РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин онон сибээстээн бу нэдиэлэҕэ Бырабыыталыстыба чилиэттэрин сыананы хонтуруоллуулларыгар сорудахтаата. Бүгүҥҥү пресс-кэмпириэнсийэтигэр эмиэ бу тиэмэҕэ хоруйдаата.
“Алта кэнники сылга үүнүүбүт көрдөрүүтэ үчүгэй. Бурдугу быйыл 134 мөл. туоннаны хомуйдубут. Ол эрээри килиэп, мохоруон сыаната үрдээтэ. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ атын тас дойдуларга кириисиһинэн сибээстээн аска-таҥаска сыана ыараабыт, ону үтүктэн, биһиги оҥорон таһаарааччыларбыт саахарга, гречкаҕа сыананы эмиэ үрдэппиттэр. Оннук диэн табыллыбат буоллаҕа дии. Дьиҥэр, бу хааччахтааһын кэмигэр биһиги экэниэмикэбит атын тас дойдулардааҕар бигэ туруктаах, ВВП түһүүтэ 3,6 %. Бу көрдөрүү атын судаарыстыбалардааҕар чыҥха үчүгэй. Ыарахан сылы этэҥҥэ туораан эрэбит. Олох бары салаатыгар хаалыы, ыһыллыы диэн суох. Өссө төгүл этэбин, сыананы хонтуруоллааҥ диэн”.
Онон бүгүҥҥүттэн ыла Саха сирин маҕаһыыннарын борокуратуура бэрэбиэркэлиэ. Оруна суох сыананы улаатыннарбыт маҕаһыыннары миэрэҕэ тардыахтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0