Төрөөбүт түөлбэттэн ТЭЙИИ
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон биһиктэрин ыйаабыт дойдуларыттан тэйэн, атын сиргэ олохсуйаллар. Күннээҕи түбүктэн соло булбакка, бириэмэ аттарыммакка, төрөөбүт дойдуларыгар баран “өтөхтөрүн хаардаан” кэлэллэрэ сэдэх буолла. Киһи эдэр-сэнэх эрдэҕинэ дойду ахтылҕана диэн иэйиигэ улаханнык кыһаммат буолар эбит. Онтон сааһыра бардаҕына, бу ахтылҕана күнтэн-күн күүһүрэн иһэргэ дылы буолар. Аны ахтылҕана түүл буолан, өбүгэлэрин олорон ааспыт сирдэринэн күүлэйдэтэр, оччоҕуна киһи төрүт дойдутугар курдары тартарар. Маныаха саха киһитэ төрөөбүт дойдутугар өр сылдьыбакка гынан баран тиийэрин “дойдум иччилэрэ өһүргэниэхтэрэ” диэн аньыыргыы саныыр.
ДОЙДУ АХТАР
Дойдуну кытта сибээстээх түүллэр тоҕо көстөллөрүй? Түүлү кытта сибээстээх наһаа муодалаах биир көстүү баар – дойду ахтылҕана диэн. Түүлгэр хаһан эрэ олорон ааспыт өбүгэҥ дойдутун көрөр буоллаххына, ол аата эн төрүт дойдуҥ эйиигин ахтыбыт, бэйэтигэр ыҥырар. Оннук буоллаҕына, дойдугар барар кэмиҥ кэлбит. Холобур, эн төрүттэриҥ алаастарыгар үүнэн турар маһы түүһүүр буоллаххына, чугас киһигин кытта ол маска бара сылдьыаххын наада. Онно тиийэн, илиигит силбэһэрин курдук, маскытын ыга кууһан тураҕыт уонна санааҕытын бүтүннүү саныыгыт. Оччоҕуна санааҥ ыраастаныа, эттиин-сииниин бөҕөргүөҥ. Аны хаар түспүтүн кэннэ буолбакка, хайаатар да сайын, саамай үчүгэйэ ыһыах кэмигэр, бара сылдьарыҥ ордук.
Маннык түүллэри хат-хат түүһүүрүҥ дойдуҥ эйигин ахтарын көрдөрөр, “дойду ахтар” диэн аатырар. Ол аата дойдуҥ эйигин аҕыннаҕына хайаатар да түүлгэр киирэн бэйэтин санатар эбит. Аны дойдуҥ ахтыбыт буоллаҕына урукку өттүгэр эн хайдах олорбуккун мэйиигэр хатаан кэбиһэр. Ол түһүүр сиргэр эн баҕар хаһан да сылдьыбатах да буолуоххун сөп. Ол эрэн, бу мин дойдум диэн түһүүгүн. Холобур, эн кыра эрдэххинэ төрөппүттэриҥ өбүгэлэриҥ алаастарыгар илдьэ сылдьыбыт буолуохтаахтар. Ону эн хантан өйдүөххүнүй, билиэххиний, кып-кыра сылдьаҥҥын. Онтон, ол сырыыҥ, бэйэҥ да билбэккинэн, өйгөр-санааҕар хатана сылдьар уонна дойдуҥ түүлгэр киирэн бэйэтин санатар.
АЙАН СИЭРЭ-ТУОМА
Өр кэмҥэ тэлэһийэ сылдьан баран, дойдугар төннөргөр туох сиэри-туому толоруохтааххыный? Мин маннык сиэри-туому тутуһаргар сүбэлиибин:
Бастакынан: үүттээх, дьэҥкир хоруоҥка оҕуруолары ыл уонна сиэпкэр уктаҥҥын илдьэ сырыт. Айаннаан иһэҥҥин, тугу эмит интэриэһиргээн дуу, дьону кытта кэпсэтэн дуу тохтоон, олорон ааспыт сириҥ тула аҕыйах хоруоҥханы таммалатан, хаалларан аас. Холобура, уот оттон аһаабыт сиргэр, уот умуллубутун кэннэ, чоҕор хоруоҥканы быраҕаҕын. Аны төннөргөр, ол кэлэргэр тохтоон ааспыт сирдэргэр эмиэ хоруоҥкаҕыттан таммалат.
Иккиһинэн: тиийиэхтээх дойдугар, боппуолдьаҕа (омуһахха) хайаатар да муус баар буолуохтаах, ол мууһу таһааран ууллар (эрдэттэн дьоҥҥор этэҥҥин анаан ууллаттарыаххын сөп).
Үсүһүнэн: дойдуҥ күөлүттэн дуу, үрэҕиттэн дуу уу баһан таһаараҥҥын, уулларбыт мууһуҥ уутун кытта холбоон кэбис уонна ону оргутан, тиийиэххиттэн төннүөххэр диэри олоччу иһэн бүтэр (түргэнник төннөр буоллаххына, кыра чаанньыкка оргутарыҥ ордук буолуо).
