Күн сытыы сардаҥалара сайыҥҥы курдук эккин быһа сиэбэт, сөрүүн түһэн, экскурсияҕа сылдьарга, хаамарга көлөһүнүҥ саккырыы сылдьыбат. Биллэн турар, сороҕор этиҥнээх күүстээх ардах түһүөн, муора кыралаан бааллырыан, сойуон сөп эрээри, бу кэмҥэ үксүн күннээх +24-25С ыраас халлаан турар. Арай киэһэ уонна түүн тымныйар +10-15С. Онон итиини, сииктээх буһарык салгыны кыайан тулуйбат дьоҥҥо күһүн ордук барсар.
Минеральнай уу, эмтээх бадараан
Хара муораны кыйа олохсуйбут саамай уһун куоракка, Сочига, 65 араас сонотуоруй баар. Манна үксүн сүһүөх-уҥуох, сүрэх-тымыр, тыҥа, куртах-оһоҕос ыарыыларын эмтииллэр. Субтропическай айылҕа үүнээйиилэрин кипарис, можжевельник, эвкалипт муора дьуоттаах сибиэһэй салгынын кытта буккуспут сыта сылайбыт, иммунитеттара мөлтөөбүт дьоҥҥо күүһү-уоҕу биэрэр, сэниэни эбэр.
Эвкалипт арыыта вируһу утары охсуһар, иммунитеты көтөҕөр, сөтөлү эмтиир, тыынар уорганы ыраастыыр. Эвкалипт арыытынан күөмэйдэрэ ыалдьар, үгүстүк сөтөллөр дьоҥҥо ингаляция оҥороллор. Ону таһынан, муора кытылыгар дьуот элбэх, кылгас сайыннаах, уһун кыһыннаах дойду олохтоохторугар бу элэмиэн олох тиийбэт.
Сочига баар Мацеста минеральнай уута уоттаах диэн ааттанар, ол эбэтэр бааннаҕа сыттаххына, тымырдарыҥ кэҥээннэр, тирииҥ аһыйар уонна кытаран тахсар.Уохтаах уу хааннарын баттааһына үрдүк, сүһүөхтэрэ, систэрин тоноҕоһо ыалдьар, тириилэрэ бааһырар дьону эмтиир, хааны убатар, холестерины кыччатар, төрүүр-ууһуур уорганы чөлүгэр түһэрэр. Бу аптаах ууга сероводород, дьуот, бром, фтор уонна киһи доруобуйатыгар туһалаах 20 тахса элэмиэннэр бааллар. Мацеста уутунан эмтэммит дьон систэрин, сүһүөхтэрин ыарыыта мүлүрүйэн, хаамаллара, хамсаналлара чэпчиир, кыайан оҕоломмот дьахталлар ийэ буолар дьолу билэллэр.
XIX үйэ бүтүүтэ химик идэлээх учуонай Г.В.Струве Мацеста эмтээх уута сытар да киһини туруорар кыахтааҕын арыйбыта. Улуу сирдьит Иосиф Сталин манна кэлэн ситиһиилээхтик эмтэнэн, киниэхэ даача тутан биэрбиттэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ Мацестаҕа сыл ахсын 5 мөл. кэриҥэ киһи кэлэн эмтэнэрэ.
Сонотуоруйга сероводороднай, дьуотбром, радоновай баанналары оҥороллор, уу +40С диэри итии, онон өр сыппаккын. Баанна ис уорганнаргар хааныҥ эргиирин түргэтэтэр, кислороду аҕалар, онон искэннээх дьоҥҥо барсыбат. Куруорка эмтэнэн баран бэргээбит дьон эмиэ бааллар, ол иһин минеральнай ууну быраастар сэрэнэн тутталлар, киһи аайы анаабаттар. Маны таһынан, хайа тэллэҕин быыһыгар Мацеста хонуутугар чэй үүнэр улахан плантацията баар, араас ыарыыны бары эмтиир чэйи атыылыыллар.
Кырылас кумахтаах Анапа сөтүөлүүр хомотугар уу чычаас, түргэнник сылыйар, ол иһин кыра оҕолоох дьон сөбүлээн сынньаналлар. Өскөтүн Сочига сайын салгына буһарык итии уонна аһары сииктээх түгэнигэр, Анапаҕа аһаҕас истиэп тыаллаах, салгыннаах буолан, тыынарга чэпчэки. Өрүс муораҕа түһэр сиригэр, күөллэргэ уонна урукку вулкан оннугар хаалбыт эмтээх бадараанынан сүһүөхтэрэ ыалдьар дьону эмтииллэр.
Чугастааҕы Тамань тумул арыытыгар эмтээх бадарааннаах сиргэ экскурсия атыылаһан, бадарааҥҥа чомполонон сөтүөлүөххэ сөп, састааба хойуу буолан, киһи тимирбэт. Хараҕыҥ эрэ кылайан көстүөр диэри бадарааны дэлби бистэн баран муораҕа тахсан сайҕанаҕын. Маннааҕы минеральнай уу куртахтара, оһоҕосторо ыалдьар дьоҥҥо туһалыыр. Муора салахайа сүһүөхтэрэ, систэрэ ыалдьар дьоҥҥо барсар.
Төгүрүччү күп-күөх хайа быыһыгар турар Геленджик куоракка 18 минеральнай ууну хостууллар, онтон биэһэ сир анныттан бэйэтэ тыга сытар. Манна сүрэх-тымыр, эндокриннай, ньиэрбэ систиэмэтин, ЛОР уорган, уҥуох-сүһүөх ыарыыларын мүлүрүтэн биэрэллэр.
Оттон Крымҥа Арассыыйа империятын ыраахтааҕылара, аристократтар, суруйааччылар, худуоһунньуктар сөбүлээн сынньаналлара, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэрэ. Сэллиги эмтииргэ Европаҕа бастакы сонотуоруй манна тутуллубута. Тумул арыы арҕаа өттүгэр Саки, Мойнаки күөлүн бадараанынан, раапанан сүһүөхтэрэ, систэрэ ыалдьар, төрүүр-ууһуур уорганнара мөлтөх дьону чөлүгэр түһэрэллэр. Бронхиттаах, тыҥалара ыалдьар, ойоҕостоппут дьон Алушта ойууругар эфирнэй арыылаах муора салгынынан тыынан, чэпчииллэр. Ноор, куртах, оһоҕос ыарыылаахтар Феодосияҕа, Евпаторияҕа бараллар. Крымҥа 100-тэн тахса минеральнай уу баар, онтон уончатын туһаҕа таһаараллар.
Чэпчэтиилээх путевка кимиэхэ бэриллэрий?
Сайыҥҥы кэмҥэ Сочи сорох сонотуоруйдарыгар икки нэдиэлэлээх эмтэнии 300 - 350 000 солк. тиийэр. Биллэн турар, ыкса күһүн сыана түһэр, муора сойор. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ иһитиннэрэринэн, сонотуоруйга эмтэнэргэ, доруобуйаны бөҕөргөтөргө тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, сэрии оҕолоро, Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннар төрөппүттэрэ кэккэ чэпчэтиинэн туһанар бырааптаахтар.
Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьар саллааттар төрөппүттэрэ маннык чэпчэтиинэн үс сылга биирдэ туһаныахтарын сөп, ону мунньан иһэр табыллыбат. Кинилэр сонотуоруйга эмтэнэр, сынньанар ороскуоттарын 100% төлүүллэр, ол эрэн ити суума 60 000 солк. тахсыа суохтаах. Өскөтүн абаансанан ылар түгэннэригэр путевка 80% харчынан эрдэ биэрэллэр, ити суума 48 000 солк. куоһарбат, онтон сынньанан кэлэн баран төлөспүт докумуоннарын туттардахтарына, ороскуоттарын толору төлүүллэр.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ сонотуоруйага-куруортка эмтэниини өрөспүүбүлүкэ сонотуоруйдарыгар эрэ ылар кыахтаахтар, ол иһигэр Москубаҕа «Бэс чагдаҕа». Билиҥҥи туругунан, уопсайа 382 төрөппүт итинник чэпчэтиинэн туһанна. Маннык миэрэ кинилэри ыарахан кэмҥэ өйүүргэ, доруобуйаларын бөҕөргөтөргө ананан оҥоһуллар.
Ону таһынан, Саха Сиригэр олорор тыыл бэтэрээннэригэр куруорка баран сынньанан кэлэр ороскуоттарын төлүүллэр. Кинилэр Арассыыйа хайа баҕарар эрэгийиэнигэр, ханнык сонотуоруйга сынньаналларын бэйэлэрэ талаллар, оччотугар путевка харчыта барыта төлөнөр. Эмтэнии болдьоҕун хонуга 12-тэн итэҕэһэ, 14-тэн элбэҕэ суох буолуохтаах. Маннык чэпчэтии икки сылга биирдэ бэриллэр, ону мунньар көҥүллэммэт.
Үлэлээбэт үлэ бэтэрээннэрэ үс сылга биирдэ өрөспүүбүлүкэ санаторийдарыгар эрэ эмтэнэр кыахтаахтар, кинилэргэ путевка ороскуотун 80% төлөнөр. Эмтэнии болдьоҕо 14 күн, маннык чэпчэтии сылтан сылга көһөн мунньуллубат.
Аҕа дойду сэриитин оҕолоро эмиэ үс сылга биирдэ Саха Сиригэр эрэ баар сонотуоруйдарга эмтэнэр, путевка 50% төлөтөр бырааптаахтар. Эмтэнии болдьоҕо 14 күн.
2023 с. чэпчэтиллибит сонотуоруйага-куруортка эмтэниинэн 53 тыыл бэтэрээнэ, 729 үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин 2 оҕото статустаах дьон туһаннылар. Оттон 2024 с. бастакы аҥаарыгар 17 тыыл бэтэрээнэ, 362 үлэ бэтэрээнэ эмтэммиттэр. Итинник социальнай өйөбүл СӨ Бырабыыталыстыбатын 2013 с. ыам ыйын 30 күнүгэр тахсыбыт уурааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ олорор бэтэрээннэр уонна сэрии оҕолорун доруобуйаларын бөҕөргөтөр, олохторун хаачыстыбатын тупсарар сыалтан оҥоһуллар. Сэрии оҕолорун ахсааннарыгар 1927-1945 сс. төрөөбүт аҕам саастаах дьон киирэллэр. Ол эрэн үчүгэйдик көрбөт-истибэт 80-97 саастаах кырдьаҕастар ыраах бараллара, килиимэти эмискэ уларыталлара уустук.
Сонотуоруйга 70-75 саастарын ааспыт дьону ылымыахтарын сөп, ол эбэтэр доруобуйалара сорох процедураны уйбат, кэбириир кутталлаах. Бадараан, минеральнай уу кимиэхэ эрэ туһалаах эрээри, өскөтүн кыра искэн баар түгэнигэр улаатыан, сүрэххэ охсуулаах буолуон сөп. Онон куруорка сынньана барыах иннинэ туһатын уонна туох мөкү өрүттээҕин билэн баран биирдэ барар ордук.
Хаартыска: куйаар ситимиттэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0