Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Өстөөх үөһүгэр киирэн, тас дойду сирдэринэн сылдьан, киэҥ ыырдарынан тэлэһийэн «дойдум туһа» диэн тобуллаҕас толкуйдарынан, чуҥнуур сатабылларынан, күчүмэҕэй түгэннэргэ үлэлиир үөрүйэхтэринэн, уос номоххо киирбит разведчиктар судургута суох дьылҕалара үгүс дьон интэриэһин тардар. Онтон сахалартан бастакы идэтийбит разведчик ким этэй? Бүгүн хаһыаппытыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фашистары утары киирсибит разведчик, саха Штирлиһэ диэн аатырбыт Георгий Михайлович Андросов туһунан сырдатабын уонна кини хаан-уруу аймахтарын, бииргэ төрөөбүт убайдыы-балыс Анатолий Максимович Мыреев уонна Светлана Максимовна Петрова санааларын ааҕааччыбар тириэрдэбин.

Өстөөх үөһүгэр киирэн, тас дойду сирдэринэн сылдьан, киэҥ ыырдарынан тэлэһийэн «дойдум туһа» диэн тобуллаҕас толкуйдарынан, чуҥнуур сатабылларынан, күчүмэҕэй түгэннэргэ үлэлиир үөрүйэхтэринэн, уос номоххо киирбит разведчиктар судургута суох дьылҕалара үгүс дьон интэриэһин тардар. Онтон сахалартан бастакы идэтийбит разведчик ким этэй? Бүгүн хаһыаппытыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фашистары утары киирсибит разведчик, саха Штирлиһэ диэн аатырбыт Георгий Михайлович Андросов туһунан сырдатабын уонна кини хаан-уруу аймахтарын, бииргэ төрөөбүт убайдыы-балыс Анатолий Максимович Мыреев уонна Светлана Максимовна Петрова санааларын ааҕааччыбар тириэрдэбин.

Байыаннай разведка устуоруйатыгар киирбит албан ааттаах разведчиктар ортолоругар Юлиан Семенов «Семнадцать мгновений весны» романын дьоруойун, полковник Максим Исаев (Штирлиц) прототибынан буолбут Ян Черняк туһунан төһөлөөх элбэх кинигэ суруллубутай, киинэ уһуллубутай. Мантан да атын уос номоҕор киирбит чуҥнааччылар дойдуларын туһугар  тугунан да сыаналаммат кылааты киллэрбиттэрэ.

Ол эрээри, ханнык баҕарар чуҥнааччы тумарык хаххалаах, кистэлэҥ дьылҕалаах буолар. Үгүс разведчиктар ааттара билиҥҥэ диэри аһаҕастык ааттаммат, сорохтору дойдулара бэйэтин ааҕынынан билиммэтэх эбэтэр таҥнарыыга балыйан, хаайыыга укпут түгэннэрэ аҕыйаҕа суохтар. Холобура, биллиилээх разведчик Рихард Зоргены Сэбиэскэй Сойуус 20 сыл устата бэйэтин ааҕынынан билиммэтэҕэ, кэлин өлбүтүн кэннэ 1964 с. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэрэ. Онтон «Кент» диэн агентурнай ааттаах нелегал-разведчик Анатолий Маркович Гуревич 1947 с. таҥнарыыга балыллан, 20 сылга хаайыыга уураахтаммыта уонна 1955 с. амньыстыйаланан босхоломмута. 1958 с. хаттаан хаайыллыбыта, итиэннэ болдьоҕун иннинэ 1960 с. хаайыыттан тахсыбыта уонна 1991 сыллаахха эрэ реабилитацияламмыта.

Бу икки биллэр разведчиктар сырдык ааттара ыраастаммыт буоллаҕына, дойдуларын туһугар өстөөх уйатыгар чуҥнааһыҥҥа олохторун толук уурбут дьон төһө ахсааннааҕа биллибэт. Маныаха, бүгүн сырдатар киһим, разведчик Георгий Михайлович Андросов дьылҕата ону бигэргэтэр.

6_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

1913 с. олунньу 23 күнүгэр Байаҕантай улууһун Баайаҕа-Игидэй нэһилиэгин Эбэ алааһыгар күн сирин көрбүт уолчаан сахалартан бастакы идэтийбит разведчик буолуоҕун, сиэхсит фашистыын өй-санаа, сатабыл-албас күүһүнэн хапсыһыан, өстөөх билиэнин, балыллыы ыар тыынын, концлааҕыр, ГУЛАГ хаайыыларын сорун-муҥун, төрөөбүт дойдуттан арахсыы аһыытын билиэн ким билгэлээн көрбүтэ баарай?!

