Олор түөрт атахтаах доҕотторо тахсан киирбиттэрин кэннэ, кэннилэриттэн хаһан да хомуйбаттар эбит. Оҕо оонньуур былаһааккалара ыт сааҕынан туолалларын сиргэнэ кэпсииллэр.
2022 с. муус устар 28 күнүттэн маннык эппиэтинэһэ суох быһыыга ыстараап олохтонно.
СӨ Бэрээдэги кэһии административнай кодексыгар Ил Түмэн дьокутааттара эбиилэри киллэрдилэр. Мантан ыла маҥнайгы тутуллууга сэрэтии бэриллиэҕэ эбэтэр 1-1,5 тыһыынча солк. ыстараап суруллуоҕа. Хаттаан “буруй” оҥоһуллар түгэнигэр, ыстараап 3-5 тыһыынча солк. буолуоҕа.
Сиэрдээх киһи бэйэтин уонна эппиэтинэһигэр ылбыт кыылын-көтөрүн кэнниттэн бөҕү-кири хаалларбат баҕайыта. Бөһүөлэкпит, куораппыт, тулалыыр эйгэбит ырааһа бэйэбититтэн тутулуктааҕын умнумаҥ.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0