Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Сэтинньи 9 күнүгэр саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Максимович Аржаков (1899 – 1942) төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр.

Сэтинньи 9 күнүгэр саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Максимович Аржаков (1899 – 1942) төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр.

Степан Аржаков киэҥ билиилээх, дэгиттэр дьоҕурдаах салайааччы, Саха АССР түөрт наркомун итиэннэ Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин (билиҥҥинэн Бырабыыталыстыбаны) салайбыта.

Арж_27.jpeg

Быһаарыылаах дьаһаллар

Степан Максимович Сэбиэт былааһын олохтооһуҥҥа, өрөспүүбүлүкэни тэрийиигэ кылаата балачча сырдатыллан турар. Оттон Сири оҥоруу наркомунан үлэлээбит кэмин туһунан ситэ сурулла илик курдук, инньэ гынан биһиги чуолаан кини ити сыллардааҕы үлэтиттэн быктара түһүөхпүтүн баҕарабыт.

Сири оҥоруу наркомунан (билиҥҥинэн тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн) Степан Аржаков 1932 сыл тохсунньу 13 күнүттэн 1937 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри, ол эбэтэр 5 сыл 7 ый сыл үлэлээбитэ. Бу холкуостары бөҕөргөтөн, тыа хаһаайыстыбатын научнай төрүккэ олоҕуран, былааннаан сайыннарыы ыллыгар киллэрии эппиэттээх түһүмэҕэ этэ.

МТС ситимин кэҥэтиигэ, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, уопутунай ыстаансыйалары, тирэх пууннары тэрийэн, тымныыны тулуйар суортары таһааран, сири агротехнология этэринэн таҥастаан, бурдук үүнүүтүн үрдэтиигэ, боруода сүөһүнү аҕалан олохтоох сүөһү хаачыстыбатын тупсарыыга, үлэ оҥорумтуотун үрдэтиигэ быһаарыылаах хамсааһыннар тахсыбыттара. Балбааҕы уоҕурдуу быһыытынан туһаныы, бааһына сиигин тутарга хаары типтэрии, сааскы ыһыыга, күһүҥҥү хомуурга «итии аһылыгы» тэрийии дьаһаллара олоххо киллэриллибиттэрэ. Турар усулуобуйатын, аһын-үөлүн тупсардахха, саха сүөһүтүттэн үчүгэй төрүөҕү, өлгөм үүтү ылыахха сөбүн туһунан өйдөбүл үөскээбитэ.

1937 с. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1255 холкуос 45 500 хаһаайыстыбаны (ыалы) хабара. 100 массыына, 44 бурдук хамбаайына, 457 тыраахтар, 3022 көлө тиэхиньикэтэ (оту охсор, мунньар, бурдугу быһар уо.д.а.) баара. Сир холкуостарга сыһыарыллыбыта. 1927 с. бааһына иэнэ 26,4 тыһыынча гектар этэ, 1937 с. 100 тыһ гектарга тиийбитэ.

Арж-_обоз.jpeg

Суолталара сүппэт

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыым» уонна «Социалистическай Якутия» хаһыаттарга үлэ-хамнас ситиһиилэрин, итэҕэстэрин-быһаҕастарын уонна ону туоратыы соруктарын туһунан салайааччылар ыстатыйалара, бастыҥ уопуту сырдатыы, исписэлиистэр сүбэлэрэ мэлдьи тахсара.

Степан Аржаков наркомнаабыт бастакы сылыгар ыытыллыбыт ыһыы түмүктэрин туһунан ыстатыйата «Социалистическая Якутия» хаһыат 1932 с. бэс ыйын 24 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт. Үһүс бассабыыктыы ыһыы 65 4008 гектар бааһынаҕа ыытыллан, 1931 с. тэҥнээтэххэ, ыһыы иэнэ 30 %-ынан кэҥэтиллибит. Хортуоппуй 768 гектарга, оҕуруот аһа 241 гектарга олордуллубут. Үс оройуон сорудахтарын куоһарбыт буоллахтарына, атыттар кыайан толорботохтор. Ол биричиинэтинэн нарком миэстэҕэ тэрээһин сатаҕайа, сиэмэни ситэтэ суох хааччыныы, ыһыы тэрилин уонна тиэхиньикэтин хойутаан көрүнүү, үлэни учуоттааһын мөлтөҕө буоларын ыйбыт, ити итэҕэстэр аны хатыланыа суохтаахтар диэбит. Хас биирдии холкуостаахха үлэ киниискэтин арыйан, күннээҕи үлэни онно бэлиэтииргэ, Элиэнньин: «Ким үлэлээбэт, ол — аһаабат!» – диэбитин тутуһарга эппит. МТС оруолун күүһүрдэр, эрдэттэн былааннаан үлэлиир, салаа аайы эппиэттээхтэри аныыр, ыһыыга-хомуурга идэтийбит биригээдэлэри тэрийэр, күннээҕи үлэ нуорматын чопчу быһаарар, итиэннэ ол толорулларын хонтуруоллуур наадатын бэлиэтээбит. Оттуур тэрили эрдэттэн көрүнэн, от ыйын 10 күнүгэр диэри ходуһаҕа киирэр соругу туруорбут.

Ити курдук, Степан Аржаков салайар сылларыгар тыа хаһаайыстыбатыгар хонтуруол, учуот күүһүрбүтэ, эппиэтинэс үрдээбитэ, үлэ күннээҕи нуормата киллэриллибитэ, каадыры бөҕөргөтөр, таһаарыылаах үлэни көҕүлүүр араас дьаһаллар, ол иһигэр социалистическай куоталаһыылар, баар буолбуттара. Ол түмүгэр, үлэ көрдөрүүтэ биллэрдик тупсубута, бастыҥ үлэһиттэр кэккэлэрэ хаҥаабыта, кинилэргэ тирэҕирэн уопуту тарҕатыы, алын уонна орто сүһүөх салайааччылары үүннэрии, биригээлэлэри, пиэрмэлэри идэтитии ыытыллыбыта. Бастыҥ үлэһиттэр сүлүөттэрин уонна тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын тэрийэр, күн бүгүн даҕаны салҕанан бара турар үгэстэр олохтоммуттара.

Арж_-орден.jpeg

Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи

Бүтүн Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын бастакы быыстапката 1936 с. балаҕан ыйын 24-30 күннэригэр буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин архыыбыттан нарком ол туһунан бирикээһэ көһүннэ. Онтон көрдөххө, агроном Быковскай бэрэссэдээтэллээх кэмитиэт (выставком) тэриллибит, наркомат отделларын салайааччылара биирдии исписэлииһи киниэхэ сыһыарарга эбээһинэстэммиттэр. Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри салааларынан аттаран павильоннар былааннарын оҥорор, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи, бастакы бэтилиэккэ сылларынааҕы ыстатыыстыка чахчыларын, быйылгы көрдөрүү сыыппараларын түмэн, ону схемаларынан хайдах көрдөрөрү быһаарар, экспозициялар эскиистэрин оҥорор сорудах сүктэриллибит.

Улахан быыстапкаҕа бэлэмнэнэн, быыстапкалар бастаан оройуоннарга тэриллибиттэр. Онуоха хайдах бэлэмнэнэ сылдьалларын туһунан наркомакка тэлэгэрээммэнэн биллэрэр эбиттэр. Холобур, Мэгэдьэк оройуона саҥаны айааччы муннугун оҥорорун, таатталар 100 сүөһүнү көрдөрүүгэ туруорар санаалаахтарын, алданнар оҕуруот аһын быыстапкалыыр былааннаахтарын, Алдан килиимэтин уратытын көрдөрөр диаграмма, каарта, хаартыска, макет бэлэмнииллэрин туһунан кэпсээбиттэр. Оттон Степан Аржаков биир дойдулаахтара бүлүүлэр: «Биһиги холкуостарбыт Ыстаалынныы үүнүүнү ылар туһугар охсуһаллар, оройуоннааҕы быыстапкаҕа бассабыыктыы бэлэмнэнэллэр», -- диэбиттэр. Ол туһунан «Социалистическая Якутия» хаһыат 1936 с. атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыахха сөп. 

Степан_Аржаков_-_2.jpeg

Степан Аржаков балаҕан ыйын 3 күнүгэр быыстапка тэрээһинигэр көмөлөһүннэрэ алта оройуоҥҥа наркоматтан биирдии бэрэстэбиитэли ыытар бирикээһи таһаарбыт. Оройуон быыстапкатыттан сүүмэрдээн өрөспүүбүлүкэ быыстапкатыгар бастыҥ үлэһиттэри кытыннарарга, кинилэр хас биирдиилэригэр тустаах докумуоннары (характеристика, хаартыска, сыыппаранан үлэ көрдөрүүтэ о.д.а.), экспонаттарга быһаарыы суруктары оҥорторорго дьаһайбыт.

70 холкуостан

Тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Саха сиринээҕи быыстапкатыгар 11 оройуонтан 70 холкуос, сүөһүнү-сылгыны иитиигэ, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэриигэ үрдүк көрдөрүүлээх 120 бастыҥ үлэһиттэр кыттыбыттар. Киин оройуоннары таһынан, Бүлүүттэн, Алдантан, ыраах Булуҥтан тиийэ кэлбиттэр. Ити сыл өҥ сайын буолан, Арҕаа Хаҥалас 12 холкуоһа, Уус Алдан 10 холкуоһа, Бүлүү икки холкуоһа, Мэгэдьэк үс холкуоһа, Чурапчы икки холкуоһа гектар ахсыттан 100 буут бурдугу хомуйбуттар! Сүөһү туруга, үүт ыама үчүгэй, хортуоппуй, хаппыыста үүнүүлэрэ өлгөм эбит.

Степан_Аржаков-_3.jpeg

Быыстапканы арыйар миитиҥҥэ БСК(б)П обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Павел Певзняк, Совнарком бэрэссэдээтэлэ Христофор Шараборин, Киин ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Габышев кыттыбыттарын, нарком Степан Аржаков тыл эппитин туһунан «Социалистическая Якутия» хаһыат балаҕан ыйын 26 күнүгэр суруйбут. Быыстапка түмүгүнэн, үрдүк көрдөрүүлээх холкуостар, бастыҥ үлэһиттэр дипломнарынан, сыаналаах тэриллэринэн бэлиэтэммиттэр. Холобур, Дьокуускайдааҕы уопутунай ыстаансыйа бурдук «Якутянка» суордун таһаарбытын иһин 1000 солк харчынан, селекционер Анна Скалозубова патефонунан, агроном Петр Припузов холкуостарга көмөтүн иһин бэлисипиэтинэн наҕараадаламмыттар.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Хаартыскалар итиэннэ бирикээс куоппуйата Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин архыыбыттан.

  • 6
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38