Георгий аҕата Михаил Егорович Андросов, ийэтэ Христина Иннокентьевна Христофорова эрдэ олохтон туораабыттара. Онон түөрт оҕолорун эбэлэрэ Васса Ивановна уонна эдьиийдэрэ Марфа Иннокентьевна көрөн-истэн, бүөбэйдээн улаатыннарбыттара.

5_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Георгий адьас кыра эрдэҕиттэн байыаннай буолар баҕа санаалааҕа. Онтун ситиһээри, сааһын эбинэн, Саха национальнай байыаннай оскуолатыгар киирбитэ уонна туйгуннук үөрэммитэ. Байыаннай дьыалаҕа дьоҕурдаах уол салгыы Омскайдааҕы байыаннай учуулуссаны бүтэрбитэ.

Георгий Михайлович өйүгэр тутар уһулуччу дьоҕурдааҕа. Аанҕылыйалыы, ньиэмэстии, французтуу холкутук саҥарара. Бу, биллэн туран, чуҥнааһын идэтин баһылыырыгар төһүү күүс буолбута.

1938 с. Уһук Илин уокуругар сулууспатын саҕалаабыта уонна Хасан күөллээҕи иирсээҥҥэ кыттыыны ылбыта. Санатан эттэххэ, Дьоппуон уонна Сэбиэскэй Сойуус сири былдьаһар иирсээннэрэ Хасан күөллээҕи хапсыһыыга тиэрдибитэ, итиэннэ Иккис аан дойду сэриитэ саҕаланыытын биир төрүөтүнэн, аан дойду бэлиитикэтигэр уонна байыаннай туругар улахан содуллаах буолбута. Георгий иирсээн киирсиилэригэр бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрбүтэ, онон инникилээх хамандыыры салалта бэлиэтии көрөн, Москубаҕа М.В. Фрунзе аатынан Байыаннай академияҕа үөрэтэ ыыппыта. Сойуус байыаннай каадырдарын иитэн таһаарар бастыҥ кыһатыгар Георгий ситиһиилээхтик үөрэммитэ уонна 1941 с. бүтэрбитэ.

1941 с. Кыһыл Аармыйа старшай лейтенана Андросов маршал К.Е. Ворошилов ыстаабыгар, Ленинградтааҕы байыаннай уокурук разведкаҕа отделын Иһитиннэриини түмэр пуунун салайааччытын көмөлөһөөччүтүнэн сулууспалаабыта. Онтон өстөөх тыылыгар разведканан уонна диверсиянан дьарыктанар ураты этэрээт хамандыырынан анаммыта. Георгий бу сыл балаҕан ыйын саҥатыгар улаханнык бааһырар. Сыҥааҕын тосту ыттарбыт, өйө суох сытар сэбиэскэй хамандыыры фашистар билиэн ылаллар.

15_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Дьэ, мантан ыла саҕаланар, саха «Штирлиһын» өстөөх үөһүгэр кистэлэҥ чуҥнааһына, эрэйи-муҥу көрүүтэ, өлүүлүүн мөккүспүт уонна кырдьык иһин турууласпыт дьылҕата.

Билиэҥҥэ түбэһэригэр Георгийы фашистар хамыһаар диэннэр ытаары гынан баран ыппатахтар, онтон Латвияҕа «Саласпилс» концлааҕырга угаллар. Официальнай докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, 1942 с. сэтинньи ыйыгар вербовкаламмыт. «Абвер-2» разведоскуолаҕа ыытыллыбыт. Бу разведоскуола Кыһыл Аармыйа тыылыгар чуҥнааһыҥҥа сорудахтары толорор диверсааннары уонна террористары бэлэмниирэ, итиэннэ фашист разведкатын систиэмэтин саамай кистэммит салаатынан буолара. 1944 с. кулун тутарыгар диэри инструктордаабыт, ыстаарсай преподавателлээбит. 1944 с. кулун тутарыттан от ыйыгар диэри Германия разведкатын ааҕыннарын «выходной» лааҕырдарыгар начаалынньыгынан үлэлээбит. Сэбиэскэй Аармыйа кимэн киириитигэр Андросовы разведоскуоланы кытта Германияҕа күрэппиттэр.

Устуоруйаны билбэт киһи бу сыгынньах чахчылары көрдөҕүнэ «таҥнарбыт» диэн хатыылаах тылынан саба кымньыылаан, буруйдуу саныаҕа. Ол эрээри, сэбиэскэй офицер өстөөх уйатын хабар-хаба ортотугар сиэхсит адьарайы кытта күчүмэҕэйдээх алтыһыыттан, дойдутугар бэриниилээх буолуу чиэһин сүтэрбэккэ, ыраас суобастаах тахсыбыта. Маныаха, өстөөҕү иһиттэн урусхаллыыр үлэни ыыппыта. Ол курдук, разведкалыыр ситими олохтообута, Рига олохтоохторун ортолоругар подпольнай бөлөҕү тэрийбитэ. Аҕытаассыйалыыр листиэпкэлэри тарҕатыыны сүрүннээбитэ. Диверсионнай дьайыылары тэрийбитэ. Өстөөх кистэлэҥин арыйар иһитиннэриилэри муспута. Ону сэбиэскэй хамаандыбаньаҕа тиксэрээри хаста да сибээскэ тахса сылдьыбытын итэҕэйбэтэхтэрэ. «Меня готовили советским разведчиком. Сумел проникнуть в систему разведки немцев. Всеми силами старался связаться со своими. Но, увы, наши не отвечали. Таким образом, я стал кустарем-одиночкой», - диэн Георгий Андросов суруйар.

14_copy_copy_copy_copy.jpg

Саха разведчигын кистэлэҥ үлэтэ өстөөҕү биллэрдик атахтаабыта уонна фашистарга уорбалыыр санааны үөскэппитэ. Фашистар Георгий буруйун кыайан дакаастаабатахтара эрээри, Бремен куорат анныгар баар концлааҕырга хаайбыттара. Саха «Штирлиһэ» өстөөх үөһүгэр салгыы үлэлиирэ кыаллыбатын уонна иккистээн эрэлгэ киирбэтин өйдөөн, лааҕыртан күрүүргэ сананар. Икки доҕотторун кытта күрүүр уонна Данияны нөҥүөлээн Бельгия бартыһааннарыгар холбоһор. Санатар буоллахха, Бельгия фашистары утары хамсааһынын Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэмигэр Арассыыйаттан куоппут дьон уонна монархистар төрүттээбиттэрэ. Онон сэбиэскэй киһи, Георгий Андросов бэйэтин ыраастыы аспакка, сымыйа номоҕу толкуйдуурга күһэллибитэ. Номох быһыытынан, Парагвайтан төрүттээх Джорс Андерсен диэн фермер, итиэннэ Эмиэрикэ байыаннай-салгын аармыйатын ытааччытынан буолбута. Бу түгэн туһунан Георгий Михайлович маннык ахтар: «Эту легенду я выбрал себе вот почему. Еще в Академии мы знали о существовании 2-й воздушной армии американских военно-воздушных сил. Эта армия сформировалась из цветных войск. Уроженец из местечка Вилла-Риса, что недалеко от Консепсьона (столица Парагвая), имеющий маленькую плантацию бананов заинтересовал голландцев, т.к. они большие любители бананов. Для этого мне пришлось специально изучать культуру бананов, а сам и в глаза не видел». Георгий Михайлович бельгиецтэргэ итэҕэлгэ киирэн, бартыһаан этэрээтин хамандыырын сүбэһитинэн буолар. Англия сиригэр киирэн эрэ баран, сэбиэскэй офицер буоларын билинэр.

Салгыы саха «Штирлиһэ» Бельгия киинигэр Брюссельга тиийэр. Онно академияҕа бииргэ үөрэммит киһитин, байыаннай атташены, подполковник Михаил Федотовы көрсөр уонна киниэхэ сүбэһитинэн буолар. Федотов көмөтүнэн Андросов сирэйин эпэрээссийэлэтэр, тостубут сыҥааҕын оннугар протез оҥотторор.

1945 с., Улуу Кыайыы кэнниттэн, Парижка тиийэр уонна генерал-майор Василий Драгуну көрсөр. Кини Андросовы Москубаҕа ыытар. Георгийы төрөөбүт дойдутугар Судаарыстыбаннай куттал суох буолуутун министиэристибэтин үлэһиттэрэ көрсөллөр уонна Бутыркаҕа хаайаллар. Андросов дьыалатын иҥэн-тоҥон хаһыспакка, үчүгэйдик үөрэппэккэ эрэ Ийэ дойдуну таҥнарыыга буруйдаан, РСФСР УК 581-с «б» ыстатыйатынан сууттууллар уонна 20 сылга уураахтаан, көннөрөр-үлэ лааҕырыгар хаайаллар. «Чего только не наплели и старались доказать, что я изменник Родины. В конце концов, осталось обвинение, что я кустарь-одиночка, действовал не по инструкции советской разведки, что я как советский офицер не должен был сдаться в плен, а лучше застрелиться», - диэн Георгий Михайлович суруйар.

