Ити кэмҥэ инники олоҕу билгэлээһин оңоhуллар, итиэннэ ордук таба таайыллар диэн аныгы саха культурологията туоhулуурун интернеттэн булан ааҕыахха сѳп.
. Дьылҕа Хааны, Чыҥыс Хааны, Одун Хааны кытта тэҥҥэ ахтыллар Айыылартан биирдэстэрэ Танха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр саха дьоно билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөллөрө.
Тоҕо бу кэмҥэ өбүгэлэрбит Таҥха оонньуулларай?
Тымныы оройугар, күн муҥутуур кылгаабыт кэмигэр, кыыл, сүүрэр-көтөр барыта утуйар турукка киирэр. Киһи да этэ-сиинэ эмиэ уларыйар. Итинник турукка киһи өйүн-санаатын түгэҕэр бүгэ сылдьар сэрэйии, таайыы уһуктар. Киһи сэрэнэр, дьаарханар буолар. Дьэ бу кэмҥэ санааларын бөҕөхсүтэр билгэ оҥостон күүс-күдэх ылаллар.
Бу кэмңэ сүллүүкүттэр – уу иччилэрэ — тахсаллар диэн итэҕэл баар. Сүллүүкүн киирбэтин диэн дьиэҕэ, хотоҥҥо аан айаҕар, түннүк анныгар тымтыгынан кириэс саайаллар, уураллар. Ити кэмҥэ сууйуллубут таҥас таһырдьа ыйаммат. Таҥха кэмигэр оҕолору мээнэ саҥардыбаттар.
Ууну хаһааныы
Тохсунньу 18 түүнүттэн 19 күнэ буолуутугар, түүн оройугар 12 чааска, «өлбөт мэҥэ ууну» хаһааныы оҥоһуллар. Бу уу сылы быһа ыраас уонна киртийбэт. Кыра быстах дьаңтан эмтиир дьайыылаах. Иһиэххэ да, суунуохха да сөп.
Таҥха Хаан ыйын бэлиэлэрэ
Таҥарата: Таҥха Хаан. Ойуута: орто күөрчэх (көҕөр ойуу). Суолтата: инникини өтө көрүнүү. Тыла: туску. Сулуһа: Орой сулус. Бухатыыра: Дьулларыта Дохсун. Куота: Сырдык Куо.
Мала: түөрэх. Тыаһа: аарык. Үүнээйитэ: тиит. Көтөрө: чооруос. Кыыла: сиэгэн. Аһа: тоҥ.
Таҥха иһиллээһин
Ойбоҥҥо олоруу. Сэргэни миинии. Сылгылар кэпсэтэллэрин истии. Түннүгү үүттээһин. Этэрбэһи хаамтарыы. Остуолу хаамтарыы. Бүргэс сүүрдүү. Буосканан сэрэбиэй. Бүлүүһэ сүүрдүү. Иннэнэн сэрэбиэй. Биһилэх көрүүтэ. Хаартынан сэрэбиэй уо.д.а.
Холобурдуур буоллахха, кыраайы үөрэтээччи, этнограф, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үс Хатыҥҥа “Туймаада ыһыаҕа” архитектурнай-этнографическай комплекс дириэктэрэ Вильям Яковлев ѳбүгэлэрбит билгэлэниилэрин тустарынан СѲ Национальнай бибилэтиэкэтигэр кѳрсүhүү кэмигэр маннык кэпсээбитэ А. Тарасов («Эдэр саас» сайта) суруйуутугар баар:
"Түөрэх быраҕыыта. Үтүлүк тас өттүгэр ойуулаах-бичиктээх буолуохтаах. Билгэлэнэр киһи сүүһүгэр даҕайан туран ботугураан эппиэт ылыан баҕарар хайа баҕарар ыйытыгын биэрэр. Онно баҕа санаатын сэргэ “Баҕа санаам туолуох буоллаҕына олорчу түс, туолуо суох буоллаҕына умса түс!” — диэн көрдөһүөхтээх. Үтүлүгү ханнык эмэ өбүгэлэрэ кэтэ сылдьыбыт буолуохтаах. Үтүлүк саҥа буоллаҕына, былыргы малга сыһыаран, өбүгэлэрин тыынын киллэрэн быраҕыахтарын сөп. Олорчу түстэҕинэ, туску буолар. Умса кэлэн түстэҕинэ, туолбат. Бу курдук үстэ холонон көрөллөр. Холобур, билиҥҥи оҕолор билгэлэнэр буоллахтарына, бэйэ иһинэн оҥоруохтаахтар, былыргылыы сиэри-туому уһугуннарбыт буоллахтарына, баҕар, туолуон сөп. Ол иһин олус баайыылааҕы, ыарыы, эчэйии, өлүү эҥин туһунан этиэ суохтаахтар. Чэпчэки соҕуһу этиэхтээхтэр.
