Саха суруналыыстыкатын Далбар Хотуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, “Гражданскай килбиэн” хаһаайына, 50-тан тахса сыл “Бэлэм буол”-“Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова төрөөбүт Бүлүүтүгэр киниэхэ аналлаах искибиэр аһылынна. Пааматынньыгын скульптор Николай Чоччасов оҥордо, Бүлүү улууһун педагогтара үбүлээннэр.
Айар тыл аҕата, бөлүһүөк, учуонай, фольклорист А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт Дьохсоҕонугар суруйааччы бүүстээх, фонтаннаах, банаардаах остуолбалардаах, ыскамыайкалардаах, кырасыабай көстүүлээх искибиэр аһылынна.
Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Албан аат ыллыга» искибиэр аһылынна. Күүкэй нэһилиэгин бастакы ыстаарыстата, нэһилиэк бочуоттаах инородеһа, мецената, атыыһыта Никита Афанасьевич Самсонов уонна РАН Саха сиринээҕи салаатын академига, экэнэмиичэскэй наука дуоктара, бэрэпиэссэр, РФ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ Наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Егор Григорьевич Егоров бүүстэрэ турдулар.
Хаҥалас улууһун “Төхтүр” спортивнай-сынньанар комплекс сиригэр-уотугар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайбыт саха саллаатыгар өйдөбүнньүк мэҥэ баар буолла. Скульптордар Николай Чоччасов уонна Владимир Левин боруонсаттан кутан оҥордулар. Пааматынньыкка Төхтүр нэһилиэгин киэн туттар киһитэ, бойобуой наҕараадалардаах хорсун саллаат, пулемётчик, РСФСР үтүөлээх булчута Абрам Степанович Ильини дьүһүйэн көрдөрбүттэр.
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр ийэлэргэ аналлаах искибиэр аһыллыыта Ийэ күнүгэр буолара былааннанар. Бу түһүлгэ -- Сииттэ оскуолатын үөрэнээччилэрин бырайыага (салайааччы А.Г. Сидорова). Дьоруой ийэлэр ааттарын үйэтитээри, маннык бэртээхэй идиэйэни толкуйдаабыттар. Олохтоох дьаһалта хамыыһыйатыгар ситиһиилээхтик көмүскээн, билигин олохтоох уустар Н.Ф. Тимофеев уонна С.С. Винокуров оҥоро сылдьаллар.
Өймөкөөн улууһун II Бороҕон нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама чэрчитинэн саҥа искибиэр тутулунна. Эдэр урбаанньыт Евгений Заболоцкай олохтоох ыччаты кытта кылгас кэм иһигэр оҥордулар. Бу тутуу “Халыма” федеральнай тыраасса кытыытыгар турар “Тымныы полюһа” стеланы уонна учуонай, чинчийээччи, уһулуччулаах географ Сергей Обручев төрөөбүтэ125 сылыгар анаан туруоруллубут бүүһү холбоон биэрэр.
Таатта улууһун Харбалаах Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан оскуолатын иннигэр норуодунай суруйааччы бүүһэ турда. Бу бэртээхэй бүүһү оҥорторор бачыымы 1975 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр көтөхпүттэр. Харчынан кыттыһан, бэйэлэрин холобурдарынан дьону көҕүлээн, улуу биир дойдулаахтарын сырдык мөссүөнүн үйэтиппиттэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Биэ Өлбүт сайылыгар II Мөҥүрүөн нэһилиэгин А.И. Микоян аатынан холкуоһун дьонун-сэргэтин үтүө ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк аһыллыыта буолла. Пааматынньык архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһуллубут. Тэрийэр хамыыһыйа сүүрэн-көтөн, улуус дьаһалтатыттан 99 тыһ. солк. көмөлөһүннэрбит. Онтон атын үбүн бу холкуостан төрүттээхтэр кыттыһан биэрбиттэр.
Кэбээйи улууһун Кировскай нэһилиэгин дьаһалтата РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын кытта үлэлэһэн, гражданскай сэрии саҕана Суол Биллиилээххэ дьоруойдуу охтубут чекистэргэ анаммыт өйдөбүнньүгү Сиэгэн Күөл «Албан аат» искибиэригэр туруордулар.
Уус Алдан улууһун Курбуһаҕын Хамыдал сайылыгар “Кыайыы уордьана” диэн өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла. Олохтоох уус М.М. Решетников оҥордо.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0