Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Кэнники сылларга саха ыччата бэйэ биисинэһин тэринэн, араас хайысхаҕа ылсан үлэлэһэр.

Евгений Кривошапкин “Капитал” диэн тутуу тэрилтэлээх. Кини кыратыттан үлэҕэ сыстаҕас буола улаатан, кимиэхэ да сэлээннэммэккэ, бэлэми күүтэн олорбокко, оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускай куорат биир управляющай хампаанньатыгар үлэҕэ киирэн, ититэр ситими тардыыга үлэлэспит. Сыыйа таас кыбартыыралары өрөмүөннэһэн, түннүк, аан туруорсан, дьиэни тупсаҕай гына оҥоруу сатабылыгар уһуйуллубут.  Билигин саха ыччата бу эйгэни баһылаата, омуктардааҕар ордук оҥорор буолла. Оттон оччолорго Евгенийдээх олохтоохтортон бастакы хараҥаччылар этилэрэ.

Кэнники сылларга саха ыччата бэйэ биисинэһин тэринэн, араас хайысхаҕа ылсан үлэлэһэр.

Евгений Кривошапкин “Капитал” диэн тутуу тэрилтэлээх. Кини кыратыттан үлэҕэ сыстаҕас буола улаатан, кимиэхэ да сэлээннэммэккэ, бэлэми күүтэн олорбокко, оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускай куорат биир управляющай хампаанньатыгар үлэҕэ киирэн, ититэр ситими тардыыга үлэлэспит. Сыыйа таас кыбартыыралары өрөмүөннэһэн, түннүк, аан туруорсан, дьиэни тупсаҕай гына оҥоруу сатабылыгар уһуйуллубут.  Билигин саха ыччата бу эйгэни баһылаата, омуктардааҕар ордук оҥорор буолла. Оттон оччолорго Евгенийдээх олохтоохтортон бастакы хараҥаччылар этилэрэ.

Баҕалаах баҕанаҕа ыттар

Идэтийиигэ аҥаардас сатабыл элбэҕи быһаарбат, үөрэх-билии булгуччу наада. Онон Евгений Красноярскай куоракка тутуу үрдүк үөрэҕэр туттарсан киирбит.

--Устудьуон кырыымчык кэмнэрэ саҕаламмыттара: харчыга ыктарыы, хас биирдии солкуобайы ааҕыы... Биирдэ хааман иһэн, дьээбэҕэ биир дьиэҕэ киирэн, ыстаарысталарын кытта кэпсэттим, өрөмүөн өҥөлөрүн оҥорорбутун эттим. Киһим сыанатын ыйыталаста. Ону мин: “Подъезкытын 3 тыһыынча солкуобайга өрөмүөннээн биэриэхпит”, -- диэтим. Бастаан итэҕэйбэтэхтии тутунна, соһуйда аҕай. Онтон үөрүүнү кытары сөбүлэстэ. Тута ол уопсай дьиэ олохтоохторугар “Саха Сириттэн сылдьар уолаттар чэпчэки сыанаҕа өрөмүөн оҥороллор үһү” диэн сурах тарҕаммыт. Онон атын ыстаарыста кэллэ уонна эмиэ оҥотторуон баҕарарын эттэ. Мин сыанатын үрдэтэн: “Тоҕус тыһыынчаҕа”, -- диэтим. Бастаан: “Эс, кинилэргэ 3 тыһыынча солкуобай диэбиккин”, -- диэн түһэрсэ сатаата. Ону мин: “Эһигини булаары, итилэргэ үс тыһыынчаҕа оҥоробун”, -- диэтим. Хайыай, күлэн баран сөбүлэстэ. Иккис сакааспыт бүтэн эрдэҕинэ, өссө атын ыстаарыста кэллэ. Сыанабытын 18 тыһыынчаҕа таһаардыбыт. Итинник хас да подъеһы оҥорбуппут.

Красноярскайга үөрэнэрим тухары элбэх кыбартыыраны өрөмүөннээбиппит, ол иһин наар харчылаах сылдьыбытым. Биригээдэбэр билэр уолаттарбын, кинилэр убайдарын, бырааттарын ыларым. Аэропорка сөмөлүөт түһэр балаһатын кытта оҥорбуппут, маҕаһыын туппуппут. Онон устудьуоннуур сылларбар бэйэбин бэйэм хааччыммытым.

Евгений олоҕун сибэккилэрэ

Ханнык баҕарар ситиһиилээх киһи өйүүр киһилээх буолар. Евгений кэргэнэ Саргыйаанатын кытта маҥнайгы кууруска сылдьан билсибит. Иккиэн Сибиирдээҕи федеральнай университет архитектурнай-тутар институтун бүтэрбиттэр. 2011 сылтан Дьокуускайга олороллор. Билигин Саргыйаана бырайыак оҥорооччу, тэрилтэ тутаах үлэһитэ. Дьааҥы улууһуттан төрүттээх.

евгений 2

Евгенийдээх Саргыйаана тапталларын туоһута -- икки кэрэчээн кыыс оҕолоро. Улаханнара 10 сааһын оруобуна бу Ньукуолуҥҥа бэлиэтээбиттэр. Үс саастаах Күннэй дьонун маҥнайгы ситиһиилэринэн үөрдэр.

евгений 3

Уопутуруу

Евгений Дмитриевич үөрэҕин бүтэрээт, “Центрснаб” тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбит. Дириэктэрэ Михаил Матвеев олус өйөөбүт. Эдэр исписэлиискэ уопсай дьиэҕэ хос биэрэн абыраабыт.

Тутуу сезона түмүктэммитин кэннэ, Евгений Кытай Харбин куоратыгар икки нэдиэлэ устата уопут атастаһар сыаллаах практикаламмыт. Маннык маастарыстыбаны үрдэтэр, саҥа технологиялары баһылыырга уһуйар  үөрэхтэргэ Евгений кэмиттэн кэмигэр куруук сылдьар. Киһи төһөнөн билиитэ хаҥыыр да, соччонон сайдара биллэр суол.

евгений 4

Кэлин бу тэрилтэтигэр үлэ аччаан, аны “СУ-98” тэрилтэҕэ маастар-прорабынан, учаастак начаалынньыгынан көспүт. “Киһи бэйэтин кыаҕын тургутан көрөрүгэр бэрт тэрилтэ этэ”, -- диэн ахтар.

Манна кинилэр өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ эбийиэктэрин тутаннар, харчы эргиирин көрдөрүүтүнэн ДСК кэнниттэн иккис миэстэ буолбуттар. Бэртээхэй уопуту, билиини ылбыт. Ол эрээри улуустарынан командировката элбэх буолан, дьиэ кэргэммиттэн тэйэн эрэбин дии санаан, барыыта-кэлиитэ суох үлэни буларга санаммыт. “Якутскэнерго” уонна “Сахаэнерго” кыттыгас «Энергетик» ЖСПК тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбит. Эмиэ туспа суоллаах-иистээх тутуу тэрилтэтэ өссө биир умнуллубат бэлиэ түгэни бэлэхтээбит – Дьокуускай куорат Дзержинскэй уулуссатыгар саамай үрдүк мэндиэмэннээх дьиэни үлэҕэ киллэрбиттэр.

евгений 5

Бу кэннэ Евгений Дмитриевич туспа тэрилтэ тэринэн, урбаанньыт суолугар үктэммит.

Бэйэ биисинэһин тэринии

Бэйэ тэрилтэтин арыйан үлэлэтии манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Маныаха түүннэри-күнүстэри толкуй, өрөбүлэ суох сүүрүү-көтүү ирдэнэр.

--2017 сыллаахха диэри урбаанньыт буолар туһунан санаабат да этим, -- диэн кэпсиир. -- Ырыынакка бигэ турук суоҕун кэриэтэ. Араас докумуоннары толоруу бүппэт бүрүкүрээтийэтэ да салыннарара. Аны сыана халбаҥныыра, сотору-сотору уларыйара саарбахтатара. Ол эрээри хаһааҥҥа диэри оннук барытыттан салла-толло сылдьыахпыный, эрдээх санааны ылынан, тэрилтэ тэриммитим. Барыһырар туһуттан буолбакка, бэйэм кыахпын холонон көрөөрү. Аймах уолаттарбын түмэн, гараас уларсан, онно араас инструмент атыылаһан аҕалан туруоран, миэбэл оҥорон саҕалаабыппыт. Сыыйа улахан эбийиэктэри ылсарга соруммутум. “Сахаэнерго” ХЭТ уот ситимин тардарга эппитэ. “Лөкөчөөн нэһилиэгэр”, -- диэбиттэригэр, эбэм дойдута буолан, наһаа чугастык истибитим. Доҕорум Толя Федоров сакааһы биһиэхэ биэрэллэрин курдук: “Анал тиэхиньикэ, туттар тэрил барыта баар”, -- диэн куоһурдаммыта. Онон хаһан да алтыспатах үлэбитин толорор эбээһинэһи сүкпүппүт. Этэргэ дылы, ону үөһэттэн бэриллибит бэлиэ курдук ылыммытым. Олус долгуйбутум эрээри, ону биллэрбэккэ, үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол кэмтэн ыла күн бүгүнүгэр диэри уот ситимин тардар дьарыктаахпыт, энэргиэтикэ эйгэтигэр үлэлиибит.

евгений 6

Дьэ, кырдьык, 20 үлэһиттээх «Капитал» тутуу хампаанньата билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тиийэн, уот ситимин тардар бигэ туруктаах тэрилтэ буола үүннэ.

Евгений Кривошапкин саамай киэн туттар үлэтинэн Муома улууһун бары нэһилиэктэригэр уот ситимин тардыбыттарын ааҕар. Хоту дойду сирэ элбэх таастаах буолан, тиэхиньикэ үлэлииригэр, буурунан хаһарга күчүмэҕэйдэри үөскэппит. Ол эрээри Евгенийдээх уустуктартан самныбакка, Муоманы бөһүөлэктэригэр уотун ситимин саҥардыбыттар.

Дьонноох киһи охтубат

Киһи бу орто туруу бараан дойдуга билиини кинигэттэн эрэ буолбакка, дьону кытары алтыһан, кэпсэтэн-ипсэтэн сайдар. Евгений бэйэтэ кэпсииринэн, кинини тутуу эйгэтигэр таайа Игорь Кривошапкин аҕалбыт. Кэлин ити кини энэргиэтикэ салаатын кытары сибээстээбит. Бу диэн толкуйдаан көрдөххө, бэйэтин аймахтара, төрүттэрэ бары учууталлар эбит. Онон кини даҕаны суола чыҥха атын буолуон сөбө.
-         Киһи наар биир эйгэлээх дьонун кытта алтыстаҕына ыыра кыарыыр. Араас өйдөөх-санаалаах, идэлээх-үөрэхтээх дьоннуун билсэр, доҕордоһор ордук. Ким эрэ тэрилтэ салайааччыта, ким эрэ муоста сууйааччы – бары билиини биэрэллэр. Красноярскайга, Москубаҕа үөрэммит буоламмын, билсэр дьонум Арассыыйа араас муннуктарыгар олороллор. Холобур, маҥнайгы биригээдэбин хайдах тэрийбиппиний? Урут үлэлээбит тэрилтэлэрим дьонун ыҥырбытым. Үчүгэй сыһыаннаах буоллаххына, сибээс оннук хас эмэ сыл устата, ардыгар олоҕуҥ тухары хаалар. Урут быстах үлэлэргэ сылдьарбар көмөлөспүт уолаттарым --  билигин сүрүн үлэһиттэрим.

евгений 7

Ситиһиилээх урбаанньыт буолар кистэлэҥэ -- бириэмэтигэр сөптөөхтүк хамсанан уонна эрдэттэн дьаһанан сылдьыахха наада. Чиэһинэйдик үлэлээтэххэ, толлон турбатахха, барыта табыллан иһэр. Ис тутулуҥ, сүнньүҥ кытаанах, булгуруйбат модун буолуохтаах, ол эрээри сорох түгэҥҥэ сымнаан биэриэхтээххин.

Билигин кириисис кэмигэр элбэх тэрилтэ, фирма сабылынна. Онон араас хайысха аана аһылынна. Омук табаардарын солбуйары толкуйдаан, олоххо киллэрэргэ саамай тоҕоостоох кэм.

Дьиэ кэргэним – кытаанах эркиним

Евгений эбэҕэ иитиллибит оҕо. Ол иһин олох муудараһын иҥэринэ улааппыт. Эбэтэ уонна ийэтэ иккиэн учууталлар эбит.

евгений 8

--Уус Алдан Тандатыттан төрүттээхпин. Эбэм Евдокия Гаврильевна, ийэм Ираида Иннокентьевна Кривошапкиналар диэн.

Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Мин саамай улаханнара буолабын. Онтон кэлэр быраатым Кэбээйигэ канадскай тэрилтэҕэ ГСМ начаалынньыга. Балтым Красноярскай куоракка ыал буолан олорор. Визажистыыр. Кыра быраатым Москубаҕа устудьуоннуур. 

“Эбээ оҕото айылҕаҕа сыстаҕас буолар” дииллэр. Ол даҕаны иһин буолуо, Евгений саас, күһүн тыаҕа атынан сылдьарын ордорор. Маны тэҥэ дьиэ кэргэнинэн аан дойдуну кэрийэллэр. Онно тиийэн, дайвинныырын астынар эбит. Быйыл дайвмастер үрдүк аатын сүкпүт.

          Үлэни өрө туппут Евгений Кривошапкин өрүү бу курдук олох кэрэтин, үтүөтүн эрэ биллин, дьонугар-сэргэтигэр туһалыы сырыттын!

евгений 9евгений 10евгений 11евгений 12евгений 13

  • 8
  • 4
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением