Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Атырдьах ыйа Саха Сирин Аартыкатыгар олус түргэнник элэс гынан ааһар быыһык кэм. Ый саҥатыгар сайыны санатардыы  сатыылаабыт сылаас, нуурал күннэр көччөх куһунуу көтөн куһугураан аастылар, аны ый ортотуттан саҕалаан, билигин хотугулуу күһүҥҥү өксүөннэр ардаҕынан ибиирэн, сорох сиргэ хаарынан хаарыйан тыал-буурҕа буолан силбиэтэнэллэр.

Атырдьах ыйа Саха Сирин Аартыкатыгар олус түргэнник элэс гынан ааһар быыһык кэм. Ый саҥатыгар сайыны санатардыы  сатыылаабыт сылаас, нуурал күннэр көччөх куһунуу көтөн куһугураан аастылар, аны ый ортотуттан саҕалаан, билигин хотугулуу күһүҥҥү өксүөннэр ардаҕынан ибиирэн, сорох сиргэ хаарынан хаарыйан тыал-буурҕа буолан силбиэтэнэллэр.

Хоту дойду хоһуун дьоно олохторун үөрүйэхтэринэн бу кэми төһө кыалларынан табыгастаахтык уонна көдьүүстээхтик туһанарга дьулуһаллар. Билигин хоту сиргэ таһаҕаһы тиэйии муҥутуур эппиэттээх кэрдииһигэр кэллэ, муора кытыытынааҕы бөһүөлэктэргэ оттук сезона – кыстык саҕаланна, ону кытта балыктааһын эмиэ күргүөмнээх түһүмэҕэр үктэннэ.

Таһаҕаһы таһыы

123_1.jpeg

Хоту таһаҕаһы таһыы туһугар уустуктардаах. Дойду сир өрүстэригэр навигация муус барыытын кытта тэҥҥэ саҕаланар буоллаҕына,  Хотугу муустаах байҕал кытыытыгар уу суола от ыйыттан саҕалаан, атырдьах ыйыттан эрэ туруктаахтык аһыллар, суудуналар хотугу өрүстэр төрдүлэригэр киирэр кыахтаналлар. Онтон салгыы таһаҕаһы муора хараабылларыттан өрүс суудуналарыгар көһөрүү, саамылааһын, тиэйии-таһыы үлэтэ турар.      

Атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, навигация саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 895 тыһ. туонна таһаҕас тиэйиллибит (былааннаммыт 1 251,8 тыһ. тн. таһаҕастан 72%), анаммыт сиригэр тиэрдиллибитэ 680 тыһ. тн. (былааннаммыттан 54%). Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кырасдааныскай  көмүскэбил дьыалатыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга министиэристибэтин оперативнай бөлөҕүн уочараттаах мунньаҕар миниистир Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.      

Билиҥҥи кэмҥэ биир ураты быһаарыллыахтаах боппуруоһунан Дьааҥы өрүһүгэр таһаҕаһы тиэрдии буолла. Ол курдук, Дьааҥы баһыгар  соторутааҕыта ааспыт ардахтар уу таһымын  үрдэтэн, өрүскэ суудуналар сылдьар кыахтаммыттар. Дьааҥынан уопсайа 154,4 тыһ. тн. таһыллыахтааҕыттан, бу ый 17 күнүнээҕи туругунан 128,8 тыһ. тн тиэйиллибит, миэстэтигэр диэри 9,2 тыһ. тн. эрэ тиэрдиллэн турар. Былырыыҥҥы кэми кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы көрдөрүү Дьааҥыга арыый ордуктаах. Бу күннэргэ өрүс муораҕа түһэр төрдүгэр турар Нежнеянскай пуордугар кэлэр таһаҕаһы күнүстэри-түүннэри тиэйэн-таһан иһэллэр, чоҕу ыскылааттыырга эбии тыраахтардары туруордулар.  

Онон хоту олоҕу -дьаһаҕы хааччыйыыга аналлаах таһаҕаһы ыытар сакаасчыттар уонна таһааччылар уматык-энэргиэтикэ хайысхатынан туттуллар таһаҕаһы тиэйэр уонна тиэрдэр үлэни күүһүрдэллэригэр сорудахтанна.      

Көстөрүн курдук, өрөспүүбүлүкэ салалтата от ыйыттан саҕалаан Аартыкатааҕы навигациянан таһаҕаһы таһыыга ураты болҕомтотун уурар, кэтэбили олохтуур.  Аартыкаҕа навигация болдьоҕо кылгас – от ыйын ортотуттан саҕалаан, балаҕан ыйын бүтүүтэ-алтынньы саҥатыгар түмүктэнэр. Онон хоту бөһүөлэктэргэ аһылыгы, тутуу матырыйаалын, уматыгы, нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр тутталларыгар наадалаах араас  таһаҕаһы тиэрдии олус ыгым эрэсииминэн ыытыллар.

Суудунулар Халымаҕа

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Саха Сирин хотугулуу-илиҥҥи ыһыытыыр уһугунааҕы Аллараа Халыма оройуонугар “Василий Лебедев” рефрижератор  тэрилтэлэргэ уонна чааһынайдарга анаан таһаҕа тиэртэ. Суудуна бастаан Зеленай мыс муора пуордугар сорох  таһаҕаһын сүөкэнэн баран, Халыма өрүһүнэн өрө Колымское сэлиэнньэтигэр тохтоон, салгыы Походскайга тиийдэ. Халымалар биллэрбиттэринэн, Походскайга уонунан сыллар кэннилэриттэн рефрижератор бу бастакытын балыгы харайар булууска тиийэ устан кэлбит уонна төннөрүгэр Халыма балыгын тиэнэн барда. Суудуна хапытаана эппитинэн, бу диэки мантан күһүн кырата өссө биирдэ сылдьыаҕа.

Атырдьах ыйын 17 күннэригэр Халыма өрүс төрдүнээҕи туһаайыынан Илиҥҥи Сибиирдээҕи муора кытылыгар кэлбит “Андрей Первозванный”, “Айс Кондор”,  “Диксон”, “Залив Креста” муора танкердара эриэйдэҕэ турдулар.  Бу күннэргэ Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын “Ленанефть” суудунулара, “Тикси”, “Яна” танкердар кэлэн  бу муора танкердарыттан уматыктарын хачайдаан ылан тиэниэхтэрэ уонна Аллараа Халыматааҕы ньиэп баазатыгар, ону тэҥэ “Халыматааҕы өрүс суола” хампаанньа суудуналарыгар  тириэрдиэхтэрэ.   

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр   Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын “Капитан Бородкин” ледокола Халымаҕа кэлэн, билигин Индигиир өрүс төрдүгэр диэри таас чоҕунан тиэллибит баарсалары буксирдаан илдьэн иһэр.  Ледоколу батыһан, эмиэ таас чоҕу тиэммит “Дионисий Хитров” сухогруз бу күннэргэ Индигииргэ бараары турар.

Аллараа Халымаҕа, өрүс төрдүгэр олохсуйбут Плейстоценовай паарка салайааччыта  Никита Зимин билигин хотугу муустах муоранан “Ковчег”  билим эспэдииссийэ суудунатынан  айаннаан иһэр. Кини бу суудуна экипаһын састаабыгар киирэн, от ыйын 23 күнүгэр Владивостоктан тахсыбыта уонна Японскай, Охотскай, Беринг, Чукотскай муоралары ааста. Чукуотка Провидения бөһүөлэгэр тохтоон уматык саппааһын ылбыттар.  

456_1.jpeg

Аара этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэн,салгыы Беринг силбэһиититтэн Хотугу муустах байҕалга киириэхтэриттэн штормнар түһэн салгыппыттар, аны салгыы арҕаа диэки улахан муустар мэһэйдээн, билигин Чукуотка Энурмино  сэлиэнньэтигэр дьаакырдарын түһэрэн, тохтуурга күһэллибиттэр. Лонг силбэһиитигэр билигин муус турар, онон муора суола туох-хайдах буоларын, тугу көрдөрөрүн кэтэһэллэр. Муора суудуналара бу учаастагы ледокол арыалдьыттаах эрэ ааһаллар.  Ол гынан баран, муора суола уларыйар сибикитэ билиннэ диэн эрэнэллэр.

 Эспэдииссийэ бастакы түһүмэҕинэн Чиэрискэйгэ кэлэн анал исписэлиистэри, бэтэринээрдэри уонна оператордары ылыахтаах. Салгыы Илиҥҥи Сибиир муоратынан Лаптевтар муораларыгар киириэхтээх уонна онно баар Улахан Бегичев муора арыытыттан овцебыктары тыыннаахтыы тутан, суудунаҕа тиэйиэхтээхтэр. Ол кэннэ Аллараа Халыматааҕы Плейстоценовай пааркаҕа ыытыахтаахтар.    

Чиэрискэйгэ навигациянан маҥнайгы бородуукта

Аллараа Халыма оройуоннаҕы Мунньаҕын (Сэбиэтин) дьокутаата, Сэбиэт ОДьКХ уонна тырааныспар боппуруостарыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, оройуоннааҕы хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Алексей Курило иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын ортотугар Аллараа Халымаҕа кэлбит Аартыкатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын СТК-1012 суудуната элбэх бородууктаны уонна социальнай суолталаах аһылык араас көрүҥүн аҕалла. Онон ааспыт нэдиэлэ саҕаланыытыгар бу хампаанньа Чиэрискэйдээҕи маҕаһыыныгар бэрт элбэх атыылаһааччы тоҕуоруһан, уочарат буола сырытта. “Сүпсүлгэн ааһаатын кытта, сымыыты, хортуоппуйу, үүтү уо.д.а бородууктаны ыксаабакка, анньыаласпакка-үтүөлэспэккэ ылбыппыт. Ылыан баҕалаахтар син бары тиксибиппит”, -диэн Уһук Хоту олохтоохторо сибиэһэй ас-үөл кэлэн, үөрүүлэрин кытта үллэстэллэр. Хотугу уу суолунан  таһаҕаһы таһыы чэрчитинэн  бородууктаны бу бастакы аҕалыы буолла, мантан күһүн салгыы өссө тиэллиэҕэ.

789_1.jpeg 

“Колымская правда” оройуоннааҕы хаһыат эрэдээксийэтэ Аартыкатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатыттан  аһылыгынан, бородууктанан хааччыйыы туһунан ыйытыытыгар маннык хоруйу биэрдилэр: “Навигация кэмигэр Аллараа Халыма оройуонугар уопсайа 300 тн. аһылык аҕалыллыаҕа.  Билигин Чиэрискэйгэ хампаанньа бэйэтин СТ-1012 суудунатынан тиэрдиллибит бородуукта атыыга таҕыста.  Навигация бастакы тууругар 115,6  тн. бородуукта, ол иһигэр:   92 тн.  бурдук, 10,6 тн. хортуоппуй, 3,8 тн. үүт, 3,6 тыһ. сымыыт, 5,6 тн. кэнсиэрбэ, утах, сыыр, луук, бакалея уо.д.а табаар аҕалылынна.

Навигация иккис тууругар - балаҕан ыйыгар 79 тн.  Саха Сиригэр үүннэриллибит оҕуруот аһа (хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста), 40 тн. саахар, 13 тн. бурдук, 8 тн. курууппа,  9 тн. мокуруон оҥоһук, 6  тн. мас арыыта уо.д.а бытархай бородуукта тиэллэрэ былааҥҥа турар”, - диэн толору быһаарбыттар.

987.jpegАтыылаһааччылар саҥа кэлбит бородууктаттан 10 сымыыты 120 солкуобайга, 1 кг. хортуоппуйу 125 солкуобайга ылыахха сөп, атын маҕаһыыннартан икки төгүл чэпчэки сыаналаах диэн үөрэллэр.  

Кыстык саҕаланна

654.jpeg

Алексей Курило салгыы билиһиннэрбитинэн, оройуон киинигэр Чиэрискэйгэ атырдьах ыйын 18 күнүттэн кыстык саҕаланан, хочуолунайдар турбаларынан буруо унаарбыт, оттук сезона саҕаламмыт. “СӨ ОДьКХ” судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ Аллараа Халыматааҕы филиалын бары хочуолунайдара өрөмүөннэнэн, бу иннинэ ититэр тыраассаларга ууну ыытан бэрэбиэркэлээбиттэр.  Атын сэлиэнньэлэргэ уонна Зеленай Мыска итиини ыытыы этэҥҥэ, туох да дьиэгэ суох саҕаламмыт буоллаҕына, оройуон киинигэр тыраассаларга уу тэстиитэ тахсан, хаттаан өрөмүөннүүргэ күһэллибиттэр.  

Аллараа Халыма туундарата кыстыкка хайдах бэлэмнээх киирэн эрэрин   оройуон дьаһалтатын планеркатыгар Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Альберт Винокуров билиһиннэрдэ. Ол курдук, оройуон үрдүнэн 14 121 таба уонна 93 сылгы быйылгы кыстыкка киирэрэ көрүллүбүт. Саха сылгыта Халыма өрүс төрдүгэр турар Андрюшкино уонна Колымское сэлиэнньэлэргэ, Плейстоценовай паарка сиригэр-уотугар иитиллэн тураллар.  321_1.jpeg

Бу күннэргэ оройуон балыксыттара күһүҥҥү балыктааһыҥҥа сылдьаллар, билиҥҥи туругунан 98 тн. балыгы туттарбыттар. Мантан күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар Халыма аатырар чиирин, уомулун тиэммит бастакы рефрижератордар Дьокуускайга кэлэллэрин бары да кэтэһэбит, атыыга тахсарын маныыбыт.      

Алексей КУРИЛО хаартыскаҕа түһэриилэрэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34