Бу тэрээһин «САХАПРОМЭКСПО-2020» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы X быыстапка чэрчитинэн буолла. Тэрийээччилэр – СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ, итиэннэ СӨ Атыы-бырамыысыланнай палаатата.
Мунньах саҕаланыыта Павел Петров: “Бүгүн манна истибит этиилэрбитин СӨ Социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятыгар киллэриэхпит. Ол Стратегияны Ил Түмэҥҥэ өссө хаста да көрөрбүт буолуо, онон көхтөөхтүк үлэлииргитигэр ыҥырабын”, -- диэн, кэпсэтии көдьүүстээх буоларыгар туһаайда.
--Бырамыысаланнас биһиги эрэгийиэммит сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах салаа буолар. Манна Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду таһымнаах хампаанньалар ньиэп-гаас, алмаас хостууллар. “Илин Сибиир – Тиихэй акыйаан” турба тиһигэ ньиэби хостоон тиэрдиигэ Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр инники күөҥҥэ сылдьар. Ол эрээри наһаа сырьевой эрэ экспорка охтон эрэбит. Бу балаһыанньаны уларытар туһуттан Ил Түмэн 2018 сыл ахсынньы 12 күнүгэр «О Стратегии социально-экономического развития Республики Саха (Якутия) до 2032 года с целевым видением до 2050 года» диэн сокуону ылыммыта. Стратегия сүрүн сыала --сырьену бэйэбит манна астаан-таҥастаан, экспорка туһуламмыт экэниэмикэни олохтооһун. Онуоха улахан тэрилтэлэри тутар ночооттооҕунан, аччыгый уонна ортоку биисинэс киэбинэн тэрийэр сорук турар.
Бу Стратегия халбаҥнаабат-уларыйбат докумуон буолбатах. Саҥа бачыымнар, саҕалааһыннар, кыахтар үөскээтэхтэринэ, ис хоһоонун уларытан биэриэхпитин сөп. Биирдэ оннук гынан турабыт. Ол курдук, бэс ыйыгар нэһилиэнньэ көмөҕө, көмүскэлгэ наадыйар араҥатын туһунан пууннарыгар көннөрүүлэри киллэрбиппит.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэбит олоҕо тупсарыгар кыах барыта баар – айылҕабыт баай саппаастаах, уһун кэмнээх стратегическай былааннардаахпыт, социальнай балаһыанньабыт бигэ туруктаах, нэһилиэнньэбит ахсаана эбиллэн иһэр, үөрэх, култуура, спорт, наука, ускуустуба сайдар, идэтийбит үлэһиттэринэн хааччыллыыбыт үчүгэй, -- диэн Павел Петров киирии тылыгар кэпсээтэ.
СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко министиэристибэ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ туох өйөбүлү оҥорорун билиһиннэрдэ. Атыы-бырамыысыланнай палаата бэрэсидьиэнэ, норуодунай дьокутаат Владимир Членов “төгүрүк остуол” кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна тылы солбуйааччытыгар Николай Степановка биэрдэ. Кини: “Бырамыысыланнас оҥорон таһаарар салаата сайдыаҕа, өскөтүн биһиги производствоны саҥардар (модернизациялыыр) үлэни күүскэ ыыттахпытына, бородууксуйаны турар сыанатынааҕар быдан үрдэтэн, тас дойдуларга атылаатахпытына, үлэ оҥорон таһаарар көдьүүһэ улааттаҕына. Биһиги оҥорон таһаарар бырамыысыланнаһы сайыннарыы бырагырааматын чочуйа-оҥоро сылдьабыт. Бу бырагыраама сүрүн соругунан аан дойду таһымыгар күрэстэһэр кыахтаах, бигэ туруктаах, салгыы сайдар саргылаах бырамыысыланнаһы тэрийии буолар. Онуоха инники күөҥҥэ сылдьар технологиялары туһаныахпытын, инновационнай бородууксуйалар ырыынактарын баһылыахпытын наада. Билигин туһаныллар «Развитие промышленности Республики Саха (Якутия) на 2017 - 2021 годы» бырагыраама алмааһы, ньиэби, гааһы, тас чоҕу хостооһун, ойууру кэрдии, ювелирнай үлэ, маһы таҥастааһын эйгэтигэр сүрүн суолталаах бөлөхтөрү чопчулаабыта”.
Маны сэргэ “төгүрүк остуолга” РФ Бырамыысыланнаска уонна атыыга министиэристибэтиттэн Александр Орлов, «Химинвест» тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Игорь Ляшков, АГУТУ доцена Надежда Хитерхеева, «ЭМИ-прибор» департамент дириэктэрэ Марина Богданова тыл эттилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0