Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырын сыанатыгар Арассыыйа уонна чугас тас дойдулар бастыҥ балет маастардара, норуоттар икки ардыларынаҕы куонкурустар кыайыылаахтара түмсүөхтэрэ диэн иһитиннэрдилэр. Улахан уонна Мариинскай, Москуба, Санкт Петербург, Новосибирск, Уфа, Алматы уонна Миинискэй куораттар тыйаатырдарын бастыҥ үҥкүүһүттэрэ Сахабыт Сирин олохтоохторугар бэртээхэй туруоруулары көрдөрүөхтэрэ. Ол курдук, ханна да хатыламмат Юрий Григорович туруорууларын, Чайковскай “Лебеное озеро”, Хачатурян “Спартак”, Минкус илиҥҥи матыыптардаах “Баядерка” классическай балетын баҕалаахтар бу күннэргэ сэргии көрүөхтэрэ.
Оттон Гала-кэнсиэргэ Владислав Левочкин либреттотыгар, Екатерина Тайшима хореографиятыгар, Кирилл Герасимов туруоруутугар “Күлүмүрдүүр таас” (Сияющий камень”) балета Дьокуускайга бастакытын үҥкүүлэниэ. Бу иннинэ балет премьералара Астанаҕа уонна Бишкекка буолбут. Маны тэҥэ араас классическай уонна аныгы кэнсиэр нүөмэрдэрэ көрдөрүллүөхтэрэ.
Дьокуускайга бэстибээлгэ кытта А.Я.Ваганова аатынан Нуучча тыйаатырын Академиятын профессора, биллиилээх критик Ольга Розанова ыалдьыттыыр.
Быйылгы бэстибээл уратытынан, хас биирдии испэктээк иннинэ балет ускуустубатын туһунан лиэксийэлэри А.И.Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрситиэт ускуустубаны үөрэтиигэ каапыдыра сэбиэдиссэйэ Ольга Сапанжа кэпсиэ.
Санатан эттэххэ, бу иннинээҕи бэстибээл 5 сыллааҕыта, 2019 сылга ыытыллыбыта. Онон бу классическай балеты сөбүлээччилэргэ күүтүүлээх тэрээһин буолара саарбахтаммат.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0