Биэнсийэ пуондатын эйгэтигэр өссө киэҥ хабааннаахтык сыыппаралааһын (цифровизация) киириэҕэ: докумуону оҥоруу уонна биэнсийэни тириэрдии курдук кэккэ өҥөлөр электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллуохтара. Итинтэн да атын уларыйыылар тустарынан «Московскай» диэн порталга эспиэрдэр кэпсээбиттэриттэн сырдатыам.
Добуочча үрдүөҕэ
Саҥа сыл бастакы ыйа былааннамматах сынньалаҥтан саҕаланыа – эпидемиологическай балаһыанньа ыараханынан, Бэрэсидьиэн Владимир Путин сааһынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ тохсунньу 1-кы күнүттэн страховой биэнсийэ кээмэйин 5,9 % үрдэтэргэ соруйбут. Индексация сааһынан биэнсийэни эрэ буолбакка, инбэлиитинэн, итиэннэ иитээччитин сүтэрбитинэн төлөбүр ылааччылары эмиэ таарыйыа.
Ол курдук, социальнай биэнсийэлэр муус устар 1-кы күнүттэн үрдүөхтэрэ. Биэнсийэ кээмэйэ тута 7,7 % эбиллиэ. Санатан эттэххэ, кэнники сылларга бу муҥутуур көрдөрүү буолар. Соччо бырыһыан судаарыстыбаннай биэнсийэлэр үрдүөхтэрэ. Атырдьах ыйыттан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ сыл устата мунньуллубут страховой чаастарыгар ааҕаллыбыт баалларын суотугар төлөбүрдэрэ эбиллиэ. Ол эбиллии муҥутаан 296,58 солкуобайга тэҥнэһиэ.
Алтынньы 1-кы күнүттэн байыаннайдарга биэнсийэлэрэ 4 % үрдүөҕэ. Индексация ис дьыала министиэристибэтин, буруйдааһыны толорор федеральнай сулууспа, суут бириистэптэрин, Росгвардия, Роспожарнадзор биэнсийэлээхтэрин таарыйыа. Балар биэнсийэлэрэ хамнастарын акылааттыттан быһаччы тутулуктаах. Билигин биэнсийэлэрин кээмэйэ хамнастарын 73,68 %-ныгар тэҥ.
– Ити эбиилэри бүддьүөккэ биэнсийэлээхтэри өйөөн көрүллэр үбүлээһиҥҥэ саҥа саҕалааһын, киирии чаас эрэ курдук ылыныахха сөп. Харчы тыырар-хамсатар былааспыт саастаах дьоҥҥо кэппиэйкэни да эбии биэрэрин ыарырҕатара, оттон дуоллары, евроны атыылаһыыга сүүһүнэн мөлүйүөн солкуобайы ороскуоттуура олус хомолтолоох. Индексация инфляцияҕа сөп түбэспэт буолуута улаатан иһэр. Ол иһин биэнсийэҕэ 1000 солкуобайы эбии туох да улахан оруола суох курдук. Төрүт сокуоҥҥа олоҕуран, биэнсийэни, саатар, 10 % үрдэтиэ эбиттэр. Уонна ону судургу формуланан ааҕыыга төннүөххэ наада. Арассыыйаҕа биэнсийэ алын кээмэйэ 40000 солкуобай буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кырдьар сааскар эмкин ылынаргар, ханна эмэ сынньанаргар харчыланаҕын, бэйэҕин сэнэнэ санаммат буолаҕын, – диэн быһаарар үп коммуникациятын бастыҥ менеджерэ Андрей Лобода ырытар.
Мунньунуу биэнсийэни төлөөһүн
2022 сылтан 1967 сыл төрүөх дьахталларга мунньунуу биэнсийэлэрин төлөөн саҕалыахтара. Төлөбүр суумата мунньунуу биэнсийэни үбүлүүргэ туһуламмыт усунуос кээмэйиттэн, итиэннэ инвестиционнай дохуоттан тутулуктаах буолуоҕа. Төлөбүр орто кээмэйэ 2613 солкуобайга тэҥнэһиэ.
Мунньунуу биэнсийэ кээмэйин судаарыстыбаннай өҥө саайтыгар киирэн билиэххэ сөп. Өскөтүн эн мунньунуу биэнсийэҥ РФ биэнсийэтин пуондатыгар оҥоһуллубут буоллаҕына, тус счеккуттан быыпыска көрдөөн ылаҕын. Эбэтэр судаарыстыбаннай буолбатах биэнсийэ пуондатыгар мунньар буоллаххына, ол саайтыгар тус кэбиниэккэр киирэн бэрэбиэркэлиигин. Ону тэҥэ «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин өҥөтүнэн туһаныаххын сөп. Олор эмиэ этэллэр.
