Хаһан эрэ Ботаническай саадка матырыйаал оҥоро бара сылдьан биологическай наука кандидата, старшай научнай үлэһит Варвара Васильевна Семенованы кытары кэпсэтиибэр, кини: “Төһөнөн хоту диэки баран иһэҕин да, оччонон үүнээйилэр биологическай эттиктэрэ, састааптара быдан күүстээх буолаллар. Ол эттиктэр атын сылаас килиимэттээх сирдэр үүнээйилэриттэн күүстээх буолалларын биһиги уларыйымтыа килиимэппит хааччыйар. Күнүспүт итиитэ, түүммүт тымныыта, сайыммыт сырылас куйааһа, кыһыммыт томороон тымныыта быһаарар оруоллаахтар. Биллиилээх учуонайдар криолитозона усулуобуйатыгар үүнэр үүнээйилэри үөрэтэн, чинчийэн баран, оннук түмүккэ кэлбиттэр”, — диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын. Ол аата Саха сиригэр үүнэр сир аһа эмиэ битэмииннэрэ соҕуруу үүнэр отоннордооҕор быдан туһалаах.
Маннык санаалаах Алдан суолунан сугуннуу айаннаатыбыт.
Сир аһын хомуйуу болдьоҕо кытаанахтык тутуһуллуохтаах Бу болдьоҕу тустаах судаарыстыбаннай биэдэмэстибэ олохтуур. Ол курдук, быйыл Экология министиэристибэтэ сир аһын хомуйуу болдьоҕун туһунан дьаһал таһааран турар. От ыйын 15 күнүттэн Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Чурапчы улуустарыгар дьэдьэни уонна хаптаҕаһы хомуйуу көҥүллэнэр. Сугуну — от ыйын 20 күнүттэн. Моонньоҕону хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн хомуллар, Бүлүү бөлөхтөргө бу сир аһа атырдьах ыйын ортото ситиэҕэ.Уулаах отону атырдьах ыйын 25 күнүн кэнниттэн хомуйуу көҥүллэнэр. Хоту улуустарга уохтаны атырдьах ыйын бастакы декадатыттан үргүүр сөптөөх. Биэ эмийэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар тарҕаммыт сир аһа. От ыйын 18-20 күннэригэр хомуйуллуохтаах.
Сугун мыраан сииктээх тэллэҕэр, күөл кытыытыгар, маарга, намыһах сиргэ үүнэр. Бэс ыйын иккис аҥаарыттан сибэккилэнэр. От ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйын саҕатыгар ситэн, халлаан күөҕэ өҥнөөх буолар. Сугуну кураан күҥҥэ хомуйаллар. Эмкэ-томко сугун отонун да, сэбирдэҕин да тутталлар. Сугуҥҥа фолиевай кислота баар.
Ол курдук, биһиги субуота сарсыарда Нерюнгрилыыр суолунан айаннаан, Хаҥалас улууһун ааһан, Алдан оройуонун кыраныыссатыгар тиийдибит. “Өлүөнэ” федеральнай суол өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ тыраассатынан буолара саарбаҕа суох. Федеральнай суолу аспаалынан бүрүйүү үлэтэ 2022 сылга түмүктэниэхтээх. Билиҥҥитэ суол Аллараа Бэстээхтэн Алдаҥҥа диэри остуол ньуурун курдук аспаалынан бүрүллүбүт. Онон айан сылаатын да билбэккэ хаалаҕын. Дьэ, ол курдук тиийиэхтээх сирбитигэр кэлбиппит Алдан хара тыатын сугунуттан бэриһиннэрэ кэлбит дьон элбэх буолан биэрдэ. Хоно сытан хомуйаллар эбит. Онно-манна балааккалар, массыыналар тураллар. Биһиги эмиэ биир сиргэ олохтонон баран, тыаҕа таҕыстыбыт. Дьон сылдьыбыта биллэр, отонноох ук аҕыйах, онон хаалларбыттарын үргээтибит. Ол эрээри, “отонноотоххо оҥоойук туолар” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьоҕус иһиттэрбитин толорон, олус дуоһуйан киэһэ дьиэбитигэр айаннаатыбыт.
Кылгас сайыммытыгар баай хара тыаҕа үүнэр сир аһыттан бэриһиннэрэн, уһун кыһыммытыгар битэмиининэн хааччынар олус үчүгэй буоллаҕа. Маныаха айылҕаттан ылар эрэ туһунан толкуйдаабакка, сир аһын хомуйарбытыгар сири-уоту наһаа тэпсибэт, киртиппэт курдук дьаһанан сылдьыахпытын наада.
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0