Кыттааччылар ортолоругар Москва, Алтай, Красноярскай, Сочи, Новосибирскай куораттар урбаанньыттара бааллар. Кинилэр табаардара быыстапканы байыталлар.
Ону тэҥэ «Лучшие товары Якутии» куонкурус кыайыылаахтарын уонна «Сделано в Якутии» бырайыак кыттыылаахтарын табаардара кѳрүүгэ тардыллыбыт. «Сардаана» фабрика тикпит кыhыҥҥы атах таҥастара, бэргэhэлэрэ, саҥыйаҕа, ательелар саха национальнай таҥастара, ону таhынан сахалыы киэргэллэр, быhахтар уо.д.а.
«Айар» кинигэ кыhатын бородууксуйата, тутууга уонна ѳрѳмүѳҥҥэ наадалаах тэриллэр, узбекскай тимир быhахтар уонна керамика оҥоhуктар, «Цептер интернациональ» фирма иhиттэрэ, Красноярскай кыраайтан «Маry Design» таҥаhа-саба, Новосибирскайтан «Mertz» хампаанньа маникюрнай-педикюрнай үнүстүрүмүѳннэр, косметика, гиипсэ сувенирдар уо.д.а. Ас-үѳл — мүѳт, чэй, минньигэс ас, тума арааhа, балык, балык искэҕэ атыыга бааллар. «Белокуриха» Алтай мүѳтүн, абхазскай тумалары дьон ордук ылар.
«Якутия Экспо-2023» быыстапка-даарбаҥкаҕа киирии босхо. Киэhээ 19 чааска диэри кэлэн кѳрүѳххэ, сѳбүлээбиккин атыылаhыахха сѳп.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0