Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Арассыыйаҕа кэнники сылларга дьахталлар буруйу оҥоруулара биллэ элбээбитин туһунан дьиксиннэриилээх сонуну дойду генеральнай борокуратуурата иһитиннэрэр.

Арассыыйаҕа кэнники сылларга дьахталлар буруйу оҥоруулара биллэ элбээбитин туһунан дьиксиннэриилээх сонуну дойду генеральнай борокуратуурата иһитиннэрэр.

Ол курдук, биэдэмистибэ суруйарынан, 2019 сылга 145 505 дьахтар буруйу оҥорбут. Ити – уопсай буруйу оҥорууттан 16,1% элбэх (уопсайа 884661 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит). Оттон 2020 сыллаахха – 136318 (16%, уопсай буруйу оҥоруу – 852506), 2021 сыллаахха – 137 724 (16,3%, уопсай буруйу оҥоруу – 848320), быйыл сыл бастакы аҥаарыгар номнуо 16,4% үрдээбит (437700 буруйу оҥоруу бэлиэтэммититтэн 70967-тин дьахталлар оҥорбуттар).

Бу ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, кэрэ аҥаардарбыт буруйу оҥоруулара сыллата эбиллэн иһэр. Аны туран, былырыын ордук ыар буруйу оҥоруу 6,6% улааппыт (5081), оттон быйыл сыл бастакы аҥаарыгар номнуо 9% улааппыт (2969). Ыар буруйу оҥоруу былырыыҥҥыга холоотоххо, 0,2% (15178) улааппыт.

Хата, киһини өлөрүүгэ уорбаланар дьахталлар ахсааннара (ХК 105-107 ыст.), сыл бастакы аҥаарыгар былырыыҥҥыга холоотоххо, 7% түспүт. Быйыл алта ый иһигэр 475 дьахтар киһи тыыныгар турбут, 2021 с. – 940, 2020 с. – 925. Генборокуратуура иһитиннэрэринэн, “биир да дьахтар бандитизмҥа күтүрэммэтэ”. Ол эрээри, борокуратуура дьахталлар бөлөҕүнэн буруйу оҥорор түмсүүлэри тэрийиилэрэ (ХК 210 ыст.) улааппытын бэлиэтииллэр – маннык буруйу оҥоруу 30%-нын дьахталлар оҥороллор (320 буруйу оҥорууттан 87-тин). Маны таһынан, дьахталлар хоруупсуйаҕа ордук убаналлар – 2019 с. – 24% (3814), 2020 с. – 23% (3869), 2021 с. – 21% (3670).

Дьахталлары туохха уорбалыыллар?

2019 сылтан ылата дьахталларбыт интэриниэти туһанан буруйу оҥоруулара биллэ улаата турар: 2019 с. – 86,4%-нан (10752), 2020 с. – 38,9% (14930), 2021 с. – 23,5% (18426).Наркотигы эргитиигэ буруйданар дьахталлар аармыйалара эмиэ хаҥыы турар. Быйыл наркотикка сыһыаннаах буруйу оҥорууттан 11%-нын дьахталлар ылаллар. 2019 сыллаахха ити көрдөрүү 9,8% (8306), 2020 с. – 10,5% (8902) этэ.

Маны Генеральнай борокуратуура “ааспыт хамсык хааччахтарыттан, миграннар кэлбэт буолууларыттан, итиэннэ экэнэмиичэскэй хайысхалаах, салайар үлэҕэ дьахталлар элбэхтэринэн сибээстиэххэ сөп” диэн быһаарар. Генеральнай борокуратуура отчуотугар көстөрүнэн, 2017 сыллаахха дьахталлар экэнэмиичэскэй буруйу оҥоруулара (ХК 22 баһа) 2968 этэ, оттон нөҥүө сылыгар – 4118. 2020 сыллаахха маннык буруйу оҥоруу 4456 этэ, оттон былырыын – 4929 буолбут. Ыстатыыстыка этэринэн, дьахтар иҥсэтэ сыллата улаата турар.

Саха сиригэр хайдаҕый?