Остуол хаамтарыыта. Биир улахан билгэлээһин — былыр үс атахтаах остуолу хаамтарыы. Ол туспа сиэрдээх-туомнаах буолар. Сиэр-туом сөпкө ыытылыннаҕына, ылыннаҕына, остуол дьиэ аанын тоҕо көтөн тахсыар диэри сүүрэр. Ол туох даҕаны үтүөнү түстээбэт дииллэр, холобур, дьиэттэн ким эрэ өлөөрү гыммыт дуу, улахан куттал суоһаабыт дуу буоллаҕына, сүүрэн тахсан баран хаалар эбит.
Суоруна сүүрдүүтэ. Манна эмиэ улахан сиэри-туому тутуһуохтаахтар. Дьиэҕэ хас биирдии киирэр хайаҕаһы, түннүктэри бүтүннүү бүөлүөхтээхтэр. Тымтыгынан саайан кириэс оҥорон ыйыахтаахтар. Уот оттон, кэпсиэхтээх киһини орон анныгар сытыаран, ол үрдүгэр суоруна уураллар. Иннэ үрдүнэн суоруна тардаҕын. Ол суорунаны тартахха, онтуҥ кэпсиэхтээх. Былыргынан эттэххэ, өлө сытар киһи диэн өйдөбүлгэ киллэрэллэр. Ол киһи олох хамсыа, саҥарыа суохтаах. Хамсыыр, саҥарар буоллаҕына, бэйэтигэр охсуллар, ыалдьыан, устунан өлөн да хаалыан сөп диэн этэллэр. Сыттык оннугар дьиэ харбыыр талах сиппиир үрдүгэр сытыахтаах.
Бүргэс сүүрдүүтэ. Бүргэс угар кылы эбэтэр иҥиир сабы баайаллар. Хобордоох иһигэр хайысха уруһуйдууллар уонна хас хайысха аайы “бу диэки хайыстаҕына, суолум табыллар, атын сиргэ бардаҕына – ыалдьыыһыбын, ол диэки бардаҕына – туох эрэ төрүүһү” диэн бэйэлэригэр бэлиэ курдук оҥороллор. Бүргэстэрэ хамсаан, хайа эмэ диэки ыйыахтаах. Онон билгэлииллэр.
Этэрбэс хаамтарыыта. Былыргы балаҕан дьиэҕэ биир баҕанаттан биир баҕанаҕа диэри этэрбэһи үрүт-үрдүгэр хаамтараллар, этэрбэс ханна тиийэринэн билгэлэнэллэр. Маныаха бэйэлэрин баҕа санааларын бэлиэтэнэллэр, этэрбэс ол бэлиэҕэ тиийиэхтээх.
Сүллүүкүҥҥэ киирии. Таҥха саамай сүрүн көхтөөх оонньуута диэн сүллүүкүҥҥэ киирии буолар. Сүллүүкүн күөлтэн тахсыахтаах, ону эргэ балаҕаҥҥа көһөртөрөллөр. Былыргы дьон куобах суорҕанынан бүрүнэн балаҕан иһигэр тоҥон-хатан сүллүүкүттэр киирэллэрин кэтэһэллэр. Кэпсээн быһыытынан, сүллүүкүттэр киирэн, кууллаах харчыларын ааҕаллар эбит. Ол кэмҥэ киһи өмүрдэн, ыһыгыннаран кэбиһэн, сүллүүкүн харчытын туһаныахтаах эбит. Ол харчыны үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээх. Оннук гыммата да, үс күн ааһаатын кытта харчыта бөх буолан хаалар диэн кэпсииллэр. Бу маннык барыйааннар, кэпсээннэр элбэхтэр".
Таҥха туомун оҥоруу бэрээдэгэ
Ыраастаныы. Өйү – санааны салайан ханнык эмэ Айыылыын, иччилиин сибээстэһии. Күүс ылыы. Төннүү.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1