Вениамин Баишев – удьуор табаһыт. 1981 с. Тополиной оскуолатын бүтэриэҕиттэн (икки сыл аармыйаҕа сулууспалаабытын аахсыбатахха) ыстаадаттан харыс да халбарыйбатах киһи. “Табаһыт буоларга ананан төрөөбүт киһибин: эһэм, аҕам удьуор табаһыттар. Кинилэр суолларын батыһарга быһаарыммытым. Ол бигэ санаабын ханнык да түгэҥҥэ ыһыктыбатаҕым”, – диэн сэмэйдик, киэн тутта билинэр таба ыстаадатыгар 37 сыл үлэ ыстаастаах Вениамин Баишев.
Төрөөбүт-үөскээбит сириттэн ханна да ырааппатах-тэлэһийбэтэх киһи. Дьокуускай куоракка наадатыгар дэҥҥэ кэлэн барар. Ону даҕаны өр буолбат. "Табаларбын ахтан, ыстаадабын суохтаан, куорат таас дьиэтигэр тыыным-быарым хаайтарар курдук буолар" диэн аргыый наллаан кэпсээнин саҕалыыр.
Уотууга чөмпүйүөн
– Вениамин Григорьевич, Томпо төрүт олохтоох эбээнэ буоллаҕыҥ?
– Төрөөбүт дойдум, биһикпин ыйаабыт сирим – Томпо. Омугум – эбээн. 1963 с. табаһыт ыалга төрөөбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн дьоммун кытта ыстааданан көһө сылдьан, таба көрөн улааппытым. Онон табаһыт уустук олоҕун, дьарыгын адьас кырабыттан эппинэн-хааммынан билбитим. 6 саастаахпар аҕабыт оһолго былдьанан, тулаайах хаалбыппыт. Инньэ гынан 4-с кылаастан саҕалаан сайыҥҥы сынньалаҥмар ыстаадаҕа үлэлээн, аҥаардас хаалбыт ийэбэр балтыларбын иитиһэргэ көмөлөспүтүм. Балтыларым дьоһун үөрэҕи ылан, билигин мэдиссиинэ эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлииллэриттэн үөрэбин. Ийэм Мария Егоровна 42 сыл олохтоох балыыһаҕа саньытаарканан үлэлээбитэ. Билигин 89 саастаах ытык кырдьаҕас. Аҕам эмиэ адьас кыратыттан таба үрдүгэр улааппыт, бэйэтин кыанар, түргэн-тарҕан киһи этэ. Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, дойдутугар кэлэн үлэлээбитэ.
– Оскуолаҕын бүтэрэргэр аҕаҥ курдук “идэ ылар” туһунан санаа киирбэтэҕэ дуо?
– 1981 с. Тополиной орто оскуолатын аанын сабаат, тута таба ыстаадатыгар үлэлии барбытым. “Табаһыт буоларга ананан төрөөбүт киһи эбиппин” диэн санаа оччолортон баара. Төрдүлэрим удьуор табаһыт буолан, атын суолу толкуйдуу да барбатаҕым. 1983-1985 сс. аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлэн баран, “Томпо” сопхуоска табаһытынан киирбитим. Сэттэ сыл табаһыттаабытым кэннэ, 8-с №-дээх ыстаадаҕа биригэдьииринэн анаабыттара.
– Ити сылларга табаларгын уотан “уотууга чөмпүйүөн” аатын ылбыккын истибитим.
– Биригэдьиирдии сылдьан табаны уотууга иккитэ чөмпүйүөннээн турабын. Ити үлэлээбит сылларбар улахан таба ахсаанын элбэтэргэ уонна үрдүк хаачыстыбалаах эти туттарарга ситиһиилэммитим. Оччолорго таба ыйааһына ортотунан120 киилэ буолар эбит буоллаҕына, миэннэрэ 130-туу киилэ этилэр.
– Таба туох аһылыкка ордук уойар эбитий?
– Собуой (өлөрүү) саҕаланыан 45 хонук иннинэ таба эбии аһылыгын (комбикорму) сиэтэрим. Үчүгэйдик көрүллэр таба ити аһылыкка уойбутунан барар, ый иһигэр ыйааһына 10-12 киилэ эбиллэр. Аны туран, 1996 с. барыларыттан намыһах көрдөрүүлээх 1-кы нүөмэрдээх ыстаадаҕа биригэдьииринэн көһөрбүттэрэ.
– Дьэ, хас табаны туттуҥ?
– Үлэбин саҕалыырбар "1-кы №-дээх ыстаада табалара" диэн 930-ча табаны ааҕан туттарбыттара. Онтубун 2000-ҕа диэри элбэппитим. Кэлин, элбэх ыстаадаҕа түһүү буола турар кэмигэр, мин 1000-тан тахса табабын тутан олоробун. Таба ахсаана элбиэн ис сүрэхпиттэн баҕарабын уонна ол туһугар үлэлии-хамсыы, кыһалла сатыыбын. Ахсаан өттүнэн хаалан иһэр ыстаадаларга табалары успуонсардыыбын, нэһилиэнньэни этинэн хааччыйаары, собуой оҥоробун, атын хаһаайыстыбаларга таба атыылыыбын. “Томпо” производственнай кэпэрэтиип барыта 8 ыстаадалааҕыттан саамай улаханнара 1-кы №-дээх ыстаада буолар. Атын ыстаадалар 500-түү, 800-түү табалаах буоллахтарына, биһиги саҥа сылга тыһыынча кэриҥэ табалаах үктэннибит. Өссө элбэх буолуоҕун чааһынай общинаҕа атыылаабыппыт, эккэ диэн туттарбыппыт. Таба төрүүр-ууһуур, үөскүүр үтүө дьылларыгар 2400-кэ тиэрдэ сылдьыбыппыт.
– Сэбээн күөллэр ыстаадаларын бөрө, тыатааҕы буулаан аймаабыта хаһыс да сыла. Эһиги диэки хайдаҕый?
– Кырдьык, кэлиҥҥи сылларга бөрө элбээтэ. Табаһыттар ыксаан, бэйэбит сонордоһобут. Ааспыт сылга түөрт бөрөнү өлөрбүппүт. Ыттарым улаханнык көмөлөһөллөр, бөрөҕө бара үөрүйэхтэр. Бөрө олус киитэрэй кыыл. Бөртөлүөт тыаһын иһиттилэр да, халыҥ тыалаах сиргэ эбэтэр хаар хаспахха саһан хаалаллар. Өссө тиити кууһан, эргийэн биэрэн, киһи хараҕар түбэһиэх быраҕыллыбаттар. Онуоха эбии бөрө дьаатын бобон кэбиһэннэр, улаханнык оҕустардыбыт.
“Кынаттаах” табалар
– Вениамин Григорьевич, эйигиттэн, үйэтин-сааһын тухары табаһыттаабыт киһиттэн, таба туһунан ыйыталаһыым дуу. Таба төһө истигэн кыылый?
– Таба курдук өйдөөх кыыл аҕыйах. Үөрэҕи олус ылынымтыа. Үөрэттиҥ да, онтун төрүт умнубат. Туркутугар ким олорон эрэрин эндэппэккэ билэр. Оҕо-дьахтар, кырдьаҕас-кыаммат киһи буоллаҕына, наҕыллык айанныыр. Аны туран, сэрэйэн көрөр дьоҕурдаах. Холобур, туркуттан мал түспүтүн, бултуйаргын-бултуйбаккын биллэрэр. Ону табаҕа сыстаҕас, этинэн-хаанынан чугас киһи тута билэр. Табаны олус истиҥ, чугас доҕор оҥостуохха сөп. Хаартан, ардахтан, буурҕаттан-холоруктан иҥнэн турбат. Бадараанынан, хайалаах сиринэн көҥүл сылдьар, ууга үчүгэйдик харбыыр. Аһатааччыбыт, көлүнэр көлөбүт. Нууччалыы эттэххэ, "олень – это наше все".
– Саха ырыатыгар-хоһоонугар "кынаттаах табалар" диэн үгүстүк ахтыбыт буолаллар. Табаны тоҕо "кынаттаах" дииллэрий?
– Кыыл таба олус түргэн. Үргүттүҥ да, бурҕас гынан, биирдэ-иккитэ ойуоккалаан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүтэн хаалар. Улахан, бөдөҥ ханнык да кыыл таба курдук эмискэ мэлис гыммат. Түргэнин иһин "кынаттаах" диэбиттэрэ буолуо.
– Таба ыарыыта диэн билигин баар дуу?
– Урукку сылларга сайын атахсыт ыарыыта туран ыстааданы ыстааданан эһэ сыһара. Быһыыны айаннар, кэлин ыалдьыбат буоллулар. Куйуктаны эмиэ кыайа тутар буоллулар. Сайын аайы бэтэринээрдэр атахсыты уонна сотууну утары быһыы биэрэллэр. Онон билигин таба ыарыыта диэн суоҕун тэҥэ.
Табаһыт ыал сылаас холумтана
– Олоҕуҥ аргыһа, кэргэниҥ Айталина Иннокентьевна эмиэ удьуор табаһыттар сыдьааннара дуо?
– Кэргэним Айталина Иннокентьевна – удьуор табаһыт ыал кыыһа. Иккиэн биир бөһүөлэккэ, Тополинайга, улааппыппыт. 1985 с. аармыйаттан кэлэн бараммын, сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан ыал буолбуппут. 22 сыл ыстаадаҕа чуумҥа үлэлээбитэ. Билигин кэпэрэтиипкэ каадыр салаатыгар үлэлиир.
– Хас оҕолооххутуй? Аҕатын туйаҕын хатарааччы баар дуу? Ыстаадаҕа төһө сыстаҕастарый?
– Наталья, Екатерина, Виктория диэн үс кыталык кыыстаахпыт. Үһүөн үөрэхтэнэн, ыал ийэтэ буолан, оҕо-уруу төрөтөн, Дьокуускай куоракка олохсуйан олороллор. Соҕотох уолбутун эһэтин аатынан Григорий диэн сүрэхтээбиппит. Удьуорун утумнаан, 1-кы №-дээх ыстаадаҕа табаһыттыыр. Илии-атах, күүс-көмө буолар, туйахпын хатарар киһим. 2014 с. өрөспүүбүлүкэҕэ "Бастыҥ табаһыт" аатын ылбыта.
– Бэйэҕин кыанар, түргэн-сымса туттунуулаах, успуорт өттүгэр дьоҕурдаах киһи быһыылааххын.
– Оннук диэххэ сөп. Наартанан сүүрдүүгэ өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да кыттан, миэстэлэһэн турабын. Улууһум сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарбын. Хаһан даҕаны успуорт чопчу көрүҥүнэн анаан-минээн дьарыктамматаҕым. Иллэҥим да суох, ыстаадабыттан ырааппаппын. Ол эрээри маамыкта быраҕар, наарталаах табанан сүүрдэр, киэҥ сири тилийэ хаамар-сүүрэр бэйэтэ эмиэ туһунан дьарык буоллаҕа.
Вениамин Григорьевич кэпсээнигэр эбэн эттэххэ, Баишевтар дьиэ кэргэн 2001 с. өрөспүүбүлүкэҕэ “Бастыҥ көс дьиэ кэргэн” аатын ылбыттара. Ити сыл ахсынньытыгар "Бастыҥ ыал" куоталаһыыга лауреат буолбуттара. "СӨ бастыҥ ыаллара" кыһыл көмүс кинигэҕэ киирэн тураллар.
Бу курдук сэһэннээх-сэппэннээх буолла Томпо Тополинайыгар олорор эбээн удьуор табаһыта. Аакка-суолга, чыыҥҥа-хааҥҥа, мааны-сиэдэрэй олоххо таласпатах, сэмэй майгылаах хоту сир дьоно барахсаттар бу курдук дьиҥ-чахчы "айылҕа оҕолоро" буоллахтара.
Сэһэргэстэ Диана КЛЕПАНДИНА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0