Оҕолор номнуо бэйэлэрэ сценарий суруйан, кылгас киинэни устарга холонон көрдүлэр. Соторутааҕыта Дьокуускайга буолан ааспыт VII аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кытыннылар.
Талааннаах продюсер
Сардаана Саввина киинэ устарга продюсер идэлээх, биир кэмҥэ «Сахафильм» дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыта. Билигин «Саха Синема» продюсера, АГИКИ киинэ салаатын салайааччыта. Уонтан тахса сыл саха киинэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарарга, элбэх көрөөччүгэ билиһиннэрэргэ үлэлэспитэ.
«Царь птица», «Надо мною солнце не садится», «Не хороните меня без Ивана» курдук көрөөччү биһирэбилин ылбыт киинэлэри продюсердаабыта. Дмитрий Давыдов бастакы киинэлэрэ улахан экраҥҥа тахсалларыгар, кинотеатрга тобус толору киһини мунньарга ааптарга, режиссерга, көрөөччү интэриэһин тардарга кини өҥөлөөх.
Сардаана ХИФУ-га омук тылын салаатын бүтэрбитэ, ону таһынан, киинэ уонна литература магистратуратын баһылаабыта, кини биир сиргэ олорон хаалбакка, араас куурустарга үөрэнэр, билиитин хаҥатар дьүккүөрдээх. Продюсер быһыытынан кэнники кэмҥэ «Легенды вечных снегов” диэн Алексей Романов киинэтин таһаардылар. Бу “Мааппа” диэн Николай Заболоцкай кэпсээнинэн уһуллубут дыраама уонна миистикэ холбоспут киинэтин салгыыта.
Санатан эттэххэ, сүрүн дьоруой Ылдьаа айаннаан иһэн быраҕыллыбыт өтөххө хонон ааһар. Арай онно эргэ дьиэ эмискэ сырдыы, тупса түһэр уонна көрүөхтэн кэрэ көрүҥнээх кыыс тахсан кэлэр. Ылдьаа кыыһы көрөөт да тута таптаан кэбиһэр, ол эрэн хас да хонон баран, Мааппа былыр олохтон туораабыт эрээри, киһилии хараллыбатаҕын туһунан этэр. Кыыс көмүс уҥуоҕун уол сиргэ харайарыгар көрдөһөр.
Ылдьаа куттанан куотан хаалар, оттон киинэ салгыытыгар 30 сыл тухары Мааппа көрдөһүүтүн толорбокко сылдьарыттан суобаһыгар оҕустарар. Оннооҕор аатын кытта уларытар. Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, уол баай киһиэхэ кэргэн тахсыахтаах эбэҥки кыыһын арыаллаан илдьиэхтээх уонна айаннаан иһэн Мааппа дьиэтигэр хонуохтаахтар...
Бу киинэ Бишкек куоракка ыытыллыбыт киинэ бэстибээлигэр быйыл бастыҥ киинэ аатын ылбыта. Бэстибээлгэ араас дойдуттан 200 кыттааччы 30 киинэни көрдөрбүтэ. Дьүүллүүр сүбэ саха киинэтин үрдүк таһымын бэлиэтээбитэ.
Ол иннинэ Сардаана «Холодное золото», «Ийэкээм», «Костер на ветру» о.д.а. киинэлэри киэҥ эйгэҕэ продюсер быһыытынан таһаартаабыта.
Креативнай индустрияҕа үлэһиттэр тиийбэттэр
«Сотору кэминэн Дьокуускайга киинэни устар улахан павильон аһыллыахтаах. Киинэ эйгэтэ бэрт кыра, анал идэлээх дьон олох аҕыйах. Креативнай индустрияҕа үлэһиттэр тиийбэттэр. Ол иһин Аартыкатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүн ректора миигин ыҥыран, эдэр ыччаты үөрэтэрбэр этии киллэрбитэ.
Былырыын күһүн оскуола уонна орто анал үөрэҕи бүтэрбит 18 оҕону ылбыппыт, билигин 17 оҕо бастакы кууруһу түмүктээтэ. Кинилэр түөрт сыл бакалавриакка үөрэнэллэр. Быйыл эмиэ саҥа оҕолору ылыахпыт.
Үөрэх кыһатыгар түөрүйэни буолбакка, киинэни устуу ис куукунатыгар үөрэтэбит. Оҕолору дьарыктыырга сыаналаах аппаратура, икки камера, сырдатар тэрил атыыласпыппыт.
АГИКИ РФ Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтин гыраанын кыайан “Приоритет – 2030. Уһук Илин” диэн анал бырагырааманы олоххо киллэрэр үөрэх кыһата буолар. Ити бырагыраама нөҥүө устудьуоннарга, эдэр айар ыччакка, уһуйааччыларга уо.д.а. элбэх араас бырайыактар ыытыллаллар», — диэн кэпсиир Сардаана Саввина.
Устудьуоннар үөрэхтэрин бүтэрэн баран, ким туохха дьоҕурдааҕынан көрөн сценарий суруйуутугар ылсыахтара, режиссер, продюсер идэтинэн үлэлиэхтэрэ.
Атын үөрэхтээх, туспа идэлээх эрээри, киинэ эйгэтин интэриэһиргиир дьону эбии үөрэхтээһин салаатынан үөрэтиэхтэрин баҕараллар. Биллэн турар, сөбүгэр төлөбүрдээх. Холобур, Москубаҕа, Санкт-Петербурга биир сыл итинник үөрэнэн сэртипикээт ылаллар. Ону Дьокуускайга олоххо киллэрэргэ уһуйааччы ахсаана тиийбэт эбит.
АГИКИ иһинэн билиҥҥитэ кылгас кэмнээх куурустар тэриллэн ыытыллаллар. Бу саас үс нэдиэлэ устата сценарий суруйарга үөрэппиттэрэ, Москубаттан, Санкт-Петербургтан кэлэн лиэксийэ аахпыттара. «Саха» НКИК иһинэн сериал устар үлэһиттэри үөрэтэн, сатабылларын чочуйан барбыттара. Инникитин итинник куурустары сыл ахсын тэрийэр санаалаахтар.
Сардаана Саввина этэринэн, сценарийы олоҕу олорбут, үрүҥү-хараны көрбүт, элбэх киһини кытта алтыспыт орто саастаах киһи суруйуон сөп. Эдэр оҕо тута олоҕу ойуулаан барара уустук.
«Киинэбит саха тылынан уһулларын быһыытынан, улахан прокат өрөспүүбүлүкэ иһигэр оҥоһуллар. Урут Сэбиэскэй кэмҥэ «Казахфильм», «Узбекфильм» киинэтэ сотору-сотору тахсар этэ, оттон кэнники отучча сыл иһигэр ити суураллан хаалла.
Голливуд, Арассыыйа киинэтин көрө үөрэммит дьону каадырга атын омук артыыстарын көрөргө бэлэмниэххэ наада.
Биһиги киинэбитин Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Казаньҥа, Новосибирскайга, Бурятияҕа, Владивостокка сөбүлээн көрөллөр. Орто Азия ырыынагар тахсарга тылбаас, дубляж, улахан үп ирдэнэр», — диир кини.
Субсидияҕа тиксэргэ
Бырайыаккын олоххо киллэрэргэ үп-харчы көстүөн наада. Киинэни устарга 2020 с. Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн субсидия көрүллэр. Сылга 20-40 мөл. солк. көрөллөр, хампаанньалар сайаапка биэрэллэр, онтон хамыыһыйа бастыҥнары талан ылан үбүлүүр.
Ортотунан биир хампаанньаҕа 3-5 мөл. солк. биэрэллэр, саха киинэтин билиҥҥитэ 10 мөл. солк. иһинэн усталлар. Бары ороскуоттарын сабаллар диир кыаллыбат, ким эрэ нуулга тахсар.
«Карина», «Там, где танцуют стерхи», «Айта», «Агент Мамбо» киинэлэр каассаҕа харчыны хомуйарга үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Субсидия харчыта төннөрүллүбэт буолан, киинэ тахсыбытынан отчуоттууллар.
Ону таһынан, «Sinet Sakhawood» пуонда Степан Бурнашеву, Дмитрий Давыдовы үбүлээбитэ, кинилэр субсидиялара арыый кыра. РФ Култуураҕа министиэристибэтин иһинэн 10-30 мөл. солк. субсидия биэрэллэр эрээри, күрэстэһиитэ эмиэ үрдүк, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн киинэ устар дьонтон бастыҥнары талаллар. Сахалартан Михаил Лукачевскай, Любовь Борисова, Вячеслав Макаров киинэ усталларыгар субсидия ылбыттара.
Киинэни устуу ночоокко барбатын туһугар сюжета, дьон олоҕун устуоруйата хатыламмат буолуон, итиэннэ рекламаны кыайа тутууну, дьону угуйууну сатыахха наада. Дьон интэриэһин көбүттэххинэ биирдэ киинэҕэ кэлэллэр.
50 тахса мөлүйүөнү хомуйда
Өлүөхүмэ халыҥ тыатыгар муммут оҕо туһунан дьиҥнээх олоххо олоҕуран уһуллубут «Карина» киинэ бу сайын хаасса прокатыгар 50 тахса мөлүйүөнү хомуйда. Саха киинэтин устуоруйатыгар ити саамай үрдүк көрдөрүү. Киирбит үп аҥаара киинэ тыйаатырыгар, аҥаара продюсерга, киинэ устар хампаанньаҕа барар.
Сыл ахсын саха киинэтин хаачыстыбата тупсан иһэр, атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээтэххэ, көрөөччү бэйэбит киинэбитигэр көхтөөхтүк сылдьар. Дьон болҕомтотун тутар туһугар сыл ахсын киинэ сюжета тупсан, саҥа таһымҥа тахсан иһиэн наада. Ону тутуспатаххына, көрөөччү интэриэһэ уостан барар.
Сылга уонча саха киинэтэ тахсарыттан, дьон төһө сэҥээрбитэ хаассаҕа харчыны хомуйуу кээмэйиттэн тута көстөр. Аныгы көрөөччү киһини аралдьытар, сэргэхситэр киинэни сөбүлүүр эрээри, ким эрэ ыарахан дырааманы, киһини толкуйдатар киинэни эмиэ сэргээн көрөр.
«Киинэ эмиэ муода курдук сыл аайы уларыйа турар долгуннаах, сүнньүнэн билиҥҥи олоххо туох буола турарын көрдөрөр. Өскөтүн бастакы 15 мүнүүтэ иһигэр киинэ болҕомтоҕун тутар, салгыы көрүөххүн баҕарар түгэҥҥэр, табыллыбыт диэххэ сөп. Тус бэйэм киһини толкуйдатар арт-хаус киинэлэри сөбүлүүбүн, сахалартан «Сайылыгы» уонна «Тойон кыылы», «Надо мною солнце не садится», «Не хороните меня без Ивана» үрдүктүк сыаналыыбын», — диэн санаатын түмүктүүр Сардаана Саввина.
Дьокуускайга 2027 с. Уһук Илин уонна Сибиир үрдүнэн соҕотох элбэх хайысхалаах киинэ устар павильон аһыллыахтаах, манна 1500 үлэ миэстэтэ тахсан, сылга 20 тахса киинэ уонна сериал уһуллуоҕа. Оттон быйыл эбийиэги бырайыактыыр үлэ саҕаланыахтаах.
Хаартыскалар Сардаана Саввина архыыбыттан.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0