Бу истипиэндьийэни Хоту, Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын үрдүк үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннара ылыахтара. Бирикээс муус устар 19 күнүттэн олоххо киирдэ.
Төлөбүр иккистэн үөһэ куурус устудьуоннарыгар куонкурус түмүгүнэн бэриллиэ.
Устудьуоннар бакалавриат, магистратура эбэтэр специалитет бырагыраамаларынан үөрэнэ сылдьар буолуохтаахтар.
Истипиэндьийэни ылыы усулуобуйата – устудьуон аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтиигэ дьоһун ситиһиилээх, маны тэҥэ төрүт үгэстэри уонна сиэрдэри-туомнары харыстыырга туһуламмыт научнай-чинчийэр үлэлээх буолуохтаах.
Министиэристибэ үгэс буолбут олоҕу сырдатар тэрээһиннэри үбүлүүргэ эмиэ бэлэмин биллэрэр.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















