Мэҥэ Хаҥаластан Георгий Шергин үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга 15,45 м кыырайан чөмпүйүөннээтэ.
400 м сүүрүүгэ Мэҥэ Хаҥалас быһыйа Егор Терентьев 50, 64 сөк. кэлэн бастаата.
Хаҥалас кыыһа Валерия Олесова үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга кыһыл көмүһү эрэллээхтик ылла.
Бачча куйааска 10 км сүүрүүгэ Мэҥэ Хаҥалас ыччата Константин Драгунов бүтэһик килэмиэтирдэргэ улаханнык эбэн кыайда.
1500 м сүүрүүк кыыс Наталья Леонтьева (Сунтаар) бастакынан фиништаата.
Балтараа килэмиэтиргэ эр дьоҥҥо Роман Алексеев (Амма) урут сүүрэн кэллэ.
Биллэр спортсменка Диана Адасько 100 м кылбардык кыайда
Спринтер Валентин Иванов (Уус Алдан) улуус олохтоохторун үөрүүлэрин үрдэттэ.
400 м Уус Алдан хамаандатыгар кытыгырас кыыһа Мария Рухлядева биир кыайыыны аҕалла.
Аан дойду ааттаахтарын кытта куоталаһар Сардаана Трофимова (Үөһээ Бүлүү) 5000 м эрэллээхтик кыайда.
Чурапчы чулуута Егор Попов гиирэни анньыыга 68 кг ыйааһыннаахтарга бастаата.
Спортивнай хаамыыга Хаҥаластан Сардаана Калитина бастакынан биэтэккэ кэллэ.
Барыс Баишев оҕунан ытыыга муҥутуур кыайыылаах.
Екатерина Белолюбская (Уус Алдан) дьахталларга мас тардыһыытыгар бастаата.
Доруобуйаларынан хааччахтаахтарга (ПОДА) 100 миэтэрэҕэ Хаҥаластан Ринат Жангиров ылла.
- 12
- 1
- 0
- 0
- 1
- 0