Зоя Белолюбская, Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл научнай сотруднига:
-Түмэлбитигэр 5 экспозиционнай саалалаахпыт. Бастакы саалаҕа былыргы археология хаһыытыттан саҕалаан, нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Лөгөй Тойон Мүрү кытыытыгар хайдах олорбута көстөр.
Бороҕон сахаларын салайааччыта Сэһэн Ардьакыап XVIII-XIX үйэлэр кирбиилэригэр олоро сылдьыбыта. Уопсастыбаннай диэйэтэл этэ. Сахалар тустарынан былааны ыраахтааҕыларга тиийэн туттарбыта. Ол былаан 7 түһүмэхтээх этэ. Кини үрдүк таһымҥа: "Биһиги Саха Сирэ Арассыыйаҕа бэйэбит баҕабытынан киирбиппит. Тихоокеанскай биэрэги, Охуоскай муораны Арассыыйа баһылыырыгар Саха Сирэ плацдарм буолар, Саха Сирэ эһиннэҕинэ, Нуучча сирэ эмиэ мөлтүүр", - диэн аан бастаан эппитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0