Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһин кэмигэр Ил Түмэн дьокутааттара, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Антонина  Григорьева уонна Судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев Ньурбаттан сылдьар дэлэгээттэри кытта көрсөн сэһэргэстилэр, кинилэр санааларын иһиттилэр, ыйытыыларыгар эппиэттээтилэр. Икки өртүттэн туһалаах  ирэ-хоро кэпсэтии таҕыста.

Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһин кэмигэр Ил Түмэн дьокутааттара, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Антонина  Григорьева уонна Судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев Ньурбаттан сылдьар дэлэгээттэри кытта көрсөн сэһэргэстилэр, кинилэр санааларын иһиттилэр, ыйытыыларыгар эппиэттээтилэр. Икки өртүттэн туһалаах  ирэ-хоро кэпсэтии таҕыста.

Ньурба улууһа саха дьонун санаатыгар «бааһынайдар» дойдулара, манна урут уруккуттан геологтар, авиатордар, ону тэҥэ кэриэйдэр олохсуйан олорбуттара. Онон сахалыы саҥа, тылы билии билигин хайдах туруктаахтарын билээри бу көрсүһүү кыттыылаахтарыттан ыйытыыларбытыгар хоруйдуулларыгар көрдөстүбүт.

Сүргэм көтөҕүллэн кэллим

никитина

Никитина Анна Ильинична, Өҥөлдьө орто оскуолатын маастар- учуутала:

– Мин Ньурба улууҺун Д.И.Павлов аатынан Өҥөлдьө орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх сылыгар 45-с сылбын үлэлиибин. 1978 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищены үөрэнэн бүтэрээт, бу оскуолабар алын кылаас учууталынан ананан үлэлии тахсыахпыттан, харыс да сири халбарыйбакка, манна хаалан, ыал буолан, иккис төрөөбүт сир оҥостон, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Кэлин СГУ ИФ саха салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэн 1989 сыллаахха бүтэрбитим. Дьэ, оччоттон ыла сахам тылын, литэрэтиирэтин уруоктарыгар оҕону умсугутар, тылга, айымньыны ааҕыыга уҺуйарга араас ньыманы туттан, оҕону бэйэм сөбүлүүр биридимиэппэр тардан, умсугутан кэллим дии саныыбын. Билигин бэйэбин кытта аныгы көлүөнэ ыччаты төрөөбүт тылга үөрэтэр, уҺуйар 19 туйах хатарар учуутал үөрэнээччилэрим араас оскуолаларга үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

2017 сыллаахха саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын бастакы сийиэстэригэр эмиэ кыттыбытым. Инники Е.П. Жирков киллэрбит сахалыы үөрэтии концепциятын сайыннаран, олох сайдыытын тэтиминэн саҥалыы көрүүлэри, иитэр-үөрэтэр ньымалары, аныгы технологиялары туттуу ирдэнэрин ырытыспыппыт.

Оттон бу иккис сийиэскэ сахалыы ыраастык саҥарыы, саҥа федеральнай судаарыстыбаннай үөрэхтээҺин иккис ыстандаарыгар хаачыстыбалаахтык, оҕо сайдыытыгар, ылынарыгар сөптөөх кинигэлэр-учуобунньуктар, бырагыраамалар оҥоҺуллуулара, оскуолаҕа үөрэтии чааҺа аҥаардас учуутал кыҺалҕата буолбакка, үөрэх министиэристибэтин, өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бырабыыталыстыбабыт, норуот талбыт дьокутааттарын эмиэ сүрүн үлэлэрэ, быҺаарар боппуруостара  буолуохтааҕын туһунан сийиэскэ Ил Түмэн быҺаарыы ылынна. Бу олус суолталаах быҺаарыы дьокутааттарбыт саха норуотун иннигэр эппиэтинэстэрин көстүүтэ буолар. Ама, ити кэннэ төрөөбүт тылым - сахам тыла - сүтүө диэн куттана сылдьыахпыт дуо?!

Билигин оҕоҕо аналлаах араас сахалыы киинэ, кинигэ, тэрээҺин, интерактивнай оонньуулар тахсыахтара, сайдыы чыпчаал таҺымыгар үктэниэхпит. Ыччат дьоммут тылларын толору баҺылыахтара диэн эрэнэбит. БиҺиги Ньурбабыт улууҺун дьоно итэҕэйэн, эрэнэн талбыт дьокутааттарбыт А.А.Григорьева, В.М.Прокопьев бу иккис сийиэс саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сийиэс дэлэгээттэрин кытта бириэмэни аахсыбакка үлэлээбиттэрэ, сүбэ-ама буолбуттара төрөөбүт тылбыт өлбөт-сүппэт үйэлээх буоларын туоҺулуур, инникигэ эрэли үөскэтэр.

 Мин санаабар, бу билигин, бу күҥҥэ, саха тылын үөрэтии сүрүн кыҺалҕата - учуобунньук уонна үөрэтэр бырагыраамабыт бэйэ-бэйэлэриттэн атын атыттара. Бырагыраама баар курдук, ол эрэн учуобунньук онно эппиэттээбэт. АҺара научнай хайысхалаах учуобунньук, эрчиллиилэрэ сөп түбэспэттэрин таҺынан, аҕыйахтар.

Төрөөбүт тылга сыһыан төрөппүттэртэн улахан тутулуктааҕа дьэ бу чахчы. Билиҥҥи төрөппүт, бэл, тыа сиригэр, оҕотун нуучча тылыгар хайыҺыннарда. Төлөпүөн, тэлэбиисэр, ютубу холбоон биэрэн, оҕону кытта дьарыгы олох умуннулар. Эгэ, кинигэ ааҕан биэриэхтэрэ дуо? Суох. Онон төрөппүт оҕото төрөөбүт тылыттан тэйэригэр бэйэтэ көмө буолла.

 Мин бастакы сийиэскэ дэлэгээт этим. Онно аҥардастыы истээччи эрэ быҺыытынан сылдьыбыппыт. Бу иккис сийиэс элбэх саҥаны киллэрдэ. Аҥаардас Ил Түмэн дьиэтигэр түмсэн мунньахтаабыппыт да саҥа хардыы, сонун үлэ саҕаланан эрэрин курдук көрөн, онно кыттыыны ылан астынным. Сааһырдарбын да, туох эрэ саҥаны оскуолабар киллэрдэрбин диэн санаалаах сүргэм көтөҕүллэн кэллим.

 Билигин өрөспүүбүлүкэм салалтата, дьокутааттар, норуот - биҺиги бары төрөөбүт тылбытын оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит өрө тутан иитиллэн тахсалларыгар түмсэн үлэлиэхпит диэн мэктиэ тылбытын бэйэ-бэйэбитигэр эттибит. Аны үс сылынан түмүгүн көрүөх, быҺаарсыах буоллубут. Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын саҥа таҺымҥа таҺаарарга араас хайысхалаах үлэни ыытыахтаахпыт. Бу учуутал эрэ кыһалҕата, үлэтэ буолбатах, хас биирдиибит кыҺалҕабыт. Ил Дархан, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба, дьокутааттар хонтуруоллуур, сүрүннүүр буоллулар. Ол бастакы хардыыта оҥоҺулунна.

Дьокутааттар дьаныардаах үлэни салҕаатыннар

 Семенова 1

Семенова Мария Егоровна, Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр литэрэтиирэҕэ чааһын сэбиэдиссэйэ:

–  Саха тылын үөрэтии сүрүн кыһалҕатынан аныгы тэтимнээх олохпутугар төрөппүт  болҕомтото оҕотугар тиийбэтэ буолар.  Төрөппүт кэпсэтэрэ, остуоруйа кэпсиирэ аҕыйаата,  сахалыы тылынан үөрэммэтэх төрөппүттэр оҕолоро төрөөбүт тылларын эмиэ билбэккэ улааталлар. Уһуйааҥҥа нууччалыы иитиллибит оҕо оскуолаҕа нуучча кылааһыгар үөрэнэ киирэр, икки тылынан хайатынан да толору саҥарбат буола улаатар, буккуллан хаалар.  Тылларын билбэт ыччаттар сахалыы саҥара үөрэнэн, оҕолорун төрөөбүт тылынан иитэллэрэ буоллар, тылбыт сүтэр куттала суох буолуо этэ. Оскуола бырагырааматыгар саха тылынан сөпкө саҥарарга үөрэтии чаастара эбиллэллэрэ бэрт буолуо этэ.

– Төрөөбүт тылга сыһыаны төрөппүттэр иитэллэр, онон оҕо тылын билбэт буола улаатара төрөппүт ситэ өйдөөбөтүттэн буолуон сөп. Ол эрээри киһи тылын билэрэ, билбэтэ олорор сириттэн эмиэ тутулуктаах. Холобура, нууччалыы эрэ  тыллаах уһуйаан эбэтэр оскуола  баар буоллаҕына, буккуллуу бардаҕа ол. Онон хас биирдии саха киһитэ төрөөбүт тылынан саҥарарын курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр иитии, үөрэтии, сайдыы үлэтэ барара ордук.

–    Бэйэм саха тылын учуутала үөрэхтээхпин, оскуолаҕа аҕыйах сыл үлэлээбитим, тыйаатырга үлэлээбитим сүүрбэ сыл буолла. Михаил Ефимович Николаев, Егор Петрович Жирков, Александр Николаевич Жирков, Анатолий Аркадьевич Бурнашов курдук төрөөбүт тылбытын харыстыыр, сайыннарар дьонноохпутунан киэн туттабын. Бу сийиэскэ сылдьан тэрээһиннэргэ кыттыспыппыттан, биир идэлээхтэрбин, билэр дьоммун көрсүбүппүттэн дьоллоохпун. Ньурба оройуонун үөрэҕириитин салаата  миигин уопсастыбанньыктар ааттарыттан делегацияҕа киллэрбитэ, кинилэргэ махталбын биллэрэбин.

– Төрөөбүт тылынан саҥарбат улахан да дьон, оҕолор да, хомойуох иһин, Ньурбаҕа суох буолбатахтар.  Оттон төрөөбүт тылбыт сайдыытын туһугар тус санаалардаах, этиилэрдээх  энтузиаст дьон баара санаабытын көтөҕөр. Холобура, Бигэ Өрүкүй Бааһынай уола соторутааҕыта «Сэһэн сирэ» биэриигэ кыттыбыта. Татьяна Александрова салайааччылаах «Сайдам тыл»  түмсүү быйылгыттан үлэлээн саҕалаата. Бу кэм устата «Ситиһиилээх оҕону иитии», «Үөрэҕи бүтэрэр оҕо ис-тас киэбэ (модель)», «Уустук кэм оҕотугар тыл тыынын иҥэриигэ санаалар», «Бастакы сахалыы мульт­сериал», «Дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы эйгэтин тэрийии», «YouTube ханаал нөҥүө оҕо сахалыы ситимнээх саҥатын сайыннарыы», «Ийэ тыл - омук тыына», «Икки тыллаах оҕону иитии психологическай өрүттэрэ» курдук тиэмэлэргэ кэпсэтиилэр,  араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Төрөөбүт тылбыт сайдарын, үйэлэргэ хааларын туһугар салалта, дьокутааттар дьаныардаах үлэни салгыы ыыталларыгар баҕарабын. Болҕомтону күүһүрдүөххэ диэн этиилээхпин.

                    Саҥалыы көрүү үөскээтэ

васильева

Васильева  Ирина Ивановна, Н.И.Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учуутала:

– Саха тылын үөрэтии сүрүн кыһалҕатынан, бастакытынан, олох тэтимэ түргэтээн, интэриниэт сайдан, оҕо сахалыы сатаан саҥаран кэпсэппэтэ, сахалыы тыллары өйдөөбөтө буолар дии саныыбын. Иккиһинэн,  алын кылаас учуобунньуктара оҕо сааһыгар сөп түбэспэттэр. Үсүһүнэн, орто сүһүөх учуобунньуга наһаа наукаҕа олоҕуран оҥоһуллубута. Онон оҕо ыарырҕатара үгүс. Уонна төрүт култуураны уруок быһыытынан үөрэппэт буолуу оҕону иитиигэ да, үөрэтиигэ да улахан охсууну оҥорор.

– Мин санаабар, төрөөбүт тылга сыһыан эмиэ төрөппүттэн, тулалыыр эйгэбититтэн улахан тутулуктаах. Төрөппүт, учуутал, уһуйааччы, о.д.а. эйгэбит биир кэлимник сомоҕолоһон, бары бүттүүн  үлэлээтэхпитинэ, сахалыы саҥабыт сайдыах этэ. Билиҥҥи туругунан, сахалыы тыын, хомойуох иһин,  тыа сиригэр эрэ баар курдук.

– Сийиэс үрдүк таһымнаахтык ааста. Мунаарар ыйытыктарбыт чопчуланнылар. Дэлэгээттэр, биир идэлээхтэрбит баай уопуттарын көрөн, санаа атастаһыытын истэн, саҥалыы көрүү үөскээтэ диэххэ сөп.

– Дьокутааттарга, өрөспүү­бүлүкэ салалтатыгар үөрэҕирии эйгэтигэр чааһы сарбыйбаттарын курдук үлэни ыыталларыгар баҕарабын. Билигин саха тылын үөрэтиигэ 1 кылааска 3 эрэ чаас үөрэтии татым. Бу сааска оҕо билэр-көрөр, кэпсэтэр эйгэҕэ тардыһыытын саҥа саҕалыыр кэмэ, ону учуоттаан, тылга 3 чаас, ааҕыыга 2 чаас буолуохтаах дии саныыбын.

Аны өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан төрүт култуура биридимиэтэ уруок быһыытынан бэриллэригэр үлэлэһэллэригэр, көмө буолалларыгар көрдөһүөм этэ.

Өссө «Төрүт тыллар» портал үбүлэнэн, үлэлээн саха тылын үөрэтиигэ көмө буоларыгар этиилээхпин, итиэннэ куйаар ситимигэр сахалыы тыллаах-өстөөх  оҕоҕо аналлаах биэриилэр үксүүллэригэр үлэни ыытарга. 

Тылы үөрэтии чааһа аҕыйах

сидорова

Сидорова Татьяна Дмитриевна, Чаппандатааҕы Н.Т. Степанов аатынан фолькор-литэрэтиирэ түмэлин салайааччыта:

– Мин санаабар, тылбытын билии, үөрэтии кыһалҕаларыттан кылаабынайдара – оскуолаҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтии чааһа аҕыйаҕа. Иккиһинэн, төрүт култуура чааһа уруок быһыытынан киирэрэ наада. Уонна саха тылын,  литэрэтиирэтин учуобунньуктарын оҕо өйдүүрүн гына судургутуталлара буоллар.

– Билигин тыа да сиригэр оҕолор бары Ютуб ханаалы чаастатык көрөр буоланнар, ханна да сырытталлар, нууччалыы эрэ кэпсэтэр буоллулар. Бу манна хас биирдии төрөппүт, эбэ, эһэ ураты болҕомтону уураллара буоллар ордук көмөлөөх буолуо этэ. Уонна Анатолий Бурнашев этэринии, оскуолаҕа эбэлэри, эһэлэри чугаһатан, иитии үлэтигэр кытыннарыахха сөп эбит.

– Инникитин саха тылынан кэпсэтиини сүтэрбэт туһуттан оҕо уһуйаантан саҕалаан, кыра сааһыттан сахалыы саҥарарын ситиһиэхпитин наада. Тэрилтэлэр, маҕаһыыннар ааттара икки тылынан суруллара ирдэнэрэ буоллар. Сахалыы тыллаах сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдара элбииллэрэ наада.

– Өрөспүүбүлүкэ салалтата, норуот дьокутааттара сийиэскэ этиллибит сүрүн боппуруостарга, этиилэргэ болҕомтолорун ууран, сөптөөх дьаһаллары таһааран көмө оҥороллоругар баҕарабын. Сийиэс биэс сыл буолан баран ыытылларын оннугар үс сылга биирдэ буолара буоллар, саха тылын үөрэтии үлэтин хаамыыта ордук  түмүктээх буолуо этэ.

захарова 1

Захарова Александра Николаевна, Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго комплекснай көмө киинин педагог-тэрийээччитэ:

– Мин санаабар, оскуолаҕа саха тылын үөрэтии чааhа аҕыйаабыта, саха төрүт култууратын, үгэстэрбитин киэҥник тарҕатыы суоҕа cүрүн кыhалҕа буолар.

– Биллэн турар, төрөппүттэртэн улахан тутулуктаах. Иитиллибит ийэ тылбытын улахан дьон, төрөппүттэр сахалыы санаанан салайтаран, ыллыктаах ыраас ийэ тылбытын тыыннаахтыы илдьэ сырыттахпытына эрэ ыччат дьоммут, кэнчээрилэрбит омук быhыытынан сайдыахтара, төрөөбүт төрүт тылбыт эмиэ сайдан сандаарыа.

– Төhөнөн элбэх киһи тыл сахалыы дорҕоонун, сахалыы өйү-санааны илдьэ сылдьар да, оччонон тылбыт өлүөр туруктанар, өлбөт-өспөт үгэстэнэр.

 – Саха үөрэҕэ тугу барытын төрдүттэн көрөр, силиhиттэн, түгэҕиттэн саҕалыыр, ол кэнниттэн ырытан, сааhылаан толкуйун тобулар. Тылбыт харыстабыллаах буоларыгар сүдү убайдарбыт эппит тылларын дириҥник үөрэтэн, билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэhиннэрэн, үгүс нормативнай докумуоннар тахсаллара буоллар, П.А. Ойуунускай «Саха тыла сайдыан баҕарабын,  сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин» диэн тыллара хас эмэ үйэ тухары салҕанан, омук быhыытынан  сайдан сандаарыа этибит.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением