— Розалия, бэйэ дьыалатын арыйыыга эйигин туох көҕүлээбитэй?
— Мин элбэх оҕолоох ийэ буолабын. 2014 сыллаахха кэргэммин Дьокуускайга үчүгэй дуоһунаска ыҥырбыттара, онуоха аккаастаммакка көһөн кэлбиппит.
Мин бааҥҥа менеджеринэн үлэлиирим. 2017 сыллаахха кырачааннанан оҕо көрүүтүн уоппускатыгар барбытым. Кэргэним өрүү командировкаларга сылдьара. Мин күнүн ахсын оҕолорбун оскуолаҕа, уһуйааҥҥа хайдах таһарбын толкуйдуурум. Бастакы сылы син аһардыбыппыт.
Улахан ыарахаттары иккис сылбар көрсүбүтүм. Оҕо көрөр уоппускам бүтэн үлэбэр тахсыбытым. Орто кыыһым маҥнайгы кылааска киирбитэ. Икки оҕом икки араас сменанан үөрэнэллэрэ ордук уустуктары үөскэтэрэ. Билэр дьоннорбун, дьүөгэлэрбин оҕолорбун таһалларыгар көрдөһөрүм. Хаста даҕаны биллэрии биэрэн көрбүтүм даҕаны, туһа суох этэ.
Маны көрөн кэргэним Артем: “Оҕолору таһарынан дьарыктанан көр. Атын даҕаны дьон бу кыһалҕаны көрсөллөрө буолуо”, - диэн сүбэлээбитэ. Бастаан утаа дьиксиммитим. Дьон оҕотун таһар хас да төгүл ордук эппиэтинэстээх дии санаабытым. Үлэбэр хамнаһым үрдүгэ, ону эмиэ сүтэриэхпин баҕарбатаҕым. Ол толкуйдуу сылдьар кэммэр, өссө кырачаан киһини күүтэрбин билбитим. Ким, хайдах мин оҕолорбун таһар диэн санааҕа ылларбытым. Улуустан ийэбин көмөҕө ыҥырбытым уонна массыына ыытарга үөрэтэр оскуолаҕа киирбитим. Үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн быраап ылбытым уонна дьэ оҕолорбун бэйэм таһар кыахтаммытым. Маннык 2,5 сыл устата сылдьыбытым.
— Онтон биисинэскэ хайдах кэллигит?
— 2019 сыллаахха мин курдук эмиэ ыгымнык, бириэмэни эккирэтиһиигэ сылдьар, оҕолорун тастарарга көмө көрдүүр ийэлэр биллэриилэрин көрбүтүм. Ол кэмтэн бэйэм атын дьон оҕолорун оскуолаларга, уһуйааннарга таһарынан дьарыктанан саҕалаабытым. Аҕыйах кэм иһигэр олус элбэх сакаас киирэр буолбута, бириэмэбин хайдах даҕаны аттарбытым иһин, барытын толорор кыаҕым суоҕа. Сорох килийиэннэрбэр аккаастыырга күһэллэрим. Онон урбаанньыт буолан бэлиэтэммитим, “автоняня” өҥөтүн оҥорор көмөлөһөөччүгэ наадыйарым туһунан биллэрии биэрбитим. Бастаан утаа иккиэ этибит, кэлин, 2019 сыл бүтүүтэ номнуо уон “автоняня” буола түспүппүт.
Билигин биисинэспит кэҥээн, Арассыыйа үрдүнэн 27 куоракка үлэлиибит, манна уопсайа 300-тэн тахса “автоняня” баар. Саамай элбэх манна, Дьокуускайга – 160.
Биһиги такси өҥөтүн оҥорооччу быһыытынан буолбакка, төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн оҕо көрөөччү курдук бэйэбитин ылынабыт. Төрөппүттэр үлэлэригэр баар кэмнэригэр кинилэр оруолларын толоробут. Дэлэҕэ даҕаны, оҕолор биһиэхэ чүөчэ Наташа, Маша, Рита диэн кэпсэтэллэр. Төрөппүт көрдөһүүтүнэн оҕолору оскуолаҕа, кылааска атаарабыт. Таҥналларыгар тиийэ көмөлөһөбүт.
Бастаан саҕалыырбытыгар маннык улаатыахпыт, кэҥиэхпит дии санаабатаҕым. Кэргэним өйөөн, франшиза тэрийэн, бырагыраамалары оҥорон, күүс-көмө, өйөбүл буолар. Бастаан утаа Дьокуускайга эрэ үлэлиир былааннаахпыт, ол эрэн төлөпүөн сыһыарыытын Гугл-плейга укпуппут кэннэ, Арассыыйа араас муннуктарыттан этиилэр киирэн барбыттара. Ону аһара баран, Европа дойдуларыттан, соҕуруу Америкаттан, Азия дойдуларыттан, Африкаттан, СНГ-тан кытары эрийэллэрэ. Сыһыарыы анныгар кэмэнтээрийдэри көрөн, кэргэним кэҥиэххэ, норуокка бу өҥө наадалаах, туһалаах эбит диэбитэ.
Кырдьыга, боростуой үлэ буолбатах, элбэх сыраны, толкуйу ылар. Ол да буоллар, дьиэ кэргэммин кытары элбэх бириэмэни атаара сатыыбыт.
— Төлөпүөҥҥэ сыһыарыыны арыйар туһунан быһаарыныы хайдах кэлбитэй?
— 2022 сылтан кэргэним Артем миигин кытары бииргэ үлэлэһэр, онон дьиэ кэргэн биисинэһэ буолла. Кини килийиэнннэри кытары үлэлииргэ улахан уопуттаах. Сакаастары ыларга, толорооччуга тиэрдэргэ бастаан утаа диспетчердээх этибит. Олус элбэх сыра-сылба барарыттан, бэйэбит сыһыарыы толкуйдуурга быһаарыммыппыт. Маннык өҥөнү оҥорор дьону булбуппут, баҕа санааларбытын барытын этэн туран ыкса үлэлэспиппит. Сыһыарыы киириэҕиттэн сиэрбиспит өссө күүскэ кэҥээн барбыта. Билигин эбээһинэспит 90% сиэрбис оҥорор. Сакаастары ылар, араарар, тарыыбы олохтуур, төлөтөр. Бу барыта, нууччалыы эттэххэ “сыыппаранан” толоруллар буолла. Онтон сорох чааһын бэйэбит оҥоробут, ол иһигэр суоппардары уонна килийиэннэри кытары үлэ.
Онон сиэрбис үлэлииригэр олус улахан болҕомто уурабыт. Сакаастааччы кыра сыана туруорбут буоллаҕына, туохтан ол тахсыбытын быһаарсабыт, биричиинэтин булан, төрүөтүн суох оҥорорго кыһаллабыт.
— Ийэҕэ көмөлөһөөччүлэри талыы хайдах ааһарый? Туох докумуоннар ирдэнэллэрий?
— Төрөппүттэр саамай күндүлэрин - оҕолорун биһиэхэ эрэнэллэрин, оҕо доруобуйатыгар, уйулҕатыгар куттал суоһаабатыгар үлэлэһэбит, кыһаллабыт. Кырдьык, үлэҕэ ылыахпыт иннинэ бэрэбиэркэ ыытабыт. Бастатан туран ис дьыала хайысхатынан бэрэбиэркэлиибит, сууттана сылдьыбытын, суоҕун туоһулаһабыт. Хандьыдааттар доруобуйаларын эмиэ көрөбүт, бигэргэммит ыспыраапка көрдүүбүт.
Даҕатан эттэххэ, социальнай өҥөнү оҥорор урбаанньыт буоларбынан, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэнэбин.
— Ханнык баҕар биисинэһи бастаан тэринэргэ үп ирдэнэр диэн ылсыан баҕалаахтар даҕаны толлоллор. Эн манна санааҥ?
— Итэҕэйиэххит суоҕа эрээри, мин саҕалыырбар биир даҕаны үбүм суох этэ. Туох баар күүспүн-уохпун, баҕабын ууран туран биисинэс-бырайыагым олоххо киириитигэр үлэлээбитим. Маны тэҥэ, килийиэннэрим олус үчүгэйик сыһыаннаһаллара көмө буолбута. Өҥөҕө наадыйааччылар даҕаны ахсааннара уҕараабат. Реклама оҥорорго даҕаны улаханнык үлэлэспэтэхпит. Дьон бэйэ- бэйэтиттэн истиһэн кэлэ тураллар. Төрөппүттэр махталлара улахан “мотиватор” буолар.
— Өҥөлөргүт туһунан кылгастык сырдатаргар көрдөһөбүн.
— Өҥөлөрбүт ахсааннара элбииригэр өрүү үлэлэһэбит. Бэйэбит испитигэр маркет-плейс арыйбыппыт. Килийиэннэрбит оҕону дьиэҕэ кэлэн көрүү өҥөтүн сыһыарыынан сакаастыахтарын сөп. Маны тэҥэ, сакаастааччы дьиэтин таһыгар “автоняня” баар буоллаҕына, оҕону сатыы атаарыахтарын эмиэ сөп. Дьиэҕэ оҕо көрүүтүгэр олорор ийэлэр маастардары — визажистары, тыҥырах, кыламан, массаас оҥорооччулары, ортопедтары ыҥыраллар. Бу өҥөлөрү эмиэ ийэлэр толороллор. Өҥө биэрээччилэр лисиэнсийэлэрин, мэдиссиинэ кинигэлэрин, өҥө оҥорорго сибидиэтэлистибэлэрин барытын биһиэхэ туттараллар. Ол эрэ буолбаккка, оҕо күүлэйдиир кэлээскэтин, оҕо матараастарын, ороннорун, онтон да атыны уларсык ылыахтарын сөп. Бу өҥөлөр барыта ийэлэргэ олус көмөлөөхтөр.
Манна даҕатан эттэххэ, 14 саастарын туолбут пааспардаах ыччаттар эмиэ көмөлөһөөччү быһыытынан киирэр кыахтаннылар. Бу эмиэ саҥа сүүрээммит буолар.
— Сыралаах үлэҕитигэр эһиэхэ туох күүһү биэрэрий?
— Бэйэҥ сүрэххин дууһаҕын ууран арыйбыт биисинэһин сайдарын көрөн, дьоҥҥо туһалааҕы оҥорортон санаабыт көтөҕүллэр, астынабыт, дуоһуйабыт. Ол иһин сайда турарбыт буолуо дии саныыбын. Туохтан эмит куттал үөскээри гыннаҕына, санааны түһэрбэккэ, бэйэ кыаҕар эрэнии баар буолуохтаах. Маныаха кэргэним Артем миигин олус күүскэ өйүүр. Түгэнинэн туһанан киниэхэ улахан махталбын тиэрдэбин. Онон биисинэс миэхэ билигин сайдыыга суолум, тирэҕим, бу олоххо аналым диэхпин сөп.
- Розалия, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Өссө даҕаны үрдүк ситиһиилэри, махталлаах килийэннэри баҕарабын.
Галина МАТВЕЕВА
Хаартыскалар Николаевтар дьиэ кэргэн архыыбыттан
- 4
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0