Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

От ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө тарыыба, былырыыҥҥы курдук, ортотунан 6% үрдүө.

От ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө тарыыба, былырыыҥҥы курдук, ортотунан 6% үрдүө.

Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Матвеева хомунаалынай өҥөҕө уларыйыылар тустарынан иһитиннэрдэ:

 «Өрөспүүбүлүкэҕэ хомунаалынай өҥөҕө сыана уларыйыытын индексэ от ыйын 1 күнүттэн 6%-ҥа тэҥнэһиэ. Муниципальнай тэриллиилэргэ халбаҥнааһын -- 2,4%. Онон 2022 сыл от ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө төлөбүрүн үрдээһинэ муҥутаан 8,4% буолар ».

Кини бэлиэтээбитинэн, сыанаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэт быһаарыыларынан, электроэнергияҕа тарыып 2021 сыл ахсынньы ыйыгар бигэргэммит. Онно олоҕуран, от ыйын 1 күнүттэн ортотунан 6,1% үрдүө. Үчүгэйэ диэн, тымныы, сылаас уунан хааччылыыга, уу ситимин тардыыга, дьиэни электрическэй уотунан ититиигэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр оҥоһуллар чэпчэтиилээх тарыыптар чэпчэтэр бырыһыаннара улаатан биэриэ.

 «Нэһилиэнньэ туттарыгар айылҕа гааһын сыаната 8,8% үрдүүрэ сабаҕаланар (өрөспүүбүлүкэни гаастааһын бырагырааматын анал эбиилэрин ааҕан туран). Кууһунан төлөнөр сыанатын Арассыыйа монополияны утары сулууспата көрүө. Онуоха анал быһаарыы тахсыа, ол докумуоҥҥа олоҕуран, поставщиктар сыаналарын бигэргэтиэхтэрэ. Баллоннарынан уонна резервуардарынан ылар уматыллыбыт гаас тарыыба 5% үрдүө», — диэн иһитиннэрдэ.

Тарыып үрдээһинин орто индексин ылан көрдөххө:

Дьиэни ититии – 6,0%;

Сабыылаах систиэмэттэн итии ууну туһаныы– 6,0%;

Аһаҕас систиэмэттэн итии ууну туһаныы (слив теплоносителя) – 10,0%; Тымныы уунан хааччыллыы – 7,2%;

Уу ситимин тардыы (водоотведение) – 5,5%;

Дьиэни электрическэй уотунан ититии (электроотопление)

7,0%;

Электрическэй уотунан сылытыныы (электрообогрев) -- 6,0%;

Кытаанах хомунаалынай тобохтор иһин – 3,4%;

Кытаанах оттук (чох) – 2,6%.

«Тарыып үрдүүрүгэр этиллибит индекстэр араастаһыахтара. Ол, бастатан туран, өҥөнү тиэрдээччилэртэн тутулуктаах. Аны, кииннэммит ититии тарыыба килиимэт зоналарыттан эмиэ тутулуктанар. Итинник араас климатическай зоналар Саха Сиригэр биэстэр. Ол эрээри норматив быһыытынан, кыбадыраатынай миэтэрэҕэ төлөбүр барыларыгар тэҥ, арай, оройуоннар группаларыттан уратылаах буолар. Оннук группа икки – тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар оройуоннар уонна бырамыысыланнайдар. Дьокуускай бырамыысыланнай оройуоннарга киирэр», — диэн Саргылаана Матвеева быһаарда.

Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээбитинэн, хомунаалынай өҥөлөргө өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун хабар чэпчэтиилээх тарыыптар олохтоммуттар.

«Сахабыт Сиригэр хомуунаалынай өҥөнү төлүүргэ гражданнарга социальнай өйөбүл миэрэлэрэ ылыллан тураллар. Бары гражданнарга, өскөтүн оннооҕор чэпчэтиллибит тарыыбынан олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүгэр ороскуоттара дохуоттарын 15 % -ын уонна онтон үрдүгү ылар, оттон кыра дохуоттаах дьиэ кэргэннэргэ 0%-15%-ҥа тэҥнэһэр буоллаҕына, аадырыстаммыт субсидиялар көрүллэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, дойдубут ыстандаарынан бу көрдөрүү 22%-ҥа  тэҥнэһэр».

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34