Ити иһиттэн 1152 км биһиги өрөспүүбүлүкэбит территориятынан ааһар. Бу суолу 2018 сыллаахтан “Бүлүү” федеральнай суолталаах уопсай туһаныллар массыына суолун управлениета федеральнай хаһыанай тэрилтэ көрөр-истэр.
Гравийы аспаал солбуйда
Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри айанныыр суол гравий этэ. Ардах түстэр эрэ, бадараанынан баһыллара, курааҥҥа быылынан салыннарара.
Кэнники үс сылтан бэттэх «Халыма» федеральнай айан суолун түөрт учаастагар улахан үлэ ыытыллан, 450 км усталаах суол IV тэхэниичэскэй категориянан оҥоһуллан, аспаалынан бүрүлүннэ. Ол иһигэр 160 км усталаах «Аллараа Бэстээх – Чурапчы» суол оҥоһулунна.
Бэдэрээтчиктэр: «Мэҥэ автомагистраллара», «Сельдорстрой» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр, «Саха суоллара» сабыылаах аахсыйалаах тэрилтэ. Барыта холбоон 366 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх суолу аспаалынан бүрүйдүлэр, ууну аһардар 79 турбаны уурдулар, саҥа суол бэлиэлэрин, о.д.а. оҥордулар.
Онон, Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ өр сылларга ыра оҥостубут баҕа санаалара олоххо киирдэ -- Өлүөнэ өрүс кытылыттан Чурапчы сэлиэнньэтигэр диэри аспаал суол тардылынна! Салгыы ытык Таатта диэки куугунуу турда!
Историяҕа киирэр күн
Аспаал суолу арыллыытыгар анаммыт, Чурапчы эрэ буолбакка, илин эҥээр улуустар олохтоохторун өрөгөйдөрүн үөрүүлээх тэрээһинэ алтынньы 7 күнүгэр буолла.
Онно Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов, Суол федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччытын солбуйааччы Игорь Костюченко, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, Ил Түмэн ыччат дьыалатыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев, тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев, “Бүлүү” федеральнай суолталаах уопсай туһаныллар массыына суолун управлениет салайааччыта Николай Андреев, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын олохтоохторо, суол үлэһиттэрэ мустан, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ суолун хаһаайыстыбатын историятыгар эмиэ биир умнуллубат күн буолбутун бэлиэтээтэ:
– Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри суол, аныгы технологиянан оҥоһуллан, үлэҕэ киирдэ. Былаан быһыытынан, бу суол 2025 сылга диэри Ытык Күөлгэ, онтон 2030 сылга диэри Хаандыгаҕа тиийиэҕэ. Алдан өрүһү туоруур улахан муоста тутуллуоҕа. Арассыыйа Федерацятын салалтатын өйөбүлүнэн суолу оҥоруу үлэтэ күүскэ ыытыллар, ити киэҥ-нэлэмэн сирдээх хотугу эрэгийиэҥҥэ суолтата улахан.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыллата 500-чэкэ килэмиэтир суол үлэҕэ киллэриллэр. «Аллараа Бэстээх – Чурапчы» суолун оҥорууга Егор Борисов Ил Дарханынан үлэлиир сылларыгар үгүс сыратын уурбута, ону салҕаан, 2019 сыллаахтан «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ тиһэҕэр тиэрдилиннэ, – диэтэ Ил Дархан.
Национальнай бырайыагынан
Суол федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыны солбуйааччы Игорь Костюченко «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыагынан Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр улахан хамсааһын тахсыбытын, быйыл 15 тыһыынча килэмиэтир суол оҥоһулларын кэпсээтэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин уонна Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэр суолларыгар ураты болҕомтолорун ууралларын, үбүлээһин сыллата эбиллэрин бэлиэтээтэ.
– Ыытыллар үлэ биир холобурун бу бүгүн көрөбүт – Чурапчыга саҥа аспаалламмыт суол аһылынна, кэлэр да өттүгэр бу тэтимҥитин ыһыктымаҥ, – диэн үлэ түмүгүттэн, хаачыстыбатыттан астыммытын биллэрдэ.
Сайдыы тэтиминэн
Федерация Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов этиитин ыраахтан саҕалаата:
– Мин 60-тан тахса сыл устата пассажир да, суоппар да быһыытынан айаннааммын, бу суол тугун-хайдаҕын бэркэ билэбин.
Бу суол дойду историятын кытары улахан ситимнээх. Былыр айанньыттар, атыыһыттар Охотскай муораҕа бу суолунан бараллара-кэлэллэрэ, таһаҕас таһаллара. 1930-с сыллартан саҕалаан, сир баайын туһаҕа таһаарыынан «Дальстрой» тиһигэ тэриллэн, суолу оҥоруу Магадаан өттүттэн саҕаланан, Хаандыгаҕа диэри кэлбитэ. Онтон 1980-с сыллардаахха улуус салалтата туруорсан, бу суол гравийынан кутуллан оҥоһуллубута. Кэлин үйэ уларыйан, олохтоохтор аспаал суолу туруорсар буолбуттара.
Владимир Путин тус дьаһалынан, 2018 сыллаахтан эрэгийиэннэр суолларын-иистэрин оҥорууга, тупсарыыга болҕомто уурулунна. Ааспыт үс сыл устатыгар дойду үрдүнэн 50 тыһыынча килэмиэтир усталаах суол оҥоһулунна, ирбэт тоҥноох Саха Сирэ бу үлэҕэ инники кэккэҕэ сылдьар.
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, чурапчылар уонна мэҥэлэр! Бүгүн биһиги дьолбутугар баҕабыт туолан, аспаал суолунан айанныыр кыахтанныбыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх үлэ бара турар, барар да чинчилээх. Инникитин өссө элбэҕи кыайар кыахтаахпыт, ол иһин бүгүн эһиэхэ туһаайан этэбин: маннык кыайыыларга тиийиэхпитин баҕарар буоллахпытына, Ил Дархаммыт тула түмсэрбит наада. Онон маннык үөрүүлээх күҥҥэ түмсүүлээх буоларга өссө төгүл ыҥырабын. Биһи дьолбут, биһиги кыайыыбыт – сомоҕолоһууга!
Сиэдэрэй стела
Чурапчы улууһа Мэҥэ Хаҥалас улууһун кытары быысаһар сиригэр «Саха-сталь» тэрилтэ (дириэктэр Феодосий Федосеев) оҥорбут төгүрүк быһыылаах тимир стелата турар.
Стела Чурапчы төгүрүк алаастардааҕын, спорт туоната буоларын көрдөрөн, олимпийскай мэтээли санатар, Чурапчы тоҕус томтордооҕун бэлиэтигэр тоҕус сүһүөхтээх. Онон, Чурапчы диэкиттэн айаннаан кэлэр дьону тустуу көбүөрүн кытары олимпийскай мэтээл уруйдуур, оттон Мэҥэ Хаҥалас өттүттэн тиийээччилэри алаас үрдүнэн тэмтэйэ ойбут күн айхаллыы көрсөр.
Бырайыагын быһыытынан, стела икки өттүттэн электро-уотунан сырдатыллыахтаах эбит, ону тутааччылар саас, халлаан сылыйдаҕына, ситэрэр санаалаахтар.
Аартык алгыһын күнэ
Михаил Гуляев, Ил Түмэн ыччат дьыалатыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Чурапчы дьоно ыра санаа оҥостубут баҕабыт туолла, Чурапчыга аспаал суол кэллэ! Урут суол-иис мөлтөх, сырыы суох буолан эрэй бөҕөтүн көрөрбүт. Гравий суол оҥоһулла илик кэмигэр, онно буксуйан, манна батыллан, үс суукка айаннаан тиийиллэрэ, ону билигин баара-суоҕа 1 чаас 45 мүнүүтэнэн сырылатар буоллубут. Ити иһин, бастатан туран, убайбытыгар, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн, Ил Дарханынан үлэлии олорон, суол оҥоһуутугар улахан болҕомтотун уурбут Егор Афанасьевичка махтанабыт. Кини саҕалаабытын салҕаан, олоххо киллэрбит Айсен Сергеевичкэ махтанабыт. Дойду үрдүнэн суол-иис инфраструктуратын тупсарыыга ахсаабат кыһамньытын уурар Бэрэсидьиэн Владимир Владимировичка махтанабыт.
Суол аһыллар үөрүүлээх күнүгэр тураммын, мин 1980 сыллаахха абитуриенныы сылдьаммын, суол алдьанан, сырыы суох буолан, доҕорбун Владимир Сивцевы кытары Аллара Бэстээхтэн Мугудайга диэри сатыы айаннаабыппын санаатым. Алтынньы 7 күнэ болдьообут курдук, саха өйдөбүлүнэн, Аартык алгыһын күнэ, иккиһинэн Бэрэсидьиэн Владимир Путин төрөөбүт күнэ этэ. Аспаал суолу арыйыыга анаммыт үөрүүлээх сабыытыйа ити бэлиэ күннэри кытары алтыспыта мээнэҕэ буолбатах.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0