Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Бэйэлэрин үлэнэн хааччынар тус дьарыктаах дьоҥҥо нолуок бэрт табыгастаах көрүҥэ баар буолла. Аны мантан инньэ, кинилэр туох да кистэлэ, хааччаҕа суох биисинэстэрин тэнитэр, сайыннарар инниттэн, ыстарааптаныахпыт диэн куттаммакка, ханна эмит эбии үлэлиэхтэрин сөп.  Тоҕо диэтэххэ, бу дьыл от ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр “Налог на профессиональный доход” диэн эрэсиим үлэҕэ киириэҕэ.

Бэйэлэрин үлэнэн хааччынар тус дьарыктаах дьоҥҥо нолуок бэрт табыгастаах көрүҥэ баар буолла. Аны мантан инньэ, кинилэр туох да кистэлэ, хааччаҕа суох биисинэстэрин тэнитэр, сайыннарар инниттэн, ыстарааптаныахпыт диэн куттаммакка, ханна эмит эбии үлэлиэхтэрин сөп.  Тоҕо диэтэххэ, бу дьыл от ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр “Налог на профессиональный доход” диэн эрэсиим үлэҕэ киириэҕэ.

Бу туһунан сиһилии СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Сергеевна Высоких кэпсиир.

- Ирина Сергеевна, маннык эрэсиим Арассыыйа ханнык эрэгийиэннэригэр киирбитэй?

- Боруобалаан көрөр бырайыак быһыытынан нолуок бу эрэсиимин өссө 2019 сыллаахха 4 эрэгийиэҥҥэ саҕалаабыттара. Ол курдук, Москва куоракка, Москва уонна Калуга уобаластарыгар, итиэннэ Татарстаҥҥа. Сыл устата үлэлээбит бырагыраама түмүгэ көдьүүстээх буолла: ити ааттаммыт сирдэргэ барыта холбоон, бэйэ тус дьарыктаах (самозанятый) 284 000 киһи баар буолла. Итинтэн 67 %-на урукку өттүгэр эргиэниттэн киирэр дохуотун отчуоттаабакка сылдьыбыт. Кинилэр барыларын дохуоттара холбоон, 32,6 млрд. солк. тэҥнэстэ.  

- Бэйэ тус дьарыктаах буоларга туох ирдэнэрий?

- Кэтэх тэрилтэтэ суох буолуохтааххын. Ол эбэтэр ИП буолбатах эрээригин, нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорор эбэтэр тугу эмит оҥорон таһааран атыылыыр буолуохтааххын. Аны туран, ИП диэн статустаах эрээрилэр, бу саҥа эрэсиим усулуобуйатын ирдэбилигэр сөп түбэһэр буоллахтарына, олор эмиэ киирсиэхтэрин сөп.

- Холобур, Саха сиригэр кимнээх бу саҥа эрэсиимҥэ хапсалларый?

- Ыраахтан үлэлиир фрилансердар, репетитордар, дьиэҕэ олорон,  тыҥырах оҥорооччулар, сирэй-харах кырааскалааччылар, кыбартыыра уларсааччылар, массыынанан дьону тиэйээччилэр, таһаҕас таһааччылар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр, видеоҕа устааччылар, аниматордар, тэрээһиннэри ыытааччылар, дьиэни өрөмүөннээччилэр уо.д.а.

- Урбаанньыт диэнтэн бэйэ тус дьарыктаах диэҥҥэ көстөхтөрүнэ, чопчу туох чэпчэтиини туһаналларый?

- Бастатан туран, нолуок отчуотун уонна декларациятын толорортон босхолоноллор. Иккиһинэн, страховой усунуоһу төлөөмүөхтэрин сөп. Оннук түбэлтэҕэ социальнай биэнсийэ ааҕыллар. Эбэтэр “Мой налог” сыһыарыы нөҥүө биэнсийэлэригэр бэйэлэрэ харчы (сыллааҕыны барытын да) ыытыахтарын сөп. Страховой усунуоһу (2020 с. бигэргэтиллибитинэн сылга 32 448 солкуобайы) барытын төлөөтөхтөрүнэ, страховой ыстаастарыгар биир сыллара эбиллэр. Үсүһүнэн, оҥорор өҥөтүн эбэтэр бородууксуйатын юридическай сирэйгэ эбэтэр ИП-га батардаҕына, нолуогун ыстаапката 4 %  эбэтэр 6%  буолар. Төрдүһүнэн, бу эрэсиим ИП-ларга уонна физическэй сирэйдэргэ эрэ тарҕанар. Онон дуогабарынан атын үлэҕэ сылдьыахтарын, иккиэннэрин алтыһыннарыахтарын сөп, оннук көҥүллэнэр. Бэсиһинэн, ИП-лар нолуоктарын төлүүр билиҥҥи систиэмэлэриттэн  аккаастанан, саҥа эрэсиимҥэ көһөр бырааптаахтар. Саҥа эрэсиими сөбүлээбэтэхтэринэ, урукку систиэмэлэригэр хаһан баҕарар төннөр кыахтаахтар. Өссө нолуоктарыттан 10 тыһыынчаны төнүннэриэхтэрин (вычет) сөп. Саамай үчүгэйэ, хаассаҕа баран уочараттаан сордоммокко, төлөпүөҥҥэ хачайдаабыт “Мой налог” сыһыарыы эбэтэр nalog.ru саайка “Мой налог” вэб-кэбиниэт нөҥүө барытын төлөһөр кыахтаахтар. Төһөнү төлүүргүтүн бырагыраама бэйэтэ ааҕар. “Мой налог” сыһыарыыга билиҥҥитэ 25 тэрилтэ кыттыста, олор истэригэр “Сбербанк”, “Яндекс”, “Альфа-банк”,  Qiwi, FL.ru, «1C» курдук бөдөҥ тэрилтэлэр бааллар. Бу эрэсиим атын эрэгийиэннэргэ тарҕанан бардаҕына, кыттыгас хампаанньа ахсаана элбиир  чинчилээх.

- Нолуокпут төлөбүрэ оччотугар хас диэн буолла?

- Өҥөнү уонна табаары батарыы иһин, физическэй сирэйи кытта дуогабардаспыт буоллахтарына – 4 %. ИП эбэтэр хампаанньа аатыттан төлөбүр оҥоһуллубут буоллаҕына – 6%. Бэйэ тус дьарыктаахха төлөбүр ханнык баҕарар источниктан кэлэрэ көҥүл. Хас биирдии төлөбүр нолуога араас ыстаапканан ааҕыллар. Онуоха “Мой налог” сыһыарыыга эбэтэр итинник ааттаах веб-страницаҕа киирэн регистрацияланан баран, хас биирдии эпэрээссийэни онлайн-чек быһыытынан киллэриэхтээхтэр. Ый бүтүүтэ “Мой налог” уопсай суумаҕытын ааҕан таһаарыа, итинтэн хас нолуогу төлүүргүтүн суоттаан биэриэ. Ол туһунан илдьит ый хас 12-с күнүгэр кэлэр, ону 25 чыыһыланы ааспакка төлүөхтээхтэр. Маныаха онлайн-чеккэ биисинэстэрин сүнньүнэн эрэ оҥоһуллубут эпэрээссийэлэри  бэлиэтиэхтээхтэр. Атын дохуоту (холобура, массыына атыылаабыт харчыгытын эҥин) киллэриэ суохтаахтар.

-- Тус дьарыктаах дьон ахсааныгар хайдах киирэбин?

--“Налог на профессиональную деятельность” эрэсиимигэр көһөргө ирдэниллэр: сайабылыанньа, пааспар дааннайа уонна хаартыска. Онуоха, бастатан туран, төлөпүөҥҥэр Арассыыйа нолуогун федеральнай сулууспатын “Мой налог” диэн сыһыарыытын хачайдаан ылан туруоруохтааххын эбэтэр Федеральнай нолуок сулууспатын nalog.ru саайтыгар “Мой налог” диэн веб-страницаны булан регистрацияланыахтааххын.

Аны туран, урбаанньыттар урут төлүү сылдьыбыт нолуоктарын систиэмэлэриттэн бу саҥа эрэсиимҥэ көһөллөрүн туһунан сайабылыанньаны булгуччу нолуок сулууспатын аатыгар суруйуохтаахтар. Сэрэппэккэ уларытар түгэннэригэр,  регистрациялара уһуллар.

- Ирина Сергеевна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.

Дьокутаат санаата

Родион Зорин, Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктаны сайыннарыыга кэмитиэтин чилиэнэ:

- Бу нолуок ханнык да учуокка суох бэйэ тус дьарыктаах дьоҥҥо туһаайыллар. Эксперимент курдук киирэр нолуок, онон булгуччулаах буолбатах, баҕа өттүнэн туһаныахха сөп. Саҥа эрэсиимҥэ көспөтөх урбаанньыттар нолуоктарын урукку ирдэбилинэн төлүүр эбээһинэскэ хаалаллар.

Чэпчэтиилээх нолуок ыстаапката 4-6 % буолан, дохуоттаах дьарыктарынан туох да куттала, кистэлэ суох үлэлиир кыахтаналлар. Онуоха отчуот, декларация кинилэртэн ирдэниллибэт. Страховой усунуостарын төлөөбөттөр. Ол эрээри социальнай биэнсийэни хааччыныыга баҕа өттүнэн биир кэмнээх угууну оҥороллор. Биирдиилээн урбаанньыттар бу эрэсиимҥэ хаһан баҕар көһөр кыахтаахтар.

 

 

Дьон санаата

        

Акулина, 38 саастаах, муоста сууйааччы:

аччат 1 опросфото 2

- Кэлиҥҥи 2 сылга фанераттан лобзигынан араас сиэдэрэй эркиннэри, араамалары, фотозоналары, интерьер киэргэллэрин оҥорон атыылыыр буоллум. ИП буолбатахпын. Сүрүн үлэм таһынан хобби курдук дьарыктанабын. Үлэлэрбин инстаграмҥа таһаарыахпыттан ыла дьон сакаастыыр буолбута. Ыйга син 40-100 тыһыынчаны аахсабын. Бу эбии дохуоппун ханна даҕаны отчуоттаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, миигиттэн, наһаа улахан барыһы ылбат киһиттэн, бигэ биисинэстээх дьону кытта тэҥ нолуогу төлөттөрүөхтэрэ диэн кистиибин. Ол эрээри ыстарааптыахтара диэн эмиэ куттанабын. Онон бу саҥа эрэсиими сэҥээрдим. “Мой налог” киирэн, сайабылыанньабын биэриэм этэ.

 

Нина, 25 саастаах, оҕотун көрөн олорор:

аччат 2 опрос фото 1

 - Эдэр ыаллар бары да кирэдьииккэ олорорбут буолуо. Ипотекабытыгар ый аайы 32 тыһыынчаны төлүүбүт. Ол иһин эбии харчылаһаары, торт астаан атыылыыр буолбутум. Сорох ыйга сакаас төрүт суох буолар, 20-чэ эҥин устуукуна оҥорооччум. Биирдиитэ 800-1500 солк. Ити сыана торт төһө ыйааһыннааҕыттан уонна киэргэтиитэ уустугуттан тутулуктаах. Бырааһынньыктар саҕана түүннэри-күнүстэри буһаран, ардыгар биир күҥҥэ 10-тан тахсаны атыылааччым. Биллэн турар, инстаграм страницам нөҥүө батарабын. Нолуок эҥин төлөөбөппүн. Ити саҥа эрэсиим туһунан кэргэммин кытта сөбүлэһэн баран, баҕар, сайабылыанньа суруйуохпут.

       

  Рустам, 39 саастаах, урбаанньыт:

аччат 3 опрос фото 2

- Үлэтэ суох кэммэр социальнай хантараагы туһанан, сыбааркалыыр аппарааты ылбытым. Онон ИП буолбутум. Дьоҥҥо олбуордарын ааннарын, ыскамыайкалары, сибэкки уурардары, о.д.а. оҥоробун. Тэрилтэм улуус киинигэр баар буолан, итиэннэ сылаас эрэ кэмҥэ сакаас ылар буоламмын, улахан барыһа суох. Ол эрээри, сыллааҕы нолуокпун төлүү олоробун. Ол иһин бу харантыын кэмигэр ИП буолан бүтэргэ быһаарыммытым. Хата, саҥа эрэсиим туһунан истэн, онно көһөргө сананным. 

Анисия ИЕВЛЕВА.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31