– Страховой усунуос 6 %-на мунньунуу биэнсийэҕэ түһэрин элбэх дьон билбэт даҕаны. Уопсайынан, ити үп үстүрүмүөнэ киэҥник тарҕаныах тустаах. Онуоха тустаах ньыма көдьүүстээх буолуута судаарыстыбаннай буолбатах биэнсийэ пуондалара үлэлэрин туох да албына-көлдьүнэ суох дьэҥкирдик көрдөрөллөрүттэн, итиэннэ эстибэккэ сайдан иһэллэриттэн тутулуктаах. Билиҥҥитэ оннук буолбатах. Солкуобай сыаната наар түһэриттэн уонна үрүө-тараа барбыт инфляцияттан сылтаан мунньунууга барар харчы ардыгар умайар, ааҕыллыннаҕына да, олох дуона суох аҕыйах буолар. Ону өйдүүр тоҕоостоох. Саамай хомолтолооҕо диэн, биһиги судаарыстыбаннай буолбатах биэнсийэ пуондаларбыт дохуоттарын официальнай инфляцияттан кыранан көрдөрөллөр, ол улаханнык охсор – диэн Андрей Лобода мунньунуу биэнсийэ туһунан кэпсиир.
Тыа сиригэр үлэлээбиттэргэ
Суолталаах уларыйыылар тыа сиригэр олорор биэнсийэлээхтэри таарыйыа. Өскөтүн кинилэр 30 эбэтэр онтон элбэх сыл тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбит буоллахтарына, биэнсийэлэригэр 25 % эбиллэр. Урукку өттүгэр куоракка көһөн киирдэхтэринэ, ол эбии бырыһыаннара сотуллан хаалара. 2022 сыл тохсунньу 1-кы күнүттэн оннук сотуу бобуллар.
– Тыа сирин биэнсийэлээхтэрин бырааптарын быһыы тохтотулунна. Эрдэ даҕаны ити систиэмэ балачча дьикти этэ. Тыа сиригэр олохдьаһах уонна социальнай усулуобуйа ыарахана биллэр. Ол иһин киһи онно үлэлээбит сылларын иһин эбии төлөбүрэ, куоракка оҕолоругар көспүтүн да үрдүнэн, оннунан хаалыахтаах. Мэтээл икки өрүттээҕин курдук, биир өттүнэн ити саҥа сокуон саастаах дьону тыа сириттэн көһөргө көҕүлүүр. Оччоҕо тыа сиригэр ким хаалар? Кистэл буолбатах, үгүс дэриэбинэ кырдьаҕастар баар буолан тыыннаах. Ол эрээри тус бэйэлэрин иннилэрин саныыр буоллахха, кырдьыыларыгар куоракка киирэн, олорор усулуобуйалара тупсара, толору хааччыллыылаах сылаас дьиэҕэ олороллоро, хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаналлара бэрт бөҕө буоллаҕа дии, – диэн TeleTrade кылаабынай аналитига Марк Гойхман санаатын үллэстэр.
Толкуйданарга бириэмэ баар
Эһиилгиттэн 40 саастарын ааспыт дьахталларга, итиэннэ 45-тэрин ааспыт эр дьоҥҥо мунньуммут биэнсийэлэрин сууматын иһитиннэриэхтэрэ, итиэннэ ый аайы ылыахтаах страховой биэнсийэлэрин кээмэйэ быһа холоон төһө буоларын суоттаан биэриэхтэрэ. Бу туһунан «Альпари» ИАК ыстаарсай аналитига Анна Бодрова сиһилии быһаарар:
– Инникитин ылыахтаах биэнсийэҥ туһунан иһитиннэрии — интэриэһинэй сонун хардыы. Бу информативнай суолталаах дьаһал: нэһилиэнньэ мунньунуута төһөтүн билэн, биэнсийэтин дохуотун салгыы хайдах элбэтэрин толкуйдууругар бириэмэлээх буолар. Иһитиннэриигэ биэнсийэ кээмэйэ ортотунан 11,5-16,5 тыһыынча солк. буолуо. Биллэн турар, ити суума кими да үөрдүбэт, ол эрээри нэһилиэнньэ судаарыстыбаҕа эрэммэккэ, биэнсийэтин туһугар бэйэтэ кыһаллыахтаах, ону өйдүүр кэм кэллэ. Кырдьар сааскар элбэх дохуоттанар инниттэн, харчыгын чааһынай инвестицияларга, сыаналаах металларга угуоххун, араас валюталары, кумааҕылары атыылаһыаххын, итиэннэ хамсаабат баайга ууруоххун сөп.
Иэстэн босхолонуу
Тохсунньу 1-кы күнүттэн суут бириистэптэригэр моҥкуруут барбытын дакаастаабыт киһи биэнсийэтиттэн төлөөбөтөх иэһин аны тутан тохтууллар.
– Бу саҕалааһын олус үчүгэй. Онто да суох кыра кээмэйдээх биэнсийэттэн иэс харчытын тутуу саастаах киһини кумалаан олоҕор күһэйэр. Ханнык да түгэҥҥэ киһини аччыктаан өлөр уонна тыыннаах хаалар икки ардыгар хаалларыа суохтаахтар. Харчы хомунаалынай төлөбүрү төлүүргэ, эмп, ас уонна күннээҕи туттар малысалы атыылаһарга тиийиэхтээх. Быраабыла быһыытынан, биэнсийэлээхтэн иэһин иһин харчытын да, кыбартыыратын даҕаны тутуо-ылыа, арестыа суохтаахтар. Үксүгэр кинилэр олорор дьиэлэрэ соҕотох хамсаабат баайдара буолар. Кыһалҕа сытар манныкка: бааннар кирэдьиит биэрэллэрин ыарырҕаталлар, ол иһин биэнсийэлээхтэр кыра үп тэрилтэлэриттэн, ардыгар «хара бырыһыаннааччылартан» эбэтэр онно ханыылыы түөкүттэртэн улахан бырыһыаҥҥа ылаллар. Дьэ, ону сатаан төлөөбөккө, иэдээннээх хабалаҕа киирэллэр, – диэн РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн Үп университетын бэрэпиэссэрэ Алексей Зубец биэнсийэлээхтэр биир тыын кыһалҕаларын уот харахха эттэ.
Саҥа сүүрээннэр
Өлбүт киһи нэһилиэнньиктэрэ кини биэнсийэтин ылар боппуруостара быһаарылынна. Мантан ыла нотариус көрдөбүлүнэн Арассыыйа биэнсийэҕэ пуондата утумнааччыларга биэнсийэлээх ситэ ылбатах төлөбүрэ төһө хаалбытын туһунан ыспараапка биэрэр буолар. Биэнсийэни биэрии хаамыыта судургу уонна өйдөнүмтүө буолуо: харчыны ыларгар бастаан сайабылыанньа суруйан, биэнсийэ пуондатыгар тиксэрэҕит. Сайабылыанньа элекроннай буолара көҥүллэнэр.
Тохсунньу 1 күнүттэн Дьарыктаах буолуу киинэ үлэ көрдөһөр киһиэхэ үлэ миэстэтин сатаан булан биэрбэтэҕинэ, ол киһи биэнсийэҕэ 2 сыл урутаан тахсыан сөп буолар. Онуоха дьахталлар 20 сыл, эр дьон 25 сыл үлэ ыстаастаах буолуохтаахтар.
80 саастаах киһи ханнык биэнсийэтин бэйэтэ талар бырааптанар: сааһынан ааҕыллар биэнсийэни дуу, биитэр аһатааччыта (кормилец) суох буолбутунан дуу. Маныаха хайата үрдүгүн учуоттуохтаах.
Социальнай төлөбүр
Кэлэр сылтан матырыйаалынай өттүнэн кыаллыбат биэнсийэлээхтэр, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр эппиэттэһэр гына, биэнсийэлэригэр социальнай эбии төлөбүр ылыахтара. Тохсунньу 1 күнүттэн төлөбүрү ылалллар. Онуоха сайабылыанньа суруйуу уонна ханнык эмэ докумуону туттарыы ирдэммэт.
– Тииһинэн олоруу алын кээмэйэ диэн киһи тыыннаах олороругар туох наадатынан суоттаммыт сууманы ааттыыллар. Биэнсийэ онтон кыра буолуо суохтаах. Итини судургутук уонна сиэрдээхтик өйдүөххэ наада. Биэнсийэлээх тииһинэн олоруутун кээмэйэ ити ирдэбиллэргэ төһө эппиэттиирин аахсыбакка, эбии төлөбүрүнэн хааччыйыах тустаахтар, – диир Марк Гойхман.
Түмүккэ биэнсийэ эйгэтигэр эһиилги сыллааҕы уларыйыылары уопсай ылан көрөр буоллахха, сүрүннээн үчүгэй сүүрээннэр киирээри тураллар. Ол гынан баран, биэнсийэ кээмэйин үрдээһинин кытта, Андрей Лобода курдук, сөпсөспөппүн. Чахчы даҕаны, Төрүт сокуоҥҥа олоҕуран, саатар, 10 % үрдэтэллэрэ буоллар, син биллэр гына эбиллиэ этэ. Оттон ол биир тыһыынча солкуобайдара маннык балысхан инфляция кэмигэр муораҕа хааппыла буоллаҕа. Онон үтүө саҕалааһын салгыы эбиллиинэн салҕаннар...
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0