Онно гражданнарга юридическэй кѳмѳнү оңорорго искусственнай интеллект технологията туттуллар буолуоҕа диэн этилиннэ.
Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ «Правовой кѳмѳ» информационнай систиэмэ киллэриллибит. ВПРАВЕ.РФ (https://вправе.рф) ресурс толору үлэтинэн, босхо юридическэй кѳмѳнү биэрииттэн саҕалаан, 10 пилотнай эрэгийиэннэр хайыы үйэ туhаныахтарын сѳп: Татарстан, Краснодарскай кыраай, Кемеровскай, Иркутскай, Курскай, Московскай, Ростовскай, Смоленскай, Тамбовскай уонна Ульяновскай уобаластар. Атын эрэгийиэннэр олохтоохторо билиңңитэ справочнай юридическэй информацияны кытта билсэр кыахтаахтар, кини араас олох ситуацияларыгар наадалаах буолуон сѳп.
2023 сылга бу информационнай систиэмэ үлэтин географиятын кэңэтэргэ үлэ салҕаныаҕа.
Кэлэр 2023 сылга РФ алта субъегар Госуслуга порталыгар «Нотариус приемыгар суруйтарыы» электроннай сервис киллэриллэрэ былааннанар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0