Төһө аһылык баарый?
397 643 туонна от (былаан 90 %-а), 16 944 туонна сенаж (былаан 130 %-а), 28 537 туонна сиилэс (былаан 95 %-а) бэлэмнэннэ. Биирдиилээн улуустарынан көрдөххө сорудаҕы толоруу маннык: Хаҥалас 109 %, Нам 108 %, Абый 118 %, Үөһээ Халыма 112 %, Булуҥ 102 %, Жатай 111 %, Дьокуускай к. 100 %, Уус Маайа 100 %, Мэҥэ Хаҥалас 99 %, Таатта 97 %, Амма 97 %, Уус Алдан 95 %, Чурапчы 92 %, Үөһээ Бүлүү 81 %, Муома 85 %, Аллараа Халыма 83 %, Ньурба 86 %, Өймөкөөн 82 %, Өлүөхүмэ 84 %, Орто Халыма 88 %, Сунтаар 81 %, Томпо 86 %, Горнай 77 %, Эбээн Бытантай 74 %, Бүлүү 72 %, Дьааҥы 70 %, Ленскэй 60 %, Кэбээйи 51 %, Мирнэй 40 %, Аллайыаха 38 %.
– Халаан уонна кураан төһө да уустуктары үөскэттэр, оттооһуну куһаҕана суох түмүктээтибит, кыстыыр оппут 90 %-ын хааччынныбыт. Сүүрбэ биир улууска мобильнай биригээдэлэр тэриллэн, ыраах учаастактарынан 50,7 тыһыынча туоннаны оттоотулар. Инньэ гынан, кыстык устатыгар биир усулуобунай төбөҕө 9,1 сэнтиниэр аһылык единицата тиксэр, бу көрдөрүү концентрированнай аһылык эбилиннэҕинэ, 10,5 сэнтиниэртэн аччыа суоҕа. Уопсайынан балаһыанньа былырыыҥҥы курдук, ол эрээри, сүөһү дорохой уонна сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт кэлим дьаһаллар түмүктэригэр, кыстык этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбит, – диир тыа хаһаайыстыатын миниистирэ Александр Атласов.
Кэлим дьаһаллар
Чахчы, сүөһү дорохой уонна сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт дьаһаллар эрдэттэн тэриллибиттэрэ. Ол курдук, мобильнай биригээдэлэри тэрийии ороскуотун сороҕун толуйарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 83,8 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ити иһиттэн Дьааҥы улууһугар миэстэҕэ оттооһуну тэрийэр сыалтан (биир туонна оттоммут окко кэтэх ыалга 5000 солк., тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа, кэпэрэтиипкэ 7500 солк. көрүллэн), 33 мөл. солк. тыырыллыбыта.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, ордук уустук балаһыанньалаах аҕыс улууска сүөһү эбии аһылыгын тэрийэргэ анаан, 5 205 туонна концентрированнай аһылыгы (комбикуорманы, сылгы бурдугун, гранулаламмыт оту) өрөспүүбүлүкэ таһыттан атыылаһан аҕалар үлэ саҕаланна. Маны сэргэ, Бүлүү, Кэбээйи уонна Дьааҥы хаһаайыстыбалара атыылаһарга дуогабардаспыт 1 600 туонна отторун тиэйии-таһыы ороскуотун толуйарга харчы көрүллүөхтээх.
Концентрированнай аһылыгы хааччыйыыга операторынан «Якутоптторг» тэрилтэ ананна. Билиҥҥи туругунан, Кэбээйи улууһугар 309 туонна, Горнай улууһугар 90 туонна комбикуорум тиэрдилиннэ, тиһэх уу аалларынан Өлүөхүмэҕэ 140 туонна, Бүлүүгэ 172 туонна комбикуорум аҕалылынна. Аны 1 712 туонна комбикуорум, 1 235 туонна сылгы бурдуга, 1 335 туонна гранулаламмыт от уонна 6 туонна БВМК (белоктаах-битээмииннээх минеральнай концентрат) аҕыс улууска кыһыҥҥы суолунан тиэрдиллиэхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0