ОДьКХ өҥөлөрүн төлүүргэ хамыыһыйа тутуллубат
Элбэх оҕолоох төрөппүттэр, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, сэриигэ инбэлиит буолбут, суорума суолламмыт байыастар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтара ОДьКХ өҥөлөрүн баан хамыыһыйата суох төлүөхтэрэ.
«Саҥа сокуон социальнай өйөбүлгэ наадыйар дьоҥҥо аадырыстаах көмө буолар. Хомунаалынай өҥө ыйын ахсын төлөнөр, онон сорох араҥаҕа баан хамыыһыйата үптэригэр биллэ охсуулаах. Ылыллыбыт сокуон дьоҥҥо сүктэриллэр ноҕоруусканы намтатыа, социальнай өттүнэн көмүскүө”, - диэн Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин эттэ.
Кини бэлиэтииринэн, бу сокуон Владимир Путин сорудаҕынан киирдэ. Госдуума, РФ Бырабыыталыстыбата, бааннар күүстээх үлэ ыыппыттар.
Тутуулары террортан харыстааһын
Хас биирдии тутуу террортан харысхаллаах буолуохтаах. Ирдэбиллэри кэһиигэ холуобунай эппиэтинэс сүктэриллиэ. Ол эбэтэр, биир киһи 180 күн иһигэр иккитэ, эбэтэр онтон элбэхтэ террортан сэрэхтээх буолууга административнай кэһиини оҥорбут буоллаҕына, сэттэ сылга диэри хаайыыга утаарыллыан сөп.
Кирэдьиити төлөөһүҥҥэ бэрээдэк уларыйда
Кирэдьиити төлөөһүҥҥэ иэс үөскүүр түгэнигэр уларыйыылар киирдилэр, кыраасданнар кирэдьиит хабалатыттан тахсалларыгар чэпчэтии үөскээтэ.
Бастаан бырыһыаҥҥа, онтон сүрүн иэскэ, төлөнүөхтээх кэм бырыһыаныгар, сүрүн иэһигэр харчыны устуохтара. Дьэ, ол эрэ кэннэ бааннар “неустойканы” тутуохтара. Урут “неустойка” испиэһэккэ үһүс турара.
Баан иэс ылааччыттан солуок бэриллэр хамсаабат баайга-дуолга страховканы ирдиэн сөп. Өскөтүн, страховка дуогабарын баттаһыы ирдэбил буолбатах буоллаҕына, кирэдьиит биэрээччи страховката суох ипэтиэкэ кирэдьиитин араас көрүҥүн билиһиннэриэхтээх. Маны тэҥэ, баан ипэтиэкэ кирэдьиитин ылааччы бэйэтэ булуммут страховкалыыр хампаанньатын ылыныахтаах. Урут маннык быраабыла потребительскай кирэдьииккэ үлэлиирэ.
Иэс ылааччы 30 хонуктан ордук страховкатын оҥорторботох, эбэтэр страховкаттан аккаастанар буоллаҕына, баан ипэтиэкэ ыстаапкатын үрдэтиэн сөп.
Үп хампаанньалара дьон кыһалҕатын түргэнник көрүөхтэрэ
Кирэдьиит, страховка уонна да атын үп хампаанньалара гражданнар этиилэрин, кыһалҕаларын 15 үлэ күнүн иһигэр көрүөхтэрэ. Эбии иһитиннэрии ирдэнэр түгэнигэр, 10 хонукка уһатыахтарын сөп. Бэриллэр эппиэккэ ыйытыыга толору харда, РФ сокуоннарыгар сигэлэр киириэхтэрэ.
Оҥорон таһаарааччыны эбии өйүөхтэрэ
“Арассыыйа бырамыысыланнай бородууксуйата” уонна “оҥорон таһаарааччыта” диэн өйдөбүллэр киириэхтэрэ. Идентификациялыырга биир кэлим мэхэниисим киириэ, сыыппара пааспардара олохтонуо. Бырабыыталыстыба бас билиигэ, туһаныыга уонна олоххо киллэриигэ ирдэбиллэри олохтуо.
Мунньуу биэнсийэни биирдэ ылыы
Мунньуу (накопительнай) биэнсийэни төлөөһүн ньымата судургутуйуо. Өскөтүн суоттаммыт мунньуу биэнсийэ кээмэйэ олоруу алын кээмэйин 10 %-гар тэҥ, эбэтэр онтон кыра буоллаҕына биир кэмнээх төлөбүрүнэн бэриллиэ.
Биэнсийэҕэ уурунуулары иһитиннэриэхтэрэ
Арассыыйа олохтоохторун судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар (НПФ) харалла сытар мунньубут харчыларын кээмэйин туһунан иһитиннэриэхтэрэ. Иһитиннэриини РФ Социальнай пуондатын килийиэннэри кытары үлэлиир сулууспатыгар, эбэтэр “Госуслуги” портал нөҥүө оҥоруохтара.
Бу иннинэ маннык ирдэбил Социальнай пуондаҕа олохтоммута. Кинилэр страховой биэнсийэ кээмэйин уонна биэнсийэҕэ уурунуу харчы кээмэйин туһунан кыраасданнары иһитиннэриэхтээхтэр.
Өйөбүл миэрэлэринэн туһаныы судургутуйуо
Социальнай эйгэҕэ бэлиэтээһини ыытар биир кэлим кииннэммит сыыппара платформата үлэлиэ. Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрин, тулаайах оҕолору, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри, радиацияттан эмсэҕэлээбит дьону, үлэ бэтэрээннэрин учуоттааһын уонна бу категорияларга киириигэ быһаарыы ылыныы түргэтиэ. Ол түмүгэр, хас биирдии киһи социальнай өйөбүлү анатарыгар өҥө түргэтиэ уонна чэпчиэ.
Банкрот буолуу судургутуйуо
Кыраасданнар суута суох моҥкуруут буолууларыгар сорох ыспыраапкалары кумааҕынан аҕалаллара ирдэбил буолан бүтүө. Ол курдук, биэдэмистибэлэр бэйэлэрин истэригэр сыыппара докумуоннарынан хардарыта бэрсиэхтэрэ.
Судаарыстыбаннай баайы-дуолу приватизациялааһыҥҥа уларыйыылар
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бас билиигэ баар баайы-дуолу атыылааһыҥҥа быһыллыбыт атыы сыанатын кээмэйигэр быраабылалар олохтонуохтара. Приватизация бу көрүҥэ хамсаабат баайы-дуолу киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрии көмөтүнэн атыылааһын сатаан барбатах буоллаҕына туһаныллыа.
Судаарыстыбаннай түһээн кээмэйэ уларыйда
Кыраныысса таһыгар тахсарга анал пааспары (загранпаспорт) ылыыга судаарыстыбаннай түһээн 6 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Маннык пааспары 14 сааһыгар диэри оҕоҕо ылыы – 3 тыһыынча буолла. Тас дойдуттан сылдьар кыраасданин олоруу көрүҥүн ылыытыгар – 6 тыһыынча, тас дойдуттан сылдьар үлэһиттэри ыҥырыы уонна туһаныы – 12 тыһыынча, омук киһитигэр үлэҕэ көҥүлү биэрии, эбэтэр РФ кыраасданинын быһыытынан ылыы – 4200 солкуобай буолла.
Тулаайах оҕолор олорор усулуобуйаларын хонтуруоллуохтара
Иитиэйэх дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит оҕолор олорор усулуобуйаларын, иитиилэрин туһунан иһитиннэрии төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор биир кэлим судаарыстыбаннай бааннарыгар киириэ.
Уопсастыбаннай экология хонтуруолугар тупсарыылар
Тулалыыр эйгэни харыстыырга үлэлэһэр уопсастыбаннай иниспиэктэрдэр бырааптара уонна эбээһинэстэрэ, судаарыстыбаннай уорганнары кытары сыһыаннаһыыларыгар бэрээдэктэрэ чуолкайданар. От ыйыттан тас дойду ааҕыннара уопсастыбаннай экология хонтуруолун ыытар бырааптара суох буолла.
Иэстээхтэр бырааптарын эбии көмүскүөхтэрэ
Иэстээх киһи моҥкуруут быһыытынан билиннэҕинэ, эбэтэр ирдэбиллэри толорбут буоллаҕына, толорор производствоны түргэнник сабыахтара. Билигин маныаха хас эмит ый да бараныан сөп. Ол барыта сокуонунан болдьох быһаарыллыбатаҕыттан тутулуктааҕа. Уларыйыылар кэнниттэн – информация систиэмэтигэр иһитиннэрии киирбит кэмиттэн үс үлэ күнүн иһигэр дааннайдар саҥардыллыахтара. Маннык гынан, иэстэн үөскээбит хааччахтар түргэнник уһуллуохтара.
Адбакааттарга ирдэбил кытаатар
Адбакаат статуһун ылыан баҕалаахтарга үөрэхтэригэр ирдэбил кытаатыа. Оччотугар юридическай өҥөнөн туһанар кыраасданнар сөптөөх көмөнү ылалларын мэктиэлиэ. Сокуон олоххо киириэн иннинэ үрдүк үөрэхтэммит, эбэтэр юриспруденция идэтигэр учуонай истиэпэннээхтэри хаарыйыа суоҕа.
Көҥүл экэниэмикэ суоната
Билигин көҥүл экэниэмикэ суоната Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэригэр, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластарга олохтонон турар. Эбии Белгородскай, Курскай уонна Брянскай уобаластара киирдилэр.
Бу сирдэр-уоттар сайдыыларыгар, бырамыысыланнастара, логистикалара тупсарыгар үлэлэһэр инбиэстэрдэр дохуокка, баайга-дуолга, сиргэ-уокка түһээннэригэр, страховой усунуостары төлүүллэригэр чэпчэтиилэринэн туһаныахтара.
Тыа сирин туризымын сайыннарыыга эбии өйөбүл миэрэлэр
Тыа сирин табаарын оҥорон таһаарааччыларга сыһыаннаһар хаһаайыстыбалар тыа сиригэр туризымынан дьарыктаналлара көҥүллэннэ, туристары кылгас болдьоххо олохтуур кыахтаннылар. Маны тэҥэ, “ тыа сирин территорията туруктаахтык сайдыыта” диэн өйдөбүл сокуонунан бигэргэннэ.
От ыйын 22 күнүттэн
Судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга уларыйыылар
Судаарыстыбаннай сулууспа үлэһитин атын, эбэтэр ол тэрилтэ иһинэн үлэлиир уоргаҥҥа көһөрүү бэрээдэгэ уларыйда. Үлэ усулуобуйатын быһаарар хантараакка ирдэбиллэр чопчуланаллар. Маны тэҥэ, үлэнэн бэрэбиэркэлээһиҥҥэ эмиэ кэккэ уларыйыылар киириэхтэрэ .
От ыйын 25 күнүттэн
Түөкүттэргэ ыытыллыбыт харчыны төннөрүөхтэрэ
Бааннар уонна төлүүр систиэмэлэр кутталлаах транзакциялары бэрэбиэркэлииллэрэ күүһүрүө, түөкүттэр оҥорон эрэр төлөбүрдэрин, төһө да клиент сөбүлэҥэ баар буоллаҕына, икки күҥҥэ тохтотор бырааптаныахтара. Түөкүттэр дааннайдара Арассыыйа Баанын анал баазатыгар баар буоллаҕына, эмсэҕэлээбиккэ хара дьайдаахтар суоттарыгар ыыппыт үбүн төннөрүөхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0