Уhун тохтобул кэнниттэн тыйаатыры таптааччылар бастыҥ испэктээктэри кѳрүѳхтэрэ. Репертуарга Н. Якутскай «Тѳлкѳ», И. Гоголев «Дыгын Дархан», И. Алексеев «Суоhалдьыйа Толбонноох» айымньыларынан, “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйанан туруоруулар бааллар.
Онон бу саас Бүлүү, Үѳhээ Бүлүү, Сунтаар, Майа, Бороҕон, Нам сс. олохтоохторун Саха тыйаатырын ускуустубатын кытта кѳрсүhүү дьоро күннэрэ күүтэллэр.
Билиэттэри эрдэттэн sakhatheatre.ru сайтан ылыахха сѳп.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
1