Докумуону муус устар 18 күнүгэр дьокутааттар Рима Баталова уонна Дмитрий Погорелай киллэрдилэр. Кинилэр: “Арассыыйа Салгынынан көтүү кодексыгар уларытыылары киллэрэн, 2-тэн 12-гэ диэри саастаах оҕолордоох айанныыр төрөппүттэр уонна арыалдьаттаах инбэлииттэр сөмөлүөккэ миэстэни босхо талыахтарын сөбүн бигэргэтиэххэ”, -- диэн эттилэр.
Парламентарийдар бэлиэтииллэринэн, билигин сокуоҥҥа «кэккэлэһэ олоруу» диэн өйдөбүл сиһилии чопчуламматаҕын түмүгэр, төрөппүтү уонна оҕону тус-туспа олордуохтарын сөп. Оттон бииргэ олоруоххутун баҕардаххытына, бу өҥө төлөбүрдээх
Онон сокуону ылыннахтарына, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ абыраллаах буолуо эбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0