Фитнес-аэробикаҕа Дьокуускай хамаандата чаҕылхайдык бастаата.
Горнай уола Геннадий Степанов спортивнай хаамыыга чемпионнаата.
Ох саанан ытыыга (классическайга) Ян Константинов (Дьокуускай) саамай кыраҕы харахтаах буолан биэрдэ.
Дьахталларга Рената Гаврильева (Сунтаар) барылардааҕар элбэхтэ табан бастаата.
Хамаанданан ох саанан ытыыга хаҥаластар – хайа үрдүгэр!
Валерия Олесова (Хаҥалас) бүгүн да иннин биэрбэтэ -- 5 м 28 ырааҕы кыырайа көтөн бастаата.
Ленскэй сүүрүк кыыһа Пелагея Григорьева 800 м кырасыабайдык кыайда.
Мэҥэ Хаҥалас эр бэрдэ Игорь Скрябин 7 м 40 см ырааҕы ыстанан, Саха Сирин саҥа рекордун олохтоото.
Руслан Лугинов (Уус Алдан) 85 кг үөһэлэргэ гиирэҕэ бастаата.
Бэҕэһээ 10 000 м күн уоттаан, күрэхтэһииттэн уһуллубут Артур Бурцев (Уус Алдан) бүгүн урукку да сылларга саамай кытыгырас буоларын 5000 м дистанцияҕа дакаастаата.
Наталья Леонтьева (Сунтаар) 3000 м эрэллээхтик бастаата.
Макисм Овчаренко (Ленскэй) 800 м сүүрүүгэ бастыҥ быһый буолла.
Михаил Руфов (Үөһээ Бүлүү) 200 миэтэрэҕэ сүүрэн элэҥнэтэн кыайда.
Диана Адасько (Дьокуускай) бу сырыыга 200 м чемпионнаата.
АФК сүнньүнэн ядрону анньыыга Яков Максимов (Таатта) бастаата.
Нам баскетболистара 3х3 көрүҥҥэ бастаатылар.
Дьокуускай баскетболисткалара -- 3х3 көрүҥ чемпионнара.
ГТО тардыныыга -- Алексей Терентьев ( Ньурба).
ГТО: кыргыттарга Изабелла Массаева (Нам) саамай элбэхтэ аллараттан тардынна.
Гиирэни анньыыга Владимир Оленов (Горнай) 73 кг диэри бастаата.
Стритболга намнар кыайыы өрөгүйүн биллилэр.
Билиҥҥи (07.07.2022) туругунан хамаанданан түмүк маннык:
Бастакы бөлөххө: 1. Ньурбалар (19 мэтээл - 7 кыһыл уонна 7 үрүҥ көмүс, 5 боруонса). 2. мэҥэ хаҥаластар (10 кыһыл көмүс, 6 үрүҥ көмүс, 2 боруонса).
Иккис бөлөххө: 1. Чурапчылар (16 мэтээл – 2 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс, 9 боруонса). 2. Уус Алдан 1-кы хамаандата (6 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмүс, 4 боруонса).
Үһүс бөлөххө: 1. Кэбээйилэр – 8 мэтээллээхтэр. 2. Горнайдар – 6 мэтээллээхтэр.
Төрдүс бөлөххө: 1. Эдьигээннэр (1 кыһыл уонна 1 үрүҥ көмүс, 2 боруонса). 2. Булуҥнар (1 үрүҥ көмүс).
- 3
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0