Кырдьык даҕаны, быйылгы сылы Саха тыйаатыра, төһө да хааччахтааһын ирдэбиллэрэ күөйэ тутталлар, таах ыыппата. Эдэр салайааччы сатабыллаах тэрийиитинэн, бириэмэни, кэми таба туһанар дьаһалынан тыйаатыр истиин-тастыын киэргэйдэ, айарга-тутарга саҥалыы көрүҥнэннэ.
Петр Тимофеевич тыйаатыр аҕа көлүөнэ дьонун алгыһын ылан, саха норуотун дьылҕатыгар ураты суолталаах, 116-с айар дьылын арыйбыт кырдьаҕас тэрилтэҕэ салайааччы быһыытынан үлэлээбитэ иккис сыла чугаһаата. «Төһө да кылгас кэм аастар, бу иннигэр дириэктэр солбуйааччытынан үлэлээбит, өр сылларга айар эйгэ тыынын иҥэриммит, артыыс быһыытынан буспут-хаппыт, уһаарыллыыны ааспыт киһи буолан, үлэтин бэрт сэргэхтик саҕалаата», – диэн санаалаахтар биир идэлээхтэрэ.
Култуура уонна ускуустуба айымньыта өрөспүүбүлүкэбит дьонугар-сэргэтигэр, ордук кэнчээри ыччакка, быһа дьайар, сабыдыаллыыр сүдү күүстээҕин, өйү-санааны сытыылыыр, кэрэҕэ-сырдыкка угуйар эйгэлээҕин Петр Макаров бигэтик өйдүүр. Аныгы кэмҥэ тыйаатыры инники күөҥҥэ таһаарар соруктаах салайааччы оттомноох уонна дьоһуннаах толкуйдарын, хардыыларын, ситиһиилэрин туһунан сиһилии билсиэххэйиҥ.
Ис, тас кэрэ дьүөрэлэстэҕинэ
– Петр Тимофеевич, үрдүкү ускуустуба дэнэр тэрилтэ уораҕайа эмиэ онно сөптөөх көрүүлээх-истиилээх буолуохтаах буоллаҕа?..
– Оннук. Тыйаатыр киһини ыраахтан угуйар аналлаах. Онтон иһигэр өтөн киирдэххинэ истиҥ, үтүө эйгэлээх, тупсаҕай тутуулаах, оҥоһуулаах буолуохтаах. Кэлэр сыл – өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйэ, хас биирдиибититтэн элбэҕи эрэйэр. Биллэн турар, тыйаатыр иннигэр икки, үс бүк эппиэтинэс сүктэриллэр. Иннэ гынан эрдэттэн бэлэмнэнэн, министиэристибэбитигэр сайаапка биэрэммит былырыын, быйыл бэдэрээлинэй үптэн өрөмүөҥҥэ диэн харчы көрүллэн, кэмигэр тупсарыы үлэтин түмүктээтибит. 196 ис ааны, 26 тимир ааны, 30-ча түннүгү уларыттыбыт. Кэтэх аан киирии өттүн тупсардыбыт, фойебытын сандаарыттыбыт. Артыыстарбыт хаартыскаларын саҥардан биэрдибит. Аны туран тыйаатыр үрдүкү ситиһиитин туоһулара дэтэр «Кыһыл көмүс мааскаларбытын» дьон көрүүтүгэр таһаардыбыт. Былыыр өрөмүөҥҥэ ис өттүн болҕойбут буоллахпытына, быйыл тас эркиннэри тупсардыбыт. Ити үлэ барыта улахан тэрээһиннэргэ көрөөччүнү, ыраахтан-чугастан кэлэр ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнии быһыытынан барда.
История сирдиир аналлаах
– Ааспыт сылга тыйаатыр түмэлин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыккыт. Ол туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
– Бастатан туран, аллараа этээскэ улаҕа баар саалаҕа «Саха тыйаатырын түмэлин» арыйдыбыт. Урукку өттүгэр музейбыт кыра хоско турбута. Дьэ, кэмэ кэлэн, ситэн-хотон, сааһыланан, олохтоох миэстэтин булла, дьон дьүүлүгэр таҕыста диэн олус үөрэбит. Тоҕо диэтэр уус-уран литератураны, тыйаатыры төрүттээбит, саха омук түһэ буолбут убайдарбыт тустарынан кэпсиир матырыйааллар киирдилэр. Саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ Алампа буоларын саха дьоно билэр буолуохтаахтар. Кини кэбиниэтиттэн саҕалаан, билиҥҥи көлүөнэ артыыстарга тиийэ көстөр. Маныаха көрөөччү тыйаатырга киирэн, түмэл матырыйаалларын кытта билсэн, салгыы айымньыга, оччотооҕу кэмҥэ, биирдиилээн персонажтарга дириҥээн барыахтаах. Онуоха ситимнээччи, далаһа буоллун диэн баҕа санаалаахпыт. Бу иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр төһүү күүс. Ыччаттарга, оҕолорго тиийиэхтээхпит. Кинилэр сылдьар, эйгэлэһэр буоллахтарына тыйаатыр бэйэтин аналын, мииссийэтин толорор дии саныыбын. Испэктээкил кэннэ ээр-сэмээр көрөөччүлэри кытта кэпсэтэбин ээ. Оонньууну, айымньыны ырыта-ырыта тахсар ыччаттар бааллар. Ол миигин олус үөрдэр, кэрэхсэтэр.
Айар эйгэ бэйэтэ киэптээх
– «Биир күҥҥэ тэҥинэн үс-биэс испэктээкил» диэн этиини дьоммутугар быһааран биэриэххэ эрэ.
– А.И. Софронов – Алампа Саха тыйаатырын историятыгар улахан суолталааҕын өйдөөн туран, кини аатын үйэтитэр туһунан толкуйдаабыппыт быданнаата. Дьэ, ол санаабытын ситэн, 100 миэстэлээх аччыгый саалабытын «Алампа саалата» диэн сүрэхтээтибит. Ис көстүүтүн тупсаран, олбохторун саҥардан биэрдибит. Үлэлээн, хайысхатын тобулан иһиэҕэ. Биһиги баҕабыт диэн, саалаҕа Алампа кэминээҕи кэм ойууланыахтаах. Атыннык эттэххэ, классическай айымньылары туруоруохтаахпыт. Ити бастакы сонуммут. Иккиһинэн, сиппит-хоппут, туспа суоллаах-иистээх, айар эйгэлээх артыыстарбытыгар анаан, лаборатория саалатын астыбыт. Манна ааптар бэйэтин тус көрүүтүнэн эксперименныан сөп. Нууччалыы эттэххэ, «моноиспэктээкиллэр» туруохтаахтар. Маны таһынан эдэр суруйааччылары, драматурдары кытта көрсүһүүлэри, поэзия киэһэлэрин бу саалаҕа былаанныыбыт. Бары саалалары ааҕан туран, Саха тыйаатыра биир күн иһигэр биэс испэктээкили оонньуон сөп буолла. Иннэ гынан пандемия кэмигэр олорон хаалбаккабыт, артыыстарга, режиссердарга, суруйааччыларга эйгэ олохтуохтаахпыт, усулуобуйа тэрийиэхтээхпит диэн санаанан үлэлээтибит. Онон көҥүл толору бэрилиннэҕинэ, айар үлэ ньиргийэн олоруохтаах.
Ыал курдук тэринэн олордохпутуна эрэ…
– Саха дьонун сиэринэн, айылҕалыын алтыһары күүлэй, сынньалаҥ эрэ курдук ылыммакка, күүс-сэниэ киллэринэр туһуттан тэринэр буоллаххыт?
– Оннук. Түмсэр, эйгэлэһэр хайаан да наада. Сайыҥҥы, сааскы-күһүҥҥү кэмҥэ дуоһуйа сынньанар, көҥүл көччүйэр, арыт мэниктиир, «босхо барар» эмиэ наада. Ол айар идэлээх дьоҥҥо ордук суолталаах. Ыһыахтыыр сирбитигэр, Үс Хатыҥҥа, күрүөлээх-хаһаалаах кыра хаһаайыстыбалаахпыт ээ. Онно тыйаатырбытыгар анал сэргэ оҥотторон туруордубут. Сэргэ туруоруута барыта сиэрдээх-туомнаах. Ханнык баҕарар ыал үктэллээх, бигэ тирэхтээх буолара наада. Тыйаатыр кэлэктиибэ бары биир дьиэ кэргэн курдук сананабыт. Бэйэбит да элбэхпит. Аны туран эдэрбит да, кырдьаҕаспыт да баар. Көлүөнэ ситимэ диэн биһиги тыйаатырбытыгар ордук күүстээх. Оннук эн-мин дэһэн, олоробут даҕаны, үлэлиибит даҕаны. Иннэ гынан үтүө сыһыаннаах, дьонноох-сэргэлээх, олохтоох дьон буоларбытын сэргэбит туоһулуур дии саныыбын. Маны таһынан бэйэбит үлэһиттэрбитигэр, кэлэктииппитигэр усулуобуйа оҥороммут сынньанар, сир астыыр гына Хаҥаласка сир ылан турабыт. Сыллата сылдьар, хомунан тахсар үтүө үгэһи олохтуур, тэнитэр санаалаахпыт.
Быйыл сэттэ премьера
– Тыйаатыр айар дьыла премьеранан, ол эбэтэр саҥа испэктээкил туран, дьон дьүүлүгэр тахсарынан, сыаналанар. Быйылгы сезон тугунан сөхтөрдө?
– Саҥа айымньыны аан маҥнай көрөөччүгэ таһаарар өрүү долгутуулаах. Эппиэтинэстээх даҕаны. Икки сыл иһийэн олоруу түмүгэр дьон тыйаатыртан тэйбитэ буолуо диэн куттал баара. Ол эрэн сахабыт дьоно тэйбэтэҕиттэн, ситимин быспатаҕыттан биһиги олус үөрдүбүт. Кыра кыралаан, этэргэ дылы, кутуйах хаамыытынан, дьоммутун сыыйа үөрэтэн барбыппыт. Дьон бастаан туттунар, куттанар этэ. Дьон тоҕуоруһар сиригэр дьаҥҥа сыстыахпыт диэн. Маныаха үөһээттэн киирэр ирдэбиллэр, быһыыны ылыы, куйаар куодунан киирии эмиэ харысхал буолла диэхпин баҕарабын. Быраабыла, ирдэбил тутуһуллар буоллаҕына, куттал суох буолар. Онон дьоммут-сэргэбит туох да сүргэтэ көтөҕүллэн туран: «Сахабыт тыйаатыра барахсан аанын арыйбата олус да үчүгэйэй. Ахтыбыт да эбиппит!», – диэн саҥалаах буолла. Элбэхтэн биир испэктээкили холобурдаатахха, номоххо киирбит Суоһалдьыйа Толбоннооҕу туруорбуппут. Билиэт атыыга тахсаатын кытта тута тарҕаммыта. Саха көрөөччүтэ тыйаатыры, артыыстары ахтыбытын онно көрдөрбүтэ. Онтон уопсай көрдөрүүнү ылан эттэххэ, былаан быһыытынан, 2021 сылга 174 испэктээкили көрөөччүгэ таһааран олоробут. Маны таһынан саҥа дьыллааҕы туруорууларбыт эбиллиэхтэрэ.
Кэлэр сыл сэргэх кэпсээнэ
– Петр Тимофеевич, сыл түмүктэрин билистибит. Кырдьык, салгыы үлэлииргэ лаппа кыах ылбыккыт эбит. Оччотугар аны былааннар туһунан кэпсэтиэххэ.
– Бастатан туран, режиссердарбыт үбүлүөйдээх сылга улахан айымньылары туруораары бэлэмнэнэллэр: Андрей Борисов Платон Ойуунускай «Кыһыл Ойуунун», Сергей Потапов Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттарын», онтон Руслан Тараховскай Егор Неймохов «Алампатын». Иккиһинэн, эһиилги сылга Калмыкияҕа хардары гастролларга сылдьыахтаахпыт. Маны таһынан Москубаҕа Аччыгый тыйаатырга оонньуур былааннаахпыт. Бу тыйаатыр иһинэн үлэлиир Щепкин оскуолатыгар Саха сириттэн биэс көлүөнэ артыыстар үөрэммиппит. Билигин алтыс выпуск уһаарылла сылдьар. Онон биһиэхэ ити түгэн олус күүтүүлээх. Үсүһүнэн, министиэристибэбит көҕүлээһининэн 2022 сыл бэс ыйыгар национальнай тыйаатырдар кэнгириэстэрэ Дьокуускайга буолуоҕа. Ити кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, Александринскай тыйаатыр биһиэхэ кэлиэхтээх. Онтон кэпсэтии быһыытынан Саха тыйаатыра Санкт-Петербурга тиийэн оонньуохтаахпыт. Ити эмиэ дьоһун хардыы! Киэҥ эйгэҕэ тахсыы диэн буолар. Уонна төрдүһүнэн, Сахабыт сиригэр эмиэ үүнэр сылга улахан хамсааһыны таһаараары олоробут. Ол курдук, Мииринэйтэн саҕалаан, бүлүү умнас улуустарын кэрийэн, Горнайынан түмүктүүр биир ыйдаах гастрольга сылдьыахпыт. Түгэнинэн туһанан, дьоммутун-сэргэбитин кэлэн иһэр саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит уонна тэрээһиннэрбитигэр долгуйа күүтэбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0