- Афанасий Иннокентьевич, үтүө күнүнэн! Бүгүн тыа сирин олоҕун туһунан кэпсэтии барыаҕа. Тыа ыала хайдах дьаһанан олорорун эн дьиэ кэргэҥҥинэн холобурдаан, ааҕаччыларга сырдатыахпыт.
- Биһиги Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ олоробут. Тыа сирин олохтоохторо буоламмыт кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Ынах сүөһү, сибиинньэ, куруолук ииттэн, эбии аһылык, дохуот киллэринэбит.
- Улуус киинигэр кэтэх хаһаайыстыба тутар хайдаҕый?
- Бэйэм Хара Алдан нэһилиэгэр 12 оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэбит Ульяна Иннокентьевна Захарова-Дьоруой Ийэ. Сопхуоска ыанньыксыттаабыта, аҕабыт Иннокентий Иннокентьевич Винокуров кадровай булчутунан үлэлээбитэ. Тыа киһитэ барыта үлэни өрө тутан олорбута. Уонна оччотооҕу кэмҥэ хас биирдии ыал кэтэх хаһаайыстыбалааҕа. Бэйэм эмиэ ыанньыксытынан үлэлээбит буолан, сүөһү көрүүтүгэр сыстаҕаспын. Этэргэ дылы оҕо сааспыттан алтыспыт дьиэ кыылларым буолаллар.
- Эһиги ыал кэтэх дьиэлээххит дуо?
- Биһиги нэһилиэк килбэйэр киинигэр таас дьиэҕэ олоробут. Ол эрээри, нэһилиэк кытыытыгар кэтэх уһаайбалаахпыт, онно дьиэ, хотон туттубуппут, оҕуруот сирдээхпит. Дьиэбит ис-тас оҥоһуутун бүтэрдэрбит, тута көһөр былааннаах олоробут.
- Төһө улахан хаһаайыстыбалааххытый?
- Улуус киинигэр олохсуйарбытыгар бастаан коза ииппиппит. Элбээбитэ сүүрбэҕэ тиэрдибиппит. Дохуота кыра буолар. Онтон сүбэлэһэммит ынах иитэргэ сананан, Уус Тааттаттан үс борооску атыыласпытым. Социальнай контракка киирсэн 180 тыһ. биэрбиттэригэр, хотон туттубуппут. Үс борооскум төрүөх биэрэн, билигин уонча сүөһүлээхпит. Олортон үһэ ыанар ынах. Хата куруолуктары иитэн ас таһаарынабыт. Көрөргө судургу, анал корма, от, талах сиэтэбит, уу иһэрдэбит. Хотоҥҥо табан кыстыыллар. Былырыын иккист төгүлүн социальнай контрагынан 200 тыһ. солк. ылбыппыт. Онно үп эбэн сэндвиһынан саҥа хотон туттубуппут. Хотон итии буолан түргэнник төрүөх биэрэллэр. Үчүгэй аһылыктаах буоллаҕына, 28 хоно-хоно төрүүр. Сылга 3-4 төрөтөбүн. Идэһэ да гынан абыранныбыт. Дьоҥҥо да атыылаан эбиискэ гынабыт. Балары таһынан куурусса иитэбит. Барыта түөрт уон кууруссалаахпыт. Киһи оттуур сирим суох, хотонум суох диэн ытаммакка, социальнай контрактарга киирсэн, бастакы тирэҕи оҥостуохха сөп.
- Сүһүөлэргэр оттуур сирдээххин дуо?
- Оттуур сирбит суох. Хас сайын ахсын үрэхтэри кэрийэ сылдьан, дьон оттообот сирин оттоон, сүөһүлэрбитин сыл таһаарабыт. Тиэхиньикэ суох ыалабыт, штильбитин сүгэ сылдьан оттуубут. Иитимньилэрим барыта от көрдүүллэр. От кырыымчыгыттан коза иитиитин тохтоппуппут.
- Онон эһиги ыал бэйэ тиэргэниттэн аһылыктаах буоллаххыт.
- Оннук, барыта натуральнай ас. Сайынын кыһынын сиир арыыбытын бэлэмнээн хаһаанабыт. Идэһэҕэ ынах, куруолук этин сиибит. Айылҕа бэлэҕиттэн барытын сомсобут, ол курдук чучунаахтан саҕалаан, күһүн отоҥҥо тиийэ барытын үргүүбүт. Оҕуруот аһын элбэҕи олордобут. Барытын бэйэм кэнсиэрбэлиибин.
- Бэйэҥ туох идэлээххиний? Идэҕинэн үлэлээбитиҥ дуо?
- Мин Хара Алдан аҕыс кылааһын кэнниттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх үлэһит каадыры бэлэмнээбит, күн бүгүн да бэлэмнээн таһаарар, Харбалаахтааҕы 18 нүөмэрдээх СПТУ-га үөрэнэн, бэтэринээр идэтин ылбытым. Ол эрээри идэбинэн биир эрэ сыл үