Бу наадалаах бырайыагы Олег Дорожко генеральнай дириэктэрдээх «НПО ПРИМХИМ» хампаанньа олоххо киллэриэҕэ. Ыйга 20 туонна экологическай ѳттүнэн ыраас, бары ирдэниллэр нуормаларга эпппиэттиир сырьену оңорон таhаарар кыамталаах, анал лабораториялаах собуот бастакы уочарата хайыы үйэ 2024 сылга тутуллан киириэҕэ. Салгыы 2028 сылга диэри оңорон таhаарыы былааннаахтык кэңэтиллэн иhиэҕэ. Уhук Илини уонна Аартыканы сайыннарыы Корпорациятын (КРДВ) кытта сѳбүлэhиинэн бырайыакка 44 мѳл. солк. кѳрүллүѳҕэ.
Водород перекиhэ фармацевтическай, косметическай, медицинскэй уонна таңас оңорор бырамыысыланнаска, итиэннэ атын эйгэлэргэ киэңник туттуллар.
Билиңңитэ Арассыыйаҕа водород перекиhин сүрүн кээмэйэ Приволжскай федеральнай уокурукка оңоhуллар. Оттон дойдуга туттуллар сырье улахан аңара тастан киирэр, сыл аайы 57 мѳл. солкуобайга атыылаhыллар. Онуоха перекись водородугар наадыйыы макроэрэгийиэн ниэп-гаас, тыа хаhаайыстыбатын, булар уонна атын эйгэлэргэ үлэлиир кэммиэрчэскэй тэрилтэлэригэр бу сууматтан таhыччы улахан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0