Комплекска 7,6 тыһ. сибиинньэ саастарынан, аналларынан (буоһатыллар, уулаах, төрүүрэ чугаһаабыт, саҥа төрөөбүт сибиинньэлэр, ийэлэриттэн араарыллыбыт боросуонактар, уотууга турааччылар) диэн наарданан тураллар.
ХЭТ 2018 сыллаахха аныгы ирдэбилгэ эппиэтиир, толору хааччыллыылаах астыыр-үөллүүр сыаҕы тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Манна биир аанынан киирбит тыыннаах сибиинньэ өлөрүллэн, сүлүллэн, эттэнэн, иһэ-үөһэ араарыллан, эт бородууксуйа эгэлгэтэ буолан тахсар. Киин куораты таһынан улуустарга батарыллар.
– Үлэбит былаан быһыытынан баран иһэр. Күҥҥэ 30 сибиинньэни өлөрөн астыыбыт, сыллата 520-530 туонна эти уонна эт аһы оҥорон таһаарабыт. Быйылгы былааммыт – 522 туонна. Хомойуох иһин, отучча сыллааҕыта тутуллубут материальнай-техническай база эргэрэн, кыамтаны улаатыннарар билигин кыаллыбат. Арҕаа дойдулар сааҥсыйаларын сибээстээн, бэтэринээринэй эминэн уонна комбикуорманан хааччыллыы атахтаныан сөп эрээри, сыл бастакы аҥаарыгар диэри туттар саппаастаахпыт, – диир хаһаайыстыба салайааччыта Николай Кларов.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0