--Билиҥҥи бириэмэ көрдөрөрүнэн, СӨ Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Түмэнин өттүттэн тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөһүҥҥэ, тыа сирин сайыннарыыга туһуламмыт үлэ эрдэттэн ыытыллыбыта көдьүүстээх уонна сүүйүүлээх буолла.
Ол курдук, 2020, 2021 сыллартан тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин кээмэйин улаатыннарыы былааннаахтык барбыта. Онон билигин ууга-уокка түспэккэ, баар балаһыанньаҕа сөп түбэһиннэрэн, салгыы ханнык хайысхалары күүһүрдэн биэрэри Айсен Сергеевич чопчулаата. Холобурдаан эттэххэ, ФАПК-ҕа көрүллүбүт үбү көмө быһыытынан түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар дьоҥҥо түҥэтиэхпит. Ол хас биирдии ыал олбуоругар тиийиэхтээх.
Иккиһинэн, сааскы үлэлэрбит кэллилэр. Бурдукпут ыһыыта, хортуоппуйбутун, хаппыыстабытын, онтон да атын оҕуруот аһын олордуу. Бу салааҕа үбүлээһин эбии көрүллүөҕэ.
Сылгыбыт, сүөһүбүт, сибиинньэбит, көтөрдөрбүт күөххэ үктэнэллэрэ чугаһаата. Эбии аһылык, комбикорм өттүгэр үп эбии көрүллүбүтэ үчүгэй. Бу эрдэттэн хамсаабыт дьаһал.
Биһиги сис кэмитиэппит тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары өйөбүл саҥа мэхэньиисимигэр бииргэ үлэлиибит. Үбүлээһинин хайа өттүттэн эбии киллэриини, ханнык хайысханы күүһүрдүүнү тобулабыт.
Бары билэргит курдук, кэтэх хаһаайыстыбалар ыанар ынахха билиҥҥитэ 35 тыһыынча солкуобайы субсидия быһыытынан ыла олороллор. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүтү лиитэрэтэ 60 солкуобайга туттараллар.
Мантан саас өрөспүүбүлүкэбитигэр инникитин эт, үүт бородууксуйата, оҕуруот аһа, хортуоппуй аҕыйаабатыгар үлэлэһиэхпит. Бу улахан стратегическай суолталаах боппуруос, аһынан хааччылыы мөлтөөбөтүгэр туһаайыллар.
Ил Дархан маныаха туһуламмыт миэрэлэри суһаллык ыларга Ил Түмэҥҥэ сорудахтаата. Биһиги бэлэммит. Ааҕыыларбыт, суоттааһыммыт, көрүүлэрбит бааллар. Ону бу кэлэр сиэссийэҕэ дьүүллэһиэхпит.
Түмүккэ этэбин, тыа сиригэр олорор, хаһаайыстыбанан дьарыктанар дьоммутугар туһаайан, билигин улахан өттө бэйэбититтэн эрэ тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Сайыҥҥы өттүгэр тэпилииссэлэрбитин кэҥэттэн, хортуоппуйбутун киэҥ сиринэн ыһан, сиэмэни эһиилгигэ хаһаанан, оттоон-мастаан, сүөһү ииттэн, дохуотта киллэриэххэйиҥ, аспытын бэйэбит хааччыныаххайыҥ.
Аймахтарбытын кытары түмсэн, сүбэлэһэн, сылгыбытын, сүөһүбүтүн эһимиэххэ, төттөрүтүн элбэтиэххэ. Түргэнник ситэр салааны тутуһуоххайыҥ -- сибиинньэ, куурусса иитэн.
Бу этиллибит үлэлэр биһигини ханнык даҕаны бобууттан-хаайыттан, сааҥсыйаттан тутулуга суох оҥороллор, бигэ туруктууллар.
Нэһилиэктэргэ атыылыы олорор урбаанньыттар, күннээҕи түргэн барыска охтубакка, сыананы олус үрдэппэккэ, сорох өттүгэр көмөлөһөн, удамыр сыанаҕа атыылаан, бэйэ-бэйэни өйөһөн олоруохха.
Сиэрдээх буолуохха, бу ыарахан кэмҥэ түмсүүлээх уонна харыстабыллаах сыһыаны өрө тутуохха.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0