10 сыл буолан баран, 1956 с. Георгий Андросовы ууруллубут болдьоҕун иннинэ амньыстыйалааннар лааҕыртан босхолууллар. Ол эрээри, реабилитациялаабаттар.

12_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Георгий Михайлович Андросов сымыйанан буруйдаммыт үтүө аата, тэпсиллибит чиэһэ билигин да чөлүгэр түһэ илик. «Пока не реабилитируюсь, я решил на Родину не возвращаться. Такое решение было в первые два года пребывания на Смоленщине. За это время я два раза подавал жалобу на пересмотр дела, на то получил отказы. Я бросил писать жалобу. Мне казалось, что и без реабилитации жить можно. Но когда заинтересовались мои друзья, МОЯ РОДНАЯ ЗЕМЛЯ, я принял иное решение: надо бороться за свое право ˂...˃ Совесть моя перед родиной чиста. Я не стыжусь своего прошлого ˂...˃ Народ меня сам реабилитировал и это не случайно!», - диэн суруйар.

Манна даҕатан эттэххэ, сахалартан бастакы идэтийбит разведчик сырдык аата норуотугар биллэригэр концлааҕырга бииргэ түбэспит доҕоро, ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев, итиэннэ биллиилээх документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильев улахан өҥөлөөхтөр.

9_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Георгий Михайлович хаан-уруу аймахтарыттан, убайдыы-балыс Анатолий Максимович Мыреевтан уонна Светлана Максимовна Петроваттан биллиилээх аймахтарын туһунан ахтан-санаан ааһалларыгар көрдөстүм. Кинилэр Георгий Михайлович бииргэ төрөөбүт эдьиийин Евдокия Михайловна Андросова-Мыреева оҕолоро.

Анатолий Максимович Мыреев кэрэспэдьиэн, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун уонна ДОСААФ чилиэнэ, СӨ буулдьанан ытыыга үтүөлээх тириэньэрэ, сэттэ төгүл Саха АССР рекордун олохтообут биллэр спортсмен: «Мин өйдүүрбүнэн, биһиэхэ таайбыт Георгий Михайлович Омскайтан ыыппыт открыткалара бааллара. Ол аата ийэм байыаннай дьыалаҕа үөрэнэ сылдьар быраатын кытта сибээһи тутара. Дьонум кэпсииллэринэн, таайбыт оҕо сылдьан, атаҕын тоһуппут. Маныаха, эбэбит бэйэтэ эмтээн оһордубута үһү. Кэлин Георгий Михайлович: «Оччолорго эбэм атахпын сатаан эмтээбэтэҕэ буоллар, мин кэлиэкэ буолан, адьас атын дьылҕаланыам эбитэ буолуо», - диирэ үһү. Кини хайдах сулууспалаабытын, бааһырбытын, билиэҥҥэ түбэспитин туһунан олус үчүгэйдик документалист-суруйааччы Д.Н. Гаврильев «Разведчик Адросов Г.М.» диэн кинигэтигэр суруйбута.

10_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

1956 с. таайбыт хаайыыттан босхоломмутун туһунан үөрүүлээх сонуну истибиппит. Куоракка баар аймахтар бары мустаммыт уопсай хаартыскаҕа түһэн, бу үөрүүлээх түгэни үйэтиппиппит. Дьоллоох түгэн тосхойбутунан, ийэм миигин илдьэ өбүгэлэрин дойдутугар, Баайаҕаҕа барарга быһаарыммыта. Дьэ, биһиги үс суукканы быһа айаннаан, аара Игидэйгэ сылдьан, онтон үс солкуобайга ат атыылаһан уонна арыаллааччы булан, Баайаҕаҕа тиийбиппит. Ийэм аты миинэн, онтон мин сатыы хааман айаннаабыппыт. Баайаҕаҕа биһигини улахан Власий үөрэ көрсүбүтэ.

1972 с. атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар мин Москуба уобалаһын Мытищитыгар буулдьанан ытыыга сбордаммытым. Оттон Георгий Михайлович ити сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.  Смоленскай уобалас Сычевка куоратыгар көмүллүбүтэ. Таайбын бүтэһик күннэригэр диэри эдьиийэ Марфа Христофорова көрбүтэ-истибитэ. Кини биһигини кытта чугастык билсибэт этэ, ханна баалларын биллэрбэтэҕэ. Оччолорго Георгий Михайлович олорор сирин билэрим буоллар, хайаатар да тыыннааҕар көрсүөм хааллаҕа.

17_copy_copy_copy.jpg

2016 с. «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрин Гаврил Андросовтыын, Георгий Михайлович уолун көрсөөрү, Омскай куоракка барбыппыт. Онно уола Юрий Георгиевич биһигини үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Салгыы мин таайым үлэлии сылдьыбыт 27-с профтехучуулуссатын дириэктэрин кытары көрсөммүн ирэ-хоро кэпсэппитим. Кини Георгий Михайлович военругунан үлэлээбит кылааһын көрдөрбүтэ. Бу сырыым умнуллубат бэлиэ түгэнинэн буолбута. Билигин биһиги Юрий Георгиевиһы кытта ыкса сибээстэһэбит. Кини 87 саастаах, улахан дьиэ кэргэн амарах аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ. Омскайдааҕы аймахтарбыт бары, кыргыттар кытары, аҕаларын араспаанньатын илдьэ сылдьаллара кинини ытыктыылларын, киэн тутталларын кэрэһилиир.

16_copy_copy_copy.jpg

Баайаҕаҕа мин уопсайа сэттэтэ сырыттым. Бүтэһикпитин, ааспыт сылга балтым Светланалыын уонна кини кыыһынаан Миланалыын бара сылдьыбыппыт. Аймахтарбытыгар Афанасьевтарга түспүппүт. Кинилэр биһигини өбүгэлэрбит олорон ааспыт сирдэринэн, Эбэ алааһынан, Саҥа Олоҕунан сырытыннарбыттара. Георгий Михайлович биир дойдулаахтара кини аатын үрдүктүк туталлар, үтүө тылынан ахталлар, үйэтитиигэ үлэлэһэллэр. Баайаҕа оскуолатыгар буулдьанан ытыыга күрэхтэһиини, байыаннай-патриотическай үлэни тэрийэллэр, лиэксийэлэри, ахтыы тэрээһиннэрин ыыталлар. Былырыын биһиги оскуолаҕа бинтиэпкэ бэлэхтээбиппит. Баайаҕаттан төрүттээх Иван уонна Иннокентий Андросовтар, урукку баһылык Роман Романов көҕүлээһиннэринэн Фрументий, Иван уонна Георгий Андросовтар олорон ааспыт сирдэригэр мемориальнай дуоскалардаах өйдөбүнньүк монолиты туруорбуттара.

18_copy_copy.jpg

Биһиги КГБ, ФСБ архыыптарыгар баар докумуоннары хасыһан, разведчик Георгий Андросов дьыалатын үөрэппит, олоҕун сырдаппыт документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильевка муҥура суох махтанабыт», - диэн кэпсээтэ.

Онтон Анатолий Максимович балта Светлана Максимовна Петрова: «Таайым Георгий Михайлович туһунан мин сүрүннээн дьонум кэпсээниттэн, ыстатыйалартан, ТВ биэриилэриттэн билэбин. Кини олоҕуттан өссө да олус элбэх биллибэт. Сорохтор Георгий Михайлович саха «Штирлиһэ» диэн суруйаллар, атыттар билиэҥҥэ түбэспитин ахталлар. Биллэн туран, элбэх ыйытыылар үөскүүллэр. Таайбытын реабилитациялыыр туһунан ыйытыктар бааллара эрээри, туох төрүөккэ олоҕуран аккаастаабыттара биллибэт. Кини хайдах киһитин, туох буолбутун ырытан элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Ол гынан баран, бүтэһиктээх эппиэт суох. Онон таайбыт туһунан чинчийиилэри эдэр көлүөнэ салгыы ыытарыгар эрэнэбин», - диэн санаатын үллэһиннэ.

7_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

«Как знать, если нашелся бы какой-нибудь объективный писатель, как Смирнов, из числа моих земляков, и мужественно с крупинками искал и доказал бы мою невиновность, может из «врага» сделали если не героя, то близко к нему», - диэн бүгүҥҥү дьоруойум суруйбутугар сигэнэн, маннык эриирдээх-мускуурдаах, киириилээх-тахсыылаах, мындыр өйү, тулууру-дьаныары, сатабылы-албаһы эрэйэр күчүмэҕэй түгэннэрдээх дьылҕалаах Георгий Андросов олоҕун хасыһан үөрэтэр,  сырдык аатын чөлүгэр түһэрэр киһи көстүөҕэр эрэнэ саныахха.

Антонина НЕУСТРОЕВА,

Хаартыскалар Баайаҕа модельнай бибилэтиэкэтин уонна А.М. Мыреев архыыптарыттан

  • 6
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением