Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

“Тыа хаһаайыстыбатын саҥа механизма киирэн, үгүс ыал ыанар ынаҕын иһин төбөтүгэр 35 тыһыынчаны ылан, үүт туттарыыта быйыл биллэ аҕыйаата”, -- диир «Амма» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибин дириэктэрэ Айысен Черноградскай.

“Тыа хаһаайыстыбатын саҥа механизма киирэн, үгүс ыал ыанар ынаҕын иһин төбөтүгэр 35 тыһыынчаны ылан, үүт туттарыыта быйыл биллэ аҕыйаата”, -- диир «Амма» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибин дириэктэрэ Айысен Черноградскай.

 DSC 0618 kopiya

Ол да буоллар, саҥа уларыйыылар бастаан утаа эрэ сабыдыаллара улахан, бириэмэ син биир орун-оннугар барытын сыыйа түһэрэр аналлаах. Ол сиэринэн, үүт туттарааччы ахсаана элбииригэр эрэллээх, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны кэҥэтэр кэскиллээх санаанан салайтаран, “Амма” ТХПК саҥа сыаҕын Болугурга арыйда.

88e4e701 3bd8 4bc6 9a38 c915ffdb80e6 2

--2018 сыллаахха СӨ Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны өйүүр судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киирсэн, грант ылбыппыт. Бырайыакпыт 60 бырыһыанын грант харчытынан, 40 %-нын бэйэбит эбэн биэрдибит. Дьиҥэр, бу кулун тутарга үлэҕэ киириэхтээҕэ. Ону пандемиянынан оборудованиеларбытын тиэрдии тардыллан, болдьохпутуттан арыый хойутаан, үлэҕэ киллэрдибит. Сыаҕы "СахаПласТех" хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (дир. Л.А.Посельскай) тутта.

9784bdba 5e4f 49d0 9104 a75b8b1087ba

Саҥа сыахпытыгар арыыттан саҕалаан, йогурдугар тиийэ, обраттан иэдьэгэй эҥин оҥоробут.  Ол эрээри быйыл үүт туттарааччы ахсаана лаппа аччаата. Урут күҥҥэ 8 туонна үүтү быһаарар эбит буоллахпытына, билигин  4 туоннаҕа түстэ. Ол төрүөтэ – үгүс кэтэх ыал ыанар ынаҕар 35 тыһыынчаны ылан, кэпэрэтиипкэ туттарбат буолбута. 

“Тоҕо чуолаан Болугурга бу сыаҕы туттугут?” – диир буоллаххытына, манна улуус соҕуруу өттүнээҕи Өнньүөс, Покровка нэһилиэнньэлэрэ үүттэрин туттараллар. Сайыҥҥы былааммыт -- 1000 туонна үүт  оҥоһуллуохтаах. Үлэһиппит ахсаана 120 киһи. Төһөнү оҥорон таһаарбыппыт, атыыга батарбыппыт хамнастарыгар дьайар, онуоха үүт туттарыыта аччаабыта оҕуста. Ол иһин бородууксуйабыт сыанатын үрдэтэр соруктаахпыт, -- диэн кэпсиир “Амма” ТХПК дириэктэрэ Айысен Черноградскай.

6599c798 50f8 44ea 9dea e1eb0de457f5

Манна даҕатан эттэххэ, Болугур нэһилиэгэр арыы сыаҕа 1946 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2007 сылтан «Амма» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибигэр холбоспута. Маастарынан Г.С.Назаров, А.А.Назарова, лаборанынан ТГ.Иванова, оҥорон таһаарааччыларынан Л.И.Кузьмина, М.М.Кожурова, К.Т.Окороков, Е.П. Петров, Э.А.Пермяков, Р.Д. Местников үлэлии сылдьаллар.

088f4e74 80b6 4fa9 9c86 3373fa750080

Сыаҕы аһар үөрүүлээх күҥҥэ улуус баһылыга Николай Архипов, СӨ Ил Түмэн дьокутаата Руслан Федотов, тыа хаһаайыстыбатын оройуоннааҕы управлениетын салайааччытын солбуйааччы Алексей Шишигин, Амма-Наахара нэһилиэгин баһылыга Мария Захарова, "Сельхозтехника Якутии" генеральнай дириэктэрэ Ньургун Гольдеров кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

Үрүҥ илгэни үрүлүтэр сыах үлэтэ тахсыылаах, бородууксуйата элбии, иҥэмтэлээх аһы нэһилиэнньэҕэ дэлэтэ турдун!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением