыка нэhилиэнньэлээх пууннарыгар оҕо саадтара, оскуолалар, балыыhалар уонна поликлиникалар, спортивнай былассааккалар, култуура дьиэлэрэ тутуллуохтара уонна ѳрѳмүѳннэниэхтэрэ. Үбүлээhин сорох чааhа медицинскэй тэрилтэлэргэ тэрили атыылаhыыга уонна ФАПтары тутууга туттуллуоҕа. Дьоңңо суолталаах кѳҕүлээhиннэргэ резиденнэр Аартыка зонатыгар олоххо киллэрэр саңа инвестбырайыактарын нолуогабай үптэриттэн эмиэ барыаҕа.
Билиңңитэ нормативнай базаны тупсаран, бырабыыталыстыба ылынар быhаарыылара олоххо түргэнник киирэллэрэ наадалаах.
Саха Сиригэр СѲ Баhылыга Айсен Николаевынан бигэргэтиллибит Саха Сирин Аартыка зонатын 2035 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыы Стратегията үлэлиир. Докумуон Уhук Хоту олох табыгастаах услуобуйаларын тэрийиигэ туhуланар.
Ааспыт 2022 сыл ахсынньы ыйыгар ѳрѳспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт IV Хотугу форум күннээҕи тиэмэтинэн Аартыкаҕа киhи хапытаалын сайыннарыы буолбута.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0