Сүрүн тирэҕим – тапталлаах кэргэним
– Андрей Романович, хайа улуустан төрүттээххиний-уустааххыный?
– Аҕам Роман Николаевич Ильин Горнай улууһуттан төрүттээх. Маҕарас эҥээр сайылыкка улааппыт. Өлүөхүмэҕэ Димитровскай сопхуоска суоппардыы сылдьан, олохтоох кыыһы, мин ийэбин, кэргэн ылбыт. Онон мин 1976 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһун Киин Абаҕа бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Онно оскуолаҕа үөрэммитим. Спорт араас көрүҥнэригэр холоммутум. Аҕабын батыһан, тиэхиньикэҕэ сыстыбытым. Үрдүк үөрэхтээх инженер-мэхээньикпин. Өлүөхүмэ аэропуордугар куттал суох буолуутун, пассажирдары, таһаҕас таһыытын сулууспатыгар үлэлээбитим.
– Хаһааҥҥыттан көрбөт буолбуккунуй?
– 20 сааспар харахпар таас хатанан, аҥаар харахпыттан маппытым. 39 сааспар эчэйии түмүгэр олоччу көрбөт буолбутум. Ити түгэннэри дириҥник саныахпын баҕарбаппын. Кэннибин хайыһан көрбөккө, инним хоту барар майгылаахпын.
– Тура-олоро, саамай өрөгөй сааска сылдьан, көрбөт буолууттан санаа түһүүтэ улахан буоллаҕа. Ол түгэҥҥэ бэйэҕэр итэҕэйэргэ, олоҕу салҕыырга ким, туох күүс-көмө буолбутай?
– Хайа да киһи иэдээҥҥэ түбэстэҕинэ, ону өйүнэн-санаатынан, сүрэҕинэн-быарынан ылынарыгар бириэмэ барар. Бастакы кэмҥэ олус уустук этэ. Санаабар, олоҕум тохтообута, суолтата сүппүтэ. Инникибэр туох да сырдык көстүбэт курдук этэ. Түбэспит дьылҕаҕыттан хомойуу, кэлэйии улахана. Буолбуту баарынан ылынан, чөлбөр түһэрбэр үс сыл барбыта. Дьолго, кэргэннээх, оҕолордоох буоламмын, кинилэри хомоппот, олохторун күлүгүрдүбэт туһуттан, бэйэм да олохпун сыаналаан, кыралаан тарапачыһан барбытым.
– Арыгыга охтор санаа кииртэлээбитэ дуо?
– Бэйэм олус сэргэх, бэһиэлэй киһибин. Ыалдьыттары көрсөрбүн, бырааһынньыкка сылдьарбын, ыллыырбын-туойарбын олус сөбүлүүбүн. Ол эрээри, арыгынан уоскутунар санаа адьас киирбэтэҕэ. Эппитим курдук, дьоннооҕум, кинилэр иннилэригэр эппиэтинэһи сүгэрим элбэҕи быһаарбыта. Арыгыны иһии – балаһыанньаттан тахсыы буолбатах.
– Кэргэҥҥин, оҕолоргун билиһиннэр эрэ.
– Кэргэмминээн Полина Николаевналыын 23 сыл иллээхтик-эйэлээхтик олорон кэллибит. Буҕаалтыр идэлээх. Таҥас атыытынан дьарыктанар урбаанньыт. Бүгүн этэҥҥэ сылдьарбар, тирэх буолар киһим – кини. Күн аайы махтанарбыттан сылайбаппын. Үс уоллаахпыт. Улахаммыт 27 саастаах, кэргэннээх. Орто уолбут 24 саастаах, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар. Кырабыт 10 саастаах, оскуолаҕа үөрэнэр.
Аныгы технологиялар аартыкпын арыйдылар
– Көрбөт эйгэҕэр аан бастакы хардыыларгын хайдах саҕалаабыккыный?
– Бастакы кэмҥэ олбуорум иһиттэн тахсыбат этим. Онон саатар дьиэ иһигэр туһалаах буолар туһуттан, мүччү тутуом, ыһыам-тоҕуом да буоллар, аҥаар кырыытыттан ылсан барбытым. Судургу аһы астаан, иһити, муостаны сууйан, билигин дьиэбин-уоппун көрөр киһиттэн итэҕэһэ суох көрөбүн-истэбин. Оччолорго Өлүөхүмэҕэ олорорбут.
– Туох ыарахаттар баалларай?
Сааһыран баран көрбөт буоламмын, хараҕа суохтарга анаммыт Брайль тылын үөрэтэрбэр уустуктары көрсүбүтүм. Дьолго, көмөҕө аныгы технологиялар кэлбиттэрэ. Ол – смартфон. Ханнык баҕарар төлөпүөн анал кыахтаах. Сыһыарыылар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо араас бырагыраамалары баһылыырга көмөлөһөллөр. Көрбөттөр уопсастыбаларын нөҥүө реабилитацияҕа анаан араас тэриллэргэ тииһиниэххэ сөп. Смартфон ылынан, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн доруобай дьон туһанар сыһыарыыларын толору баһылаатым. Интэриниэт суоҕа буоллар, чахчы ыарахан буолуо этэ.
Бэйэҕэ эрэ бүгүмүөххэ наада
– Киһи биир сиргэ туран хаалбатыгар туох кыахтар баалларый?
– Саамай сүрүнэ, бэйэҕэ бүгүмүөххэ наада. Иллэрээ сыл Көрбөттөр уопсастыбаларын нөҥүө Алтаай Бийскэй куоратыгар көрбөт дьоҥҥо аналлаах сыл аҥаардааҕы чөлгө түһэрии кууруһугар үөрэнэн кэлбитим. Ити куурус салгыы идэни таларга көмөлөһөр. Онно билсибит доҕотторбун кытта алтыһыыттан олус сэргэхсийбитим. Кыра холбука, таҥас ыйыыр, күрдьэх уга оҥорорго үөрэммитим. Оҕуруонан тиһэргэ, атах таҥаһын тигэр, переплет, көмпүүтэр бырагыраамаларыгар үөрэтэллэр. Ол кэмҥэ мин массааһынан барарга быһаарынан сылдьарым. Айан, олоруу, аһылык, үөрэнии – судаарыстыба суотугар. Бу иһитиннэриим, баҕар, кимиэхэ эмит наада буолуо.
– Көрбөттөр икки ардыларыгар туох күрэхтэһиигэ кыттаҕын?
– Көрбөттөргө аналлаах «Шоудаун» диэн ааттаах остуол тиэнньиһигэр үлүһүйэн дьарыктанабын. Анал ачыкы кэтэн, ракетка тутан, интерактивнай оонньууга кыттаҕын. Олус интэриэһинэй, умсугутуулаах көрүҥ. Ааспыт сылга чөмпүйүөн буолан турардаахпын.
Сүрүн сыалым – түмүк
– Илбииһит быһыытынан туох соругу тутуһаҕын?
– Үлэм түмүгүн көрөргө кыһаллабын. Көрбөт киһи тарбаҕынан билэр, билгэлиир. Киһи этин-сиинин тутулун билии, быччыҥнары кытта үлэ үөрэҕэ, дьоҥҥо эппиэтинэстээх, үлэҕэ бэриниилээх сыһыан түмүгү биэрэр. Бэриллибит бириэмэ иһигэр килийиэн сөптөөх көмөнү ыларыгар, туһанарыгар сорук туруорунабын. Дьокуускай кыра. Биһиги курдук идэлээх элбэх. Ол маассаттан чорбойор туһуттан биир сиргэ турбакка, эбии үөрэниэххэ, билиини иҥэриниэххэ наада. Ол да иһин сылга биирдэ хайаан да соҕуруу үөрэнэн кэлэбин, уопуттаах илбииһиттэргэ үөрэнэбин. Павел Тимофеев диэн эмиэ көрбөт, уопуттаах илбииһиттэн сыаналаах сүбэлэри ылабын.
– Билигин ханна үлэлиигин?
– Балыыһаларга, мэдиссиинэ кииннэригэр сарбыйыы бара турар буолан, үлэни булар уустук. Ыарыһахтары кытта үлэлииргэ бэриллэр 15 мүнүүтэ туох да түмүгү биэрбэт даҕаны. Аны туран, көрбөт үлэһиттэргэ анал усулуобуйа олохтонуохтаах. Ону тэрийэргэ үп-харчы кыаллыбат. Онон чааһынайга барарга күһэллэбит.
Тэрилтэ чааһыгар эмиэ табылынным диир кыахтаахпын. Марика, Кирилл Андреевтар диэн эдэр урбаанньыттар көрбөт илбииһиттэргэ анаан «Салгын» диэн ааттаах солуону арыйан, икки сиргэ кыбартыыра куортамнаһан, усулуобуйа тэрийэн, биһиэхэ улахан кыаҕы биэрдилэр. Түгэни туһанан, салайааччыларбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин.
Хамсаныы – олох тыына
– Дьон быччыҥ күүрүүтүттэн олус эрэйдэнэр буолла. Идэлээх киһи тугу сүбэлиигин?
– Мэлдьи этиллэрин курдук, аҕыйахтык хамсанабыт. Оҕоттон саҕалаан бука бары төлөпүөҥҥэ умса түһэн олорорбут, сытарбытын сөбүлүүрбүт охсуута – быччыҥ күүрүүтэ. Билиҥҥи киһи эмкэ-томко олус убанна. Дьиҥэр, киһи этэ-сиинэ бэйэтэ чөлүгэр түһэр айылгылаах. Онон сэбиэскэй кэм саҕанааҕы физиотерапия, ЛФК (эмтиир-дьарыктыыр култуура) уонна массаас курдук үс сүрүн тирэх көрүҥү сөргүтүөхпүтүн наада. Ол эбэтэр күн аайы хамсаныы, хаамыы, спордунан дьарыктаныы быччыҥ күүрүүтүттэн быыһыан сөп. Аныгы үйэҕэ үгүс киһи олорон эрэ үлэлиир. Сүбэлиирим диэн, чаас курдук үлэлээҥ. Онтон уонча мүнүүтэ тыыллаҥнааҥ, хаамыталааҥ. Олорорго икки атаҕы холбуу тутуллар. Атаҕы эрийэ быраҕыы, туора ууруу тоноҕоһу токурутар, таас уҥуоҕун хамсатар. Быччыҥы ууннарарга араас хамсаныылары оҥоруҥ.
– Киһи тоҕо нүксүйэрий?
– Түөс быччыҥа күүрэн, кылгаан, бэйэтигэр атын быччыҥнары тардыытын түмүгэр киһи нүксүйэр. Оннук буолбатын туһугар түөс, илии быччыҥнарын ууннарар хамсаныылары оҥоро сылдьыллыахтаах. Оҕо оонньуур улахан эрэһиинэ мээчигэ быччыҥы ууннарыыга олус туһалаах. Тиэрэ, умса сытан араастаан хамсаныахха сөп.
– Илбийии сыаната тоҕо ыараханый?
– Биһиги үлэлиир усулуобуйабыт эмиэ сыанаҕа турар. Уут, уот сыаната үрдүүр турарын бары билэбит. Онон илбииһит, кини үлэтин тэрийээччи, килийиэннэри көрсөөччү, дьиэни-уоту сууйааччы – бары хамнастаналларын туһугар итинник сыана тахсара оруннаах.
– Андрей, кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0