Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн Решетникова Евдокия Саввична Майа сэлиэнньэтин күүстээх аҥардара Кулан Хааны кытта көрсүһүүлэригэр ыҥырда.
Урукку өттүгэр Кулан Хааны кытта сирэй көрсө илик да буолларбын, Саха Сиригэр киэҥник биллибит Үрүҥ ойуун, бөлүһүөк, алгысчыт итэҕэл, сиэр-туом туһунан санааларын, ырытыыларын сырдатар, үллэстэр суруйууларын, кинигэтин элбэхтик аахпыт, биһирээбит киһи быһыытынан үөрэ-көтө көрсүһүүгэ тиийдим.
Тэрээһин күнүс Дьол түһүлгэтин дьиэтигэр икки чаастан ыытылларга былааннаммыт этэ. Саҥа тиийэр киһи быһыытынан арыый эрдэ кэллим. Саҥа сылга тэрээһин барыта саҥаны түстүүртэн саҕаланар диэбиккэ дылы, манна да саҥа түгэнтэн саҕаланар эбит.
Евдокия Саввична бу Дьол түһүлгэтин дириэктэринэн күн бэҕэһээ эрэ анаммыт, онон бу тэрээһин саҥа салайааччы бастакы тэрээһинэ эбит. Дьиэ иһэ Саҥа дьыллааҕы киэргэлинэн киэркэйэн турар. Дьон-сэргэ аа-дьуо мустан барда.
Кулан Хаан кэргэнинээн Феврония Ивановналыын куораттан айаннаан кэллилэр. Хайдах эрэ ураты наҕыл, сэмэй дьоннор эбит. Таһырдьаттан кэлбит дьон быһыытынан, тас таҥастарын устан, баар дьону кытта илии тутуһан, эҕэрдэлэһии, билсиһии буолла. Таһырдьа төһө да тохсунньу торулуур тымныытын оройо да турдар, дьон күүскэ кэлэн барда. Көрсүһүү буолар сиригэр улам-улам олорор да сир тиийбэт буолла.
Уопсайа 70-тан тахса Майа сэлиэнньэтин эр дьоно муһунна. Кэлбит дьон ортолоругар оскуола оҕолоро, орто саастаахтар, кырдьаҕас биэнсийэлээхтэр бары да интэриэһиргээн кэлбиттэрэ сөхтөрдө. Элбэх киһи кэлэн киэҥ саалаҕа киирэн ыгыччы олоруу буолла.
Мустубут дьону нэһилиэк актыбыыhа Игнатьев Зиновий Иванович үүммүт саҥа 2023 сылынан эҕэрдэлээн туран, билиҥҥи олох-дьаһах туругун, тас политика балаһыанньатын билиһиннэрдэ. Майа нэһилиэгин аҕа баһылыга Неустроев Алексей Иннокентьевич быйылгы 2023 сыл 9000 нэһилиэнньэлээх Майа сэлиэнньэтигэр Аҕа сылынан биллэриллибитин эттэ. Кини түөрт оҕолоох ыал аҕата, юрист идэлээх, спортсмен, хоккеист эбит. Дьиэ кэргэн олоҕо сайдыытыгар эркин курдук эрэллээх, сытыы-хотуу, сатабыллаах, булугас-талыгас, туруу үлэһит, сиэри-туому тутуhар, билиилээх-көрүүлээх аҕа оруола сүҥкэнин, тулхадыйбат акылаат буоларын бу эдэр, нэһилиэк аҕа баһылыгын үлэтин толоро сылдьар салайааччы, үлэҕэ-хамнаска сыhыанынан, барытыгар бастакынан түсүһэ сылдьара нэһилиэк кэскиллээҕин кѳрдѳрѳр дии санаатым.
Салгыы тыл Кулан Хааҥҥа барда. Кини этиитин бары ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ кинини элбэх киhи билэрин, ытыктыырын туоһулаата. Кулан этиитин мустубут дьон иһийэн олорон, хас биирдии тылын сыыска-буорга түһэрбэккэ, сүрэхтэригэр-быардарыгар күүскэ иҥэрбиттэрэ, ылыммыттара харахха тута быраҕылынна. Кулан сахалыы тыыннаах, дириҥ итэҕэллээх, тугу барытын бэйэтин ийэ өйүнэн билбит, сүрэҕин нѳңүѳ аһарбыт буолан, олоҕу, киһини анаарар өйдөбүллэри хас биирдиибит өйүгэр-сүрэҕэр тиийимтиэтик, өйдөнүмтүөтүк холку куолаһынан кэпсээн барда.
Саха киһитин итэҕэлэ иһигэр кистэнэн сылдьар. Бэйэҕэр итэҕэйэриҥ – ол бэйэҥ туругуҥ күүстээҕин көрдерөр. Кини айылҕалыын сибээһэ күүстээх. Саха киһитэ аһаҕас. Хас биирдии киһи ис-иһиттэн көҥүл буолуохтаах. Көҥүллүк тыыныахтаах, анаарыахтаах. Туохтан да толлубакка, кыбыстыбакка сылдьара ордук. Саха эр киһитэ Саха Сирин айылҕатын курдук киэҥ куоҥ-холку, аһаҕас туруктанан, дуолан күүстээх санаалаах буолан, дьиэ кэргэнигэр, дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын, сайдыы, өрөгөй, кыайыы киниттэн, саха эр киһититтэн барыахтааҕын мустубут эр дьон санаатын сырдатан, күүһүрдэн биэрдэ биһиги киэн туттар киһибит Кулан Хаан – Үрүҥ ойуун, бөлүһүөк, алгысчыт.
Бу кэпсэтииттэн тахсан иһэр Майа сэлиэнньэтин эр дьоно туруктара быдан бөҕөргөөбүтүн, харахтара кылабачыйан, сирэйдэрэ сырдаан, тутталлара-хапталлара сыыдамсыйан кэлбитин олус диэн үөрэ, сөҕө көрдүм. Маннык дьалхааннаах, аймалҕаннаах кэмҥэ норуот олоҕун суола хайдах арыллара, хайдах сайдара хас биирдии эр киһи кыаҕыттан, күүһүттэн, туругуттан тутулуктааҕын өйдөөн, Кулан Хаан дойдутун эр дьонун санааларын ырааһырда, туруктарын бөҕөргөтө, алгыс тылларын этэ, иҥэрэ сылдьарыгар олус махтана санаатым.
- 10
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0