Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -27 oC

Эр дьон марафона айдааннаах буолбутун бары истэ-билэ сырыттаххыт. Атын киһи аатынан атын киһи киирэн сүүрэн, кыайыыны ситиһэн, бары: “Ити кимий? Хантан кэлбит киһитэй?”—диэн интэриэһиргээн, дьиҥ чахчытын быһаарбыттара, албын-көлдьүн ньыманы туһаммыттарын туппуттара.

Эр дьон марафона айдааннаах буолбутун бары истэ-билэ сырыттаххыт. Атын киһи аатынан атын киһи киирэн сүүрэн, кыайыыны ситиһэн, бары: “Ити кимий? Хантан кэлбит киһитэй?”—диэн интэриэһиргээн, дьиҥ чахчытын быһаарбыттара, албын-көлдьүн ньыманы туһаммыттарын туппуттара.


Онон Өлүөхүмэ хамаандатыттан кыттыбыт Александр Маедоҕа чиэстээхтик бастакы миэстэни биэрдилэр.
Александр бу туһунан санаатын үллэстэр:

ньнь

-Марафоҥҥа бастакы холонуум буолар. Үчүгэйдик дьарыктаммытым. Бу марафон иннинэ 10 км сүүрбүтүм. Онон кыра сылайыы баара. Күрэстэһээччилэрим урукку чемпионнар буоллахтара дии, сэниэлэрин хаһаана сылдьаллара. Онон мин эстэн хааларым буолуо диэн сэрэхэчийэ саныырым, ол эрээри кыайар баҕа баара.
Спортсменнар тугу да билбэт буоллахпыт дии, оннук легионердар эҥин баалларын туһунан. Эбиэттэн киэһэ биирдэ иһиттибит, пааспарыгар олох да атын киһи эбитин.
Арай көрдөхпүнэ, ханнык эрэ нуучча уола сүүрэ сылдьар. Финишкэ диэри үс эргиир хаалбытын кэннэ, мин эбэн биэрбитим. Онуоха саха уолаттара бары хаалан хаалбыттара. Арай ол киһи эрэ тутуһан баран сылдьар. Тиэмпэбин көрөбүн -- 3,11 баран иһэбин. Киһим син биир кэннибиттэн тилэх баттаһан иһэр. “Туох уола кэлэн хааллаҕай? Чэ, бээ, биир эргиир хааллаҕына хаалар ини” дии санаатым. Ону баара киһим төрүт да хаалбат. Финишкэ диэри тэҥҥэ кэлистэ. Эбиитин аны кыайан кэбиһэр буоллаҕа дии. Кыһыылаах баҕайы этэ. Соһуйдум, хантан күөрэйэн кэлбит киһитэй диэн.

index 3
Баран иһэн өссө кэпсэппитим ээ: “Хантан сылдьаҕын, ханнык хамаандаҕын?” – диэн. Ону кини: “Город Якутск”, -- диэбитэ. Дьиибэргээбитим, тоҕо диэтэххэ, куораттар миигин эрдэ ыйыталаһа сылдьыбыттара: “Дьокуускай аатыттан сүүр”, -- диэн. Ону мин: “Хамаандалаахпын”, -- диэн аккаастаммытым.
Тренердэр да, спортсменнар да бары дьиибэргээн: “Ити кимий?” – диэн туоһуласпыттара. Бары бастакыбытын харахтаан көрдөхпүт дии. Онтон быһаарсан саҕалаабыттар. Хата, ис дьиҥин быһаарбыттар.
Ол иһин фиништээн баран, тута куотан хаалбыт этэ. Эҕэрдэлээри гыммыппар, суох этэ. Чэ, онон, соһуччу кыайыылаах буолан таҕыстым. Спорт диэн чиэһинэй киирсиилэр буолуохтаах.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением