Өскөтүн омук сиригэр бөҕү суох гынар, оҥорон таһаарар собуоттара дэлэй эбит буоллаҕына, биһиги Дьокуускайбытыгар ити боппуруос билиҥҥитэ кыалла илик. Хата, биирдиилээн ыччат ылсан, бу кыһалҕаны быһаарарга үлэлэһэн эрэрэ хайҕаллаах. Холобура, «Skintime» маҕаһыын хаһаайына Ирина Матвеева көҕүлээһининэн, бөҕү арааран мунньан туттарыы аахсыйалара ыытыллаллар. Кини бу волонтерскай хамсааһына киэҥ сэҥээриини ылан, үгүс эдэр дьон дьиэттэн таһаарар бөҕүн «пластик», «батарея», «хордуон», «макулатура» диэн арааран, «переработкалыыр» чааһынай тэрилтэлэргэ илдьэн туттарар буолла. Сорохтор астарын тобоҕун анал компостерунан эрийтэрэн, үүнээйигэ туһалаах уоҕурдууну оҥороллор.
Дойду, уопсастыба, бэйэ иннигэр, кэрэ кэскил туһугар итинник эппиэтинэстээх ыччат баара үөрдэр. Олортон биирдэстэрэ Артур НИКОЛАЕВ буолар. Кини былырыыҥҥыттан ыла былаастык бытыылкалартан, полиэтилен бакыаттартан тротуар билиитэлэрин оҥороруунан дьарыктанар "Чөл сир" тэрилтэни салайар.
-Идиэйэтэ, дьиҥэр, 8-9 сыллааҕыта киирбитэ. Ютубка көрбүтүм. Онно былаастык бытыылкалары буочукаҕа уулларан баран, кумаҕы булкуйаллара уонна киэптэргэ куталлара. Бөҕөтө тута көстөрө. Ол иһин оҥорон көрөр санаа киирбитэ. Бу туһунан табаарыспар Михаил Охлопковка кэпсээбитим. Кини эмиэ сэргээбитэ эрээри, оччолорго букатын оҕолор буоллахпыт дии, баҕа санаа эрэ курдук хаалбыта. Онтон 2018 сыллаахха Михаил дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка дьаһалтаҕа үлэлии киирэн баран, дэриэбинэ ахсын сыбаалка, бөҕү харайыы кыһалҕата баарын көрөн, ол мин урукку идиэйэбин олоххо киллэрэргэ этии көтөхпүтэ. Үөрэтэн көрөн баран, анал оборудование ыларга быһаарыммыппыт. Онтукабыт саҥата 3 мөл. солкуобай эбит. Ол иһин Бурятияттан туттулла сылдьыбыты балтараа мөлүйүөҥҥэ үс буолан кыттыһан, эбии кирэдьиит ылан атыыласпыппыт. Аллараа Бэстээххэ технопаарка аһыллар, онно туруоруохпут дии санаабыппыт баара, хомойуох иһин, табыллыбатаҕа. Онон Павловскайга сылаас базаны уларсан туруордубут.
- Бөһүөлэк дьоно туох да диэбэттэр дуо? Былаастык умайдаҕына, сыт-сымар бөҕө тахсара буолуо дии?
- Туох да сыт-сымар, буруо-тараа тахсыбат. Ол атыыласпыт тэрилбит умаппакка уулларар эрэ, онон доруобуйаҕа буортута суох.
-Оттон сырьеҕутун хайдах булаҕыт? Бэйэҕит хомуйаҕыт дуо?
-Дьокуускайга хордуону, кумааҕыны, полиэтилены, былаастыгы, о.д.а. “переработкаланар” матырыйааллары тутар урбаанньыттар бааллар. Олортон биһиги Роман Соболевы кытта үлэлэһэбит. Кини былаастык бытыылкалары, полиэтилен бакыаттары, салапааны пресстээн, тюк курдук оҥорон биэрэр. Онон биир массыынаҕа элбэҕи тиэйэн тахсабыт.
- Билиитэлэргитин, кырдьык, олус бөҕө дииллэр.
-Үйэлээхтэр. Биир квадрат миэтэрэни 950 солкуобайга атыылыыбыт. Ыйга ортотунан 1000-1500 кв.м. бэлэмниибит. Тэрилтэлэр, ыаллар ылаллар. Инстаграмҥа @cholsir киирэн көрүөххүтүн сөп.
-Онон-манан ыһылла сытыахтаах былаастык бытыылкаларбыт, салапаан суумкаларбыт, хата, туһаҕа тахсаллара наһаа бэрт эбит.
-Дьиҥэр, биһиги оҥорон таһаарарбыт муораҕа хааппыла буоллаҕа дии. Ол гынан баран, туох барыта кыраттан саҕаланар. Билигин биһигини билэр доҕотторбут бөхтөрүн арааран мунньан туттараллар, биһиэхэ былаастыктарын хомуйан биэрэллэр. Экологическай култуураҕа хас биирдиибит итинник бэйэбит холобурбутунан үөрэтиэхтээхпит, күннээҕи ирдэбилгэ кубулутуохтаахпыт. Ыраас тулалыыр эйгэҕэ ис сүрэхтэриттэн ыалдьар дьон Дьокуускайбытыгар элбээн эрэллэриттэн үөрэбин. Оскуола оҕолоругар бэйэлэрин баҕаларынан бу тиэмэҕэ кылаас чаастарын ыыталлар.
-Маладьыастар эбит. Эн бэйэҥ эмиэ олус актыбыыс киһигин дии. “Саха” НКИХ ханаалынан ыллыыргын, биэриилэргэ кыттаргын, сериалга оонньуургун көрөбүт.
- “Ааспыт ааспат амтана” сериалга “Тыас-уус” тыыннаах доҕуһуол бөлөҕүн ыҥыран кытыннарбыттара. Мин онно ыллыыбын, барабааҥҥа оонньуубун. Киинэҕэ кыыс табаарыһа буолбутум. Оттон ырыа диэн олоҕум арахсыспат аргыһа. Дьыссаат саҕаттан ыллыыбын. 7 сааспар Ньурба Аканатыттан Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Дьонум миигин Искусство оскуолатыгар уолаттар хордарыгар биэрбиттэрэ. Онтон Оҕо дыбарыаһыгар академическай вокалга. 14 сааспын туоларбар төрөппүттэрим баҕа санаабын толорбуттара – гитара бэлэхтээбиттэрэ. Бастаан бэйэм үөрэнэ сатаабытым да, үчүгэйдик тыаһаппат этим. Ол иһин Оҕо дыбарыаһыгар норуодунай инструменнар оркестрдарыгар киирбитим. Онно гитараҕа уһуйуллаары, балалайкаҕа, контрабаска оонньуур буолбутум.
Уопсайынан, оскуолаҕа сылдьан дьарыгым элбэҕэ. Художественнай оскуоланы бүтэрбитим. Үчүгэйдик уруһуйдуубун. Элбэх куруһуокка сылдьыы оҕону дьиссипилиинэҕэ үөрэтэр эбит. Бириэмэни туһалаахтык атаараҕын. Саха гимназиятын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Устудьуоннуур сылларбар норуодунай артыыстар Екатерина, Алексей Егоровтар салайар “Сэргэлээх сулустара” ансаамбылга ыллаабытым. Ол иһин элбэх тэрээһиҥҥэ кыттарым.
- Туох идэлээххин?
-Бырааска үөрэнэбин. Ординатураны бүтэрээри сылдьабын. Хирург буолар, итиэннэ ити бизнеспин тэҥинэн илдьэ сылдьар баҕалаахпын.
-Һуу, элбэх үлэ буолууһук...
-Үлэттэн толлубаппын. Дьоммут оннук ииппиттэрэ. Аҕам Юрий Николаевич -- уус. Кини кырабытыттан биһигини, уолаттарын, батыһыннара сылдьан тиэхиньикэни хасыһарга, маһынан уһанарга уһуйбута. Былырыыҥҥа диэри аҕам биригээдэтигэр сылдьан, дьоҥҥо дьиэ тутуһарым. Билигин бэйэм дьыалам элбээн тохтообутум. Истипиэндьийэбэр эбинээри, үһүс сылбын хирургическай отделениеҕа санитардыыбын. Эпэрээссийэлэммит дьону көрөрү-бүөбэйдиири билэрим кэлин үлэбэр туһалыа дии саныыбын.
-Бу эйигин да көрдөхпүнэ, уопсайынан, билиҥҥи ыччат судаарыстыбаҕа, дьонугар сэлээннэммэккэ, бэйэтэ туга эрэ айа-тута, оҥоро сатыыр дьүккүөрдээх.
-Аныгы ыччат үчүгэй, баай-талым олоххо талаһар. Ол иһин үлэлии-хамсыы, айа-тута сатыыр. Нууччалыы эттэххэ, мотивированнайдар. Мин эмиэ байылыат олохтоох буолуохпун, дьиэ кэргэним санаабыта барыта баар буолуон баҕарабын. Кэргэним Екатерина эмиэ айар куттаах. “Юность Севера” оҕо хаһыатын суруналыыһа. Наһаа асчыт, иистэнэр, тарбаҕар талааннаах. 2014 сыллаахха “Мисс Якутия” куонкуруска көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Кыыспыт Луна аҕыйах ыйдаах.
-Артур, эн саҕалаабытыҥ барыта сатаннын, табылыннын! Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, үлэҕэр ситиһиилэри!
Кэпсэттэ Анисия Иевлева.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0