Өссө манныгы сүбэлиэм этэ: дьыл хайа баҕарар кэмигэр дойдугар кэлэн бардаххына, мууста илдьэ барар буол уонна өтөр буола-буола ол муускун уулларан, чэй оҥостон ис, оччоҕуна уоскуйан хаалыаҥ.
ДОЙДУ СУУРАДАҺЫНА
Тоҕо маннык сиэри-туому тутуһабыт? Дьэ, быһаарыахха. Эн бу дойдуга төрөөтөҕүҥ, өбүгэлэриҥ олорон ааспыт сирдэрин уутун иһэ сырыттаҕыҥ. Эн төрүттэриҥ эмиэ хас эмэ үйэ тухары олорбут алаастарын уутун испит дьон буолаллар. Ол аата, эн дойдуҥ уута эккэр-хааҥҥар суурадаһын буолан иҥпит. Оннук эн, бэйэҥ да билбэккинэн, дойдугун, өбүгэлэргин кытта наһаа дьикти сибээстээххин. Эн ханна да сырыт, син биир дойдуҥ суурадаһынын бэйэҕэр иҥэринэҥҥин илдьэ сылдьаҕын. Ол эккэр баар суурадаһын мэйиигэр киирэр, дьэ, ол иһин түүлүҥ дойдугун кытта сибээстээх буолар.
ӨТӨХ ИЧЧИТЭ
Сорох дьон элбэх сири-дойдуну кэрийэллэр, үгүстүк өтөхтөргө хоноллор. Иччитэх өтөхтөргө хонорго туох сиэри-туому тутуһар сөптөөҕүй?
Мин өтөхтөргө, былыргы киһи уҥуохтарыгар эҥин урут сылдьар этим буоллаҕа. Куттанарым ханна барыай? Инньэ гынан, хайдах даҕаны бэйэбин көмүскэннэхпинэ табыллар. Ийэм сүбэтинэн, өтөххө киирэрбэр аан айаҕар тураммын ытыстарбын бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытабын уонна орон анныларын, холумтан оннун бүтүннүү илиибинэн таҕайан билгэлиибин. Сорох сиргэ, сыҥаһа орон аннынан эҥин, илиим дьырылаан киирэн барар. Ол аата, өтөх иччитин уйата оруобуна бу сиргэ баар буолуон сөп. Туох эмит бурдук астаах буоллахпына, холумтан оннугар уот оттобун уонна ол аспын, кыратык сыт тахсар гына, кэриэрдэбин. Оччоҕуна туох да наһаа үчүгэй сыт балаҕаны тунуйан кэбиһэр. Дьэ, онтон оруобуна ол илиим дьырылаан билбит сиригэр анаан-минээн тиийэммин кэриэрпит килиэппин ууран кэбиһэбин. Мин ол өтөххө хоноору гынабын, ол иһин иччититтэн ааттаһабын-көрдөһөбүн.
Аны иччи биһиги курдук саҥаны буолбакка, дорҕоону, киһи саҥатын дорҕоонун билэр эбит. Онон хайаатар даҕаны саҥаран, куолаһыҥ дорҕоонун таһааран балаҕаҥҥа хаалларыахтааххын. Алыс да алгыстаан барбатаргын баҕар хоһоонно аах, туох эмит диэн кэпсээ. Ол кэннэ, илиибин сынньатан бараммын, иккистээн билгэлээн көрөбүн. Онуоха илиим дьырылыыра аччаабыт эбэтэр олох да биллибэт буоллаҕына, өтөх иччитэ мин хонорбор сөбүлэспит диэн билэбин. Дьэ уонна ааттаах холкутук өтөхпөр утуйан турабын. Иччи олох моһуоктаспат даҕаны.
Сөбүлээбэттэр баар буолаллар. Оннук сөбүлээбэт иччигэ түбэстэххинэ, ол дойдуттан төрүт хос саҥата суох, өссө биирдэ кэриэрбит бурдук сытын таһаараҕын. Онтон иччи уйатын аттыгар олорон эрэҥҥин күөмэйиҥ дорҕоонунан туох эмэ диэн саҥаран, кэпсэтэн, ааттаһан-көрдөһөн алы гыннараҕын. Ол кэннэ туох баар көһүйбүтүҥ, сылайбытыҥ бэйэтэ ааһан хаалар. Дьэ, уонна онно хоммокко тэскилээбитиҥ ордук буолуо.
Ити дьикти. Айылҕаны кытта ситим хайдах даҕаны баар. Ол иһин алгыс, киһи куолаһын дорҕооно айылҕаны кытта ситимҥэ тахсар кыахтаах эбит. Онон алгыһы куолайгынан, күөмэйгинэн баһылаабыт буоллаххына, алгыскын үрдүк күүстэргэ тиэрдэр кыахтанаҕын.
***
Мандар Уус бу ыллыктаах сүбэлэрэ дойдубутун кытта ситиммитин өссө бөҕөргөтүө, сиэри-туому табатык тутуһарбытыгар күүс-көмө буолуо диэн бигэ эрэллээхпин.
Антонина НЕУСТРОЕВА
- 17
- 1
- 1
- 0
- 1
- 0