Эдэр киһиэхэ, дьэ, кытаанах, хараактардаах, туруоруммут сыалын ситэн тэйэр, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэр уол оҕото буолан биэрдэ. Дьиҥэр, ангылычаан Никита Греци көҕүлээн, кучуйан баран, айан саҕаланыытыттан саллан, суос бэринэн, бу бырайыактан туораабыта. Ону Дугуйдаан эр киһилии эттэ да этириэс бириинсибин тутуһан, күтүөтүн Мичил Неустроевы аара аргыс оҥостон, оруобуна сахалар Москубаҕа Коломенскайга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын ыһыахтыыр түгэннэригэр тиийэн кэллэ. Кини 16 ый устата Арассыыйа 15 субъегын этэҥҥэ ааста.
Удьуор сылгыһыт Винокуровтар дьиэ кэргэн саха дьонун аар-саарга аатыртылар, олох атын өйдөбүлү биэрдилэр. Ону Дугуйдаан айаннаан истэҕинэ суолун былаһын тухары дьон сыһыана, уолаттарбытын көрсөллөрө дьэҥкэтик көрдөрдө.
Бырайыак саҕаланыыта НВК ханаала Дугуйдааннаах туһунан хас да түһүмэхтээх тэттик биэриилэри устан көрдөрөн, бука барыбыт куппутун туппута.
Дугуйдааннаах адьас кыраларыттан дьиэ кэргэнинэн ийэлэрэ Ирина Христофоровна дойдутугар Хабаровскай кыраайга атынан баралларын туһунан кэпсээбитин сөхпүтүм. "Тимир эллэнэн-эллэнэн, ыстаал буолар" дииллэринии, Дугуйдан Винокуров оҕо сааһыттан олох оскуолатын ааһан, тулуурдаах, дьулуурдаах, чахчы, Хоту Хоһуун уола буоларын дакаастаата.
Дугуйдаан бу ситиһиитэ элбэх саха ыччатыгар үтүө холобур буолуохтаах дии саныыбын. Төһөлөөх элбэх ыччат саҕалаабыт дьыалатын, былаанын олоххо киллэрбэккэ, суол ортотуттан тохтоторуй? Санаата уларыйарый? "Дугуйдааннаах Мичили тиийбэттэр", - диэн быһа бааччы эппит, саҥарбыт дьоммут аҕыйаҕа суохтара, араас кураанах куолуһуттар үгүстэрэ.
Чахчы, ыраах айан. Сылаалаах, сылбалаах айан. Ороскуоттаах, ночооттоох айан. Бириэмэни, ньиэрбэни сиир айан. Дьиэ кэргэнтэн ыраата барар айан. Киһи уйана, хатана биллэр айана.
Дугуйдаан Винокуров баар бары ыарахаттары, күчүмэҕэйдэри, айан араллаанын эдэрдии эрчиминэн тулуйда, кыайда - таласпыт сиригэр тиийдэ. Бу тиийэн, саха ата барахсан аан дойдуга саамай тулуурдаах ат буоларын бигэргэттэ. Бу тиийэн, саха киһитэ хайдаҕын, сахалары ааттатта. Саханы омук быһыытынан биһирэмнээтэ.
Дойдубут иэнэ киэҥ, көхсө кэтит, үлүгэрдээх элбэх омук олохсуйан олоробут. Үгүстэр бэйэ-бэйэбитин билсибэппитин ааһан, хас биирдии омук ис култууратын, олоҕун-дьаһаҕын, олорор усулуобуйаларын да билбэппит баар суол. Ол курдук, сахалары табанан көтүтэ сылдьар, тирии саҕынньахтаах, муустаах муора кытылыгар олохтоох, алмааһы, көмүһү баһа сылдьар, сир аһын курдук хомуйар омуктар курдук өйдүүр, ылынар өйдөбүллээх дьон дойдубут киэҥ киэлитигэр аҕыйаҕа суохтар. Дьэ, ол дьоҥҥо Дугуйдаан Винокуров илэ-чахчы көрдөрдө, көһүннэ, биллэрдэ, биһирэмнээтэ.
Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕаттан саха дьоно муҥутуур Москуба куоракка айан бөҕөнү айаннаан тиийэннэр, Саха Сирин туһугар туруорсубуттарын, саха дьоно, саха сылгылара дойдубут киэҥ сирдэри баһылааһыныгар, арыйыытыгар сүҥкэн кылааттаахтарын, тыһыынчанан саха ата Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, кыргыс толоонугар хорсуннук, тулуурдаахтык сылдьыбыттарын ааттатар сүҥкэн дьыаланы барытын биир дьиэ кэргэн ситистэ.
Сиртэн халлааҥҥа дылы махтал буоллун -- Үчүгэй үчүгэй уолугар Дугуйдааҥҥа, Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ - аҕата, удьуор сылгыһыт, хоһуун үлэһит Сэмэн Львовичка уонна элбэх оҕо күн күбэйигэр, булчут, сылгыһыт дьарыктаах кэрэ мааны Далбар Хотуҥҥа, актыбыыска ааттааҕар Ирина Христофоровнаҕа! Махтал буоллун өр кэм арыаллаабыт Мичилгэ, күүһүгэр күүс эппит оҕотугар Дархаҥҥа! Махтал буоллун бу хорсун-хоодуот айанньыттарбытын өйөөбүт ырааҕынан-чугаһынан олорор бары бар дьоммутугар!
Дугуйдаан, Эн көрдөрдүҥ тостубат тулууру, булгуруйбат быһаарыныыны, самныбат санааны, ис кыахха эрэнэр сүдү күүһү. Кытаат, инниҥ диэки эрэллээхтик баран иһэргэр, дьиэ кэргэҥҥэр иллээх-эйэлээх дьоһун олоҕу, чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну. Үтүө ааккар үгүрү-сүгүрү буолуохтун!
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1