Бүлүү оройуонун Кыһыл Сыыр нэһилиэгиттэн Кэбээйи оройуонун Мастаах гаас хостонор сиригэр диэри ситим үһүс утаҕын тутуута саҕаланна. Уопсай уһуна 84 км буолуоҕа.
Гаас бу ситимин тутуу -- федеральнай былаас уорганнарын кытары өр сыллаах үлэ түмүгэ. Маныаха дойду бүддьүөтүттэн 2,8 млрд. солк. көрүлүннэ. Өссө 1,3 млрд солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн уонна үбүлээһин сорох чааһа «Сахатранснефтегаз» хампаанньаттан төлөнүө.
Үлэ 2024 сыллаахха түмүктэниэ. Гаас ситимэ үлэҕэ киирдэҕинэ, киин уонна өрүс нөҥүө баар илин эҥээр улуустар кэккэ нэһилиэктэрэ гааска холбонуохтара.
Өрөспүүбүлүкэбит иккис 100 сыллаах кэрдиис кэмигэр оһох оттор диэни умнан, бары киинтэн ититиллэр дьиэлэргэ олоруоххайыҥ!
-
2
-
0
-
0
-
1
-
0
-
0




