Быйыл 9 ый түмүгүнэн Саха Сиригэр уопсайа 9654 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. 13 улууска уонна куораттарга буруйу оҥоруу биллэ улааппыта бэлиэтэнэр. Оттон 22 улууска буруйу оҥоруу түспүт. Ордук Эбээн Бытантйга, Орто Халымаҕа уонна Уус Алдаҥҥа ааспыт сылга холоотоххо, буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ биллэ аччаабыт.

Мэлдьи буоларын да курдук, киин куораппытыгар эрэгийиэн буруйу оҥоруутун аҥаара тиксэр – 4832. Дьокуускайга 469 ордук ыар буруйу оҥоруу: 67 киһини өлөрүү, дьон доруобуйатыгар ыар эчэйиини оҥоруу түмүгэр киһи өлүүтэ – 46 бэлиэтэммит. 2473 уоруу, 1622 масыанньыктааһын, 18 саба түһүү, 193 халааһын, 148 көлөнү күрэтии, 34 күһэйии, 128 иҥэринии уонна ыскайдааһын бэлиэтэммит. Интэриниэти, төлөпүөнү туһанан түөкүннээһин улаата турар. Быйыл 9 ый түмүгүнэн аҥаардас Дьокуускайга маннык 2008 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. 579 экэнэмиичэскэй буруйу оҥоруу тахсыбыт. 169 – хоруупсуйаҕа сыһыаннаах буруйу оҥоруу, 113 экологическай буруйу оҥоруу (62 ойууру сокуоннайа суох кэрдээһин, 23 – сокуоннайа суох бултааһын); 400 – наркотигы сокуоннайа суох эргитии. Бэлиэтэммит буруйу оҥоруулартан 2334-дэ – уопсастыбаннай миэстэлэргэ, онтон 1711 – уулуссаҕа оҥоһуллубут.

Дьахталлар буруйу оҥоруулара

СМИ-ни уонна уопсастыбаннаһы кытары үлэлииргэ өрөспүүбүлүкэ борокуруорун ыстаарсай көмөлөһөөччүтэ, юстиция ыстаарсай сүбэһитэ Марианна Рожина иһитиннэрбитинэн, бу сыл 9 ыйын түмүгүнэн Саха Сиригэр 875 дьахтар буруйу оҥорбут. Арассыыйа холугар холоотоххо, биһиэхэ быйыл дьахталларбыт буруйу оҥоруулара былырыыҥҥыга холоотоххо, 22,6% түспүт. Оттон былырыын тоҕус ый иһигэр 1130 дьахтар холуобунай эппиэккэ тардыллыбыта.

Ити 875 дьахтар туохха уорбаланарый? Борокуратуура быһаарбытынан, 27 дьахтар ордук ыар буруйу оҥорууга уорбаламмыт (былырыын 30 этэ), 177 – ыар буруйу (2021 сыл 9 ыйын түмүгүнэн 248 этэ), 157 – орто ыар (196) уонна 514 кыра буруйу (656) оҥорууга.

12 дьахтар киһини өлөрөн тутуллубут (былырыын –10), 41 дьахтар киһи доруобуйатыгар ыар содулу оҥорбут (34), ол түмүгэр киһи өлүүтүгэр 3 дьахтарга холуобунай эппиэтинэһи сүктэрбиттэр.

Дьахталларбыт түөкүннээһиҥҥэ буруйданаллара биллэ аҕыйаабыт – 62% түспүт. Былырыын 308 дьахтар масыанньыктааһыҥҥа уорбаламмыт эбит буоллаҕына, быйыл – 117. Халааһын – 54,5% түспүт (11-тэн биэскэ), наркотигы сокуоннайа суох эргитиини кытары сыһыаннаах буруйу оҥоруу 26,7% түспүт (отуттан сүүрбэ иккигэ), киһи доруобуйатыгар орто ыар хоромньуну таһаарыы 9,5% түспүт (21-тэн – 19), тырааныспары ыытыыга уонна суол быраабылатын кэһиигэ сыһыаннаах буруйу оҥоруу 7% түспүт (43-тэн – 40).

Дьиэ кэргэни уонна оҕону утары буруйу оҥоруу быйыл 9 ый түмүгүнэн 67-тэ бэлиэтэммит, оттон былырыын баччаларга 66 этэ. Бу – Арассыыйа ХК 156 ыст. (оҕоҕо кырыктаахтык сыһыаннаһан төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу) уонна ХК 157 ыст. (элимиэнтэн куотунуу).

Наркотигы сокуоннайа суохтук эргитиигэ дьахталлар ордук буруйданааччылар. Оттон бу ыстатыйа кытаанах накаастабылы эрэйэр, сокуон бырастыы гыммат. Сороҕор киһини өлөрбүттээҕэр кытаанах эппиэккэ тардыллаллар. Быйыл 9 ый түмүгүнэн 22 буруйу оҥорууга дьахталлар холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыбыттар (былырыын  -- 30).

СӨ Борокуратуурата дьахталлар ордук Дьокуускайга – 348 (былырыын 467 этэ), Мииринэйгэ – 99 (145), Нерюнгрига – 75 (74), Ленскэйгэ – 51 (29), Алдаҥҥа – 48 (69), Ньурбаҕа – 34 (44), Хаҥаласка – 30 (27), Өлүөхүмэҕэ – 20 (54), Мэҥэ Хаҥаласка – 20 (20), Томпоҕо – 20 (14) буруйу оҥоруулара элбэҕин бэлиэтиир.

Оттон Аллараа Халымаҕа уонна Эбээн Бытантайга ордук бэрээдэктээх кэрэ аҥаардар олороллор – бу икки улууска биир да дьахтар буруйу оҥорботох. Маны таһынан, ордук аҕыйах буруйу оҥоруу маннык улуустарга бэлиэтэнэр: Үөһээ Халыма – 1, Анаабыр – 3, Абый, Муома уонна Өлөөн улуустарыгар – 4-түү, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ уонна Аллайыахаҕа – 5-тии.

Ханна ыыталыылларый?

Саха Сиригэр дьахтар холуонньата диэн суох, онон накаастабылга уураахтаммыт дьахталларбыт төрөөбүт сирдэриттэн ыраах тэлэһийэн буруйдарын боруостууллар. Саха Сириттэн, чуолаан, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдарга баар дьахтар холуонньаларыгар ыыталыыллар. Оттон кыра буруйу оҥорбуттар Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх поселение-холуонньаҕа буруйдарын боруостууллар. Дьахталлары үйэлэрин моҥуохтарыгар диэри кытаанах болдьоҕу уураахтаабаттар. Биһиги дойдубутугар дьахталларга сыһыаннаан үрдүкү миэрэ туһаныллыбат. Маны таһынан, дьахталлары оһуобай уонна кытаанах эрэсиимнээх холуонньаларга укпаттар.

УФСИН Саха Сиринээҕи Управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу, ис сулууспа подполковнига Сергей Калиновскай иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, силиэстийэлиир изоляторга 14 дьахтар буруйу оҥорууга уорбаланан хааллан сытар. 2-с №-дээх поселение-холуонньаҕа сэтинньи саҥатыгар 19 дьахтар буруйун боруостуур. Кинилэр сүрүннээн Арассыыйа ХК 115, 157,158,159 ыст. сууттаммыттар. Маны таһынан, суут уурааҕынан буруйдара дакаастаммыт, накаастабылы ылбыт дьахталлары чугастыы эрэгийиэннэргэ ыыталыыллар.

Ыар буруй биир үксүн арыгылааһын түмүгэр тахсар. Дьахтар айылгытынан уонна аналынан эр киһитээҕэр чыҥха атын. Аһыы утахха убаныыта быдан күүстээҕин уонна бу дьаллыктан төлөрүйүүтэ судургута суоҕун исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Арассыыйаҕа дьахталлар буруйу оҥоруулара дойду социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатыттан быһаччы тутулуктааҕын ыстатыыстыка бигэргэтэр. 1991-1996 сылларга дьахталлар буруйу оҥоруулара икки бүк үрдүү сылдьыбыт, киһини өлөрүү – 2,5 төгүл. Оттон 2001-2004 сылларга дьахталлар буруйу оҥоруулара биллэ түспүт, 2005-2010 сс. эмиэ төттөрү улаатан барбыт. Ордук “депрессивнэй” дэнэр эрэгийиэннэргэ буруйу оҥоруу улаатар. Онон ыарахан кэмнэргэ уопсастыба үрдүк сыаннастары өрө тутан, болҕомтону уурдаҕына эрэ бу көстүү тэнийбэтин ситиһэр кыахтаах.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением