Төлөбүрү толуйууга аккаастааһын аҕыйыа
Олох-дьаһах хомунаалынай өҥө ыйдааҕы ороскуотун иһин төлөбүрү толуйууну ылыы судургутуйуо. Манна сыһыаннаах Бэрээдэги бырабыыталыстыба чопчулаата.
Толуйууга аккаас бэриллиэн сөп, өскөтүн ОДьКХ өҥөтүн төлөбүрүгэр иэс үөскээбит буоллаҕына. Урут быраабылаҕа олоҕуран, иэс төлөммүт да буоллаҕына, аккаастыахтарын сөп этэ. Билигин Бэрээдэк чуолкайданан, төлөнө илик эрэ иэс учуоттаныаҕа. Төһө иэс баарын туһунан иһитиннэриини толуйуу төлөбүрүн оҥорооччулар ОДьКХ ГИС сыһыарыыттан ый маҥнайгы күнүнээҕи туругунан быһаарыахтара.
Санатан эттэххэ, маннык чэпчэтиинэн инбэлииттэр, тыа сирин учууталлара, Чернобыль саахалаттан эмсэҕэлээбиттэр, Ленинград куорат блокадатын бэтэрээннэрэ туһаналлар.
Сыыппара валютатын майнердарыгар саҥа ирдэбиллэр
Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата дойду сорох эрэгийиэннэригэр, эбэтэр территорияларыгар, сыыппара валютатын майниннарыгар бобуулары олохтуон сөп. Бобуу олохтонуутун бэрээдэгин, кэһии тахсыбытын бэлиэтиир балаһыанньаны бигэргэтиэхтэрэ.
Сыыппара валютатын майнинынан анал кэрискэҕэ киирбит урбаанньыттар уонна анал тэрилтэлэр дьарыктанар кыахтаныахтара. Бу биирдиилээн дьону хаарыйыа суоҕа. Ол эрээри, майнины оҥорууга тустаах бэрээдэгинэн бигэргэтиллибит эниэргийэни куоһарбат буолуохтаах.
Маны тэҥэ, майнинынан дьарыктанааччыларга бобуулаахтар эмиэ баар буолуохтара. Ол курдук, майнины сэргэ атыынан-эргиэнинэн, эниэргийэ биэриинэн, оперативнай-диспетческай үлэнэн дьарыктаныы бобуллар.
Быһааран эттэххэ, майнинг диэн биткойн сыыппара харчытыгар уонна атын да криптовалютаҕа саҥа манньыаттары оҥорууга туһаныллар экосистиэмэ буолар, блокчейиннары бэрэбиэркэлииргэ уонна харыстыырга туһаныллар. Майнинг оҥорорго аан дойду араас муннугар үлэлиир компьютердар ситимнэрэ туһанылллар.
10 тыһыынчаттан тахса сурутааччылаах ханаалларга саҥа кэрискэ
Роскомнадзор 10 тыһыынчаттан тахса сурутааччы аудиториялаах блогтарга уонна ханаалларга анал кэрискэ киллэриллиэҕэ. Манна киирэргэ, блогтар уонна ханааллар бас билээччилэрэ бэйэлэрин туһунан иһитиннэриилэри тириэрдэр эбээһинэстэниэхтэрэ. Ирдэбил быһыытынан, бобуулаах информацияны тарҕатыа суохтаахтар.
Мессенджердары бас билээччилэр туһанааччыларга анонимнай иһитиннэриилэри уонна эрийиилэри сөбүлэҥэ суох ыытары тохтотуохтара. Бу эмиэ эбээһинэс. Маннык дьаһал түөкүттэри утары охсуһууга ананыа.
Сэтинньи 5 күнүттэн
Сууттаммыттарга чэпчэтиилэр киириэхтэрэ
Сокуону кэһэн сууттанан, көҥүллэрэ быһыллыбыт дьахталларга уонна эр дьоннорго кэккэ чэпчэтиилэр киириэхтэрэ. Ол курдук, оҕо күүтэр биитэр 14 сааһыгар диэри оҕолоох ийэлэргэ, 14 сааһыгар диэри оҕолоох эр дьоҥҥо (өскөтүн кини соҕотох төрөппүт буоллаҕына), накаастабылларын толороллоругар болдьохторун уһатан (отсрочка) биэриэхтэрэ.
Маны тэҥэ, көҥүлэ суутунан быһыллыбыт дьахтар хат буолар түбэлтэтигэр, накаастабылын болдьоҕун уһатарга суукка хадаатайыстыба биэрэр бырааптаныа.
Утахтары атыылааһын саҥа быраабылата
“Чиэһинэй бэлиэ” систиэмэҕэ маркировкаламмыт арыгыта суох утахтары тутууну уонна атыылааһыны уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ уонна биирдилээн атыылааччылар киллэрэр буолуохтара. Маныаха хассыыр упаковкаҕа баар куоду сканируйдуо, оттон хаасса иһитиннэриини “Чиэһинэй бэлиэҕэ” тутатына киллэриэ.
Бу уларыйыыларга өстүөкүлэ, полимернай хахтаах эбэтэр бааҥкалаах, алюминийтан оҥоһуллубут хахтаах утахтар хабыллаллар.
Санатан эттэххэ, бу хардыы арыгыта суох утахтары маркировкалааһын маҥнайгы түһүмэҕиттэн биирдэстэрэ буолар. 2023 сыл ахсынньытыттан утахтары оҥорооччулар маркировка оҥорор эбээһинэстэммиттэрэ. Судаарыстыба көҥүлэ суох табаары оҥорооччулары маннык ньыманан бохсор.
Сэтинньи 7 күнүттэн
Эриэйдэлэр тиһиктэрэ быстыа суоҕа
Ураты харыстанар айылҕа сирдэригэр-уоттарыгар бастайааннай эриэйдэлэри ыытарга кыах баар буолуо. Маннык сирдэргэ сокуонунан судаарыстыбаннай хонтуруол олохтонон, бөҕү-саҕы бигэргэтиллибэтэх сиргэ тоҕуу, көҥүллэммэтэх сиргэ аһаҕас уоту туттуу уо.д.а. курдук кэһиилэр тута булуллуохтара, буруйу оҥорооччулар түргэнник биллиэхтэрэ. Иниспиэктэрдэр үлэлэрэ өссө көдьүүстээх буолуоҕа.
Миграннар киирэллэрэ уустугуруо
Дойдубутугар киирэр хас биирдии мигрант геномной бэлиэтэниини ааһар. Ол түмүгүн тустаах уорганнар кырасдааныстыбата суох уонна кимэ биллибэт, тас дойдуттан сылдьар киһини быһааралларыгар туһаныахтарын сөп.
Судаарыстыбаннай уорганнар иһитиннэрэр-биллэрэр систиэмэлэригэр тас дойдулартан сылдьар дьон уонна кырасдааныстыбата суохтар ааттарын уонна араспаанньаларын биир халыыбынан эрэ буолбакка, латинскай буукуба оннугар кириллицанан тылбаастаан суруйуохтара. РФ бырабыыталыстыбата Арассыыйаҕа омуктар киирэр быраабылаларыгар сокуонунан көрүллүбэтэх эспэримиэннэр апробацияларын ыытарга бырааптаныа.
Тас дойдуларга олорор биир дойдулаахтарбыт историческай дойдуларыгар көһөн кэлэллэригэр туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагыраамма кыттыылаахтарыгар чэпчэтиилэр киириэхтэрэ. Ол курдук, кинилэр кылгас болдьохтоох көҥүл оннугар, болдьоҕо суох олорууга көҥүлү (вид на жительство) ылар буолуохтара.
Сэтинньи 11 күнүттэн
Иноагеннар боломуочуйалара болдьох иннинэ тохтуо
2024 сыл ыам ыйын 15 күнүнээҕи туругунан омук дойдуларын ааҕыннарынан биллибит, онон анал кэрискэҕэ киирбит, ону көтүттэрбэккэ билигин даҕаны оннук ыстаатыстаах сылдьар кыраасданнар былаас уорганнарыгар үлэлиир боломуочуйалара болдьох иннинэ тохтуо.
Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин тустаах сокуон барылын ырытыы кэмигэр бэлиэтээбитинэн, бу олус гуманнай быһаарыныы. “Араас таһымҥа 10 омук агеннара дьокутаатынан талыллан үлэлииллэр. Кинилэри боломуочуйаларын автоматическайдык быспаттар. Ол оннугар статустан тахсалларыгар 180 хонугу биэрэллэр”, – диэн этэн турар.
Киһини тас дойду агенынан билинии быһаарыытын төрүөтэ – тас дойдуттан үбү-харчыны ылыы. Эһиги бэйэҕит дойдугут кыраасданнара буолуҥ, дойдугут сайдыытын туһугар үлэлээҥ, онтон ол табыллыбат диир буоллаххытына, былаас уорганнарыгар олохтоохтор интэриэстэрин туһугар үлэлииринэн сирэйдэнимэҥ, -- диэн Вячеслав Володин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Сэтинньи 14 күнүттэн
Таможня саҥа быраабылалара
Таможня бэрэбиэркэтин матырыйаалларын кытары билсиигэ саҥа быраабылалар олохтоннулар. Ол курдук, бэрэбиэркэ матырыйаалларын ааҕан, быыпыскалары оҥорторон, эбэтэр куоппуйалаан билсиэххэ сөп. Матырыйааллары кытары билсии кыаҕа сайабылыанньа бэриллибитэ биэс үлэ күнүттэн тахсыа суохтаах.
Сэтинньи 21 күнүттэн
Андаҕар – ирдэбил
Андаҕара суох Арассыыйа кырасдааныстыбатын биэрии быһаарыыта олоҕо суоҕунан ааҕыллыаҕа. Тас дойдуттан төрүттээх дьон андаҕар биэриэхтээхтэрин туһунан сокуон олоххо киирэн турар. Бу иннинэ “Арассыыйа кырасданьыына” диэн үрдүк ааты ылбыт дьонандаҕар биэрэр эбээһинэстээхтэр, ол болдьоҕо бүтэн эрэр. Хас биирдиилэрэ оннук андаҕары тустаах уорганнарга биэриэхтээхтэр. Өскөтүн сокуону тутуспатахтарына, РФ кырасданьыына буолбуттара сотуллар, ол туһунан ылыллыбыт быһаарыы олоҕо суоҕунан ааҕыллар.
Сэтинньи 26 күнүттэн
Эрэгийиэннэргэ саҥа боломуочуйа
Ойуур баһаардарын умуруоруу былааннарын оҥоруу уонна бигэргэтии боломуочуйата эрэгийиэн былаастарыгар бэрилиннэ. Манна ураты харыстанар айылҕа сирдэриттэн уонна оборуона, ойуур пуондатын сирдэриттэн ураты сирдэр хабыллаллар.
Эрэгийиэн былаастара маны таһынан, ыксаллаах быһыыга-майгыга дьон доруобуйатын харыстыырга, олохторун быыһыырга, ыксаллаах быһыы-майгы тахсыытын сэрэтиигэ, охсууну суох оҥорууга тэрээһиннэри ыытыахтара.
Сэтинньи 30 күнүттэн
Бочуоттаах донордарга төлөбүрдэр
“Арассыыйа бочуоттаах донора” диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэлээхтэргэ сыл ахсын харчынан көрүллэр төлөбүр проактивнай эрэһииминэн ананар буолуоҕа. Маныаха кырасданьыын “Госуслуги” портал нөҥүө өйөбүл дьаһалларын туһанарыгар баан реквизиттэрин ыйыахтаах уонна онно харчыны ыытарга көҥүл биэриэхтээх.
Бэлэмнээтэ Галина МАТВЕЕВА
Хаартыска: куйаар ситимиттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0