Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит бары үөрэх кыһаларыгар Тиһэх чуорааннар чугдааран эрэллэр.

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит бары үөрэх кыһаларыгар Тиһэх чуорааннар чугдааран эрэллэр.

Абый улууһун Уолбут нэһилиэгэр быйыл оскуоланы соҕотох үөрэнээччи бүтэрэр -- Нил-Виктор Дохунаев.

нил 8 сайт

Кинини олох киэҥ аартыгар бүтүн оскуоланан атаардылар. Нил-Виктор маннык улахан болҕомтону ылыан ылар. Тоҕо диэтэххэ, соҕотоҕун оскуолатын аатын элбэхтэ олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэһиилэргэ көмүскээн, кыайыылаах аатын ылаттаабыта.
Дэгиттэр талааннаах Нил-Виктор Тиһэх чуораан күн бэйэтин бирииһигэр эстафета тэрийэн, үөрэнээччилэр үөрүүлэрин үксэттэ.

нил 9 сайт

Уолбут оскуолатын соҕотох выпускнига Нил-Виктор Дохунаевка ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Бу курдук туохтан да толлубакка, санаатын түһэрбэккэ, иннин диэки эрдээхтик эрдэн истин, дьоллоох-соргулаах киһи буоллун!

нил 3 сайтМанна даҕатан эттэххэ, ыам ыйын 21 күнүгэр Абый улууһун 7 оскуолатыгар 586 үөрэнээччигэ бүтэһик чуораан чугдаарда. Итинтэн 39 үөрэнээччитэ тохсус кылааһы, 33 үөрэнээччитэ уон биириһи бүтэрдилэр. Туйгун үөрэхтээх сэттэ оҕо, ЕГЭ-лэрин үрдүк баалга туттардахтарына, кыһыл көмүс мэтээллээх түмүктүөхтэрэ.
Хотугу кыраай оҕолоро, кытаатыҥ, улуускутугар туһалаах дьон буола үүнүҥ!

нил 2 сайтнил 4 сайтнил сайт

  • 10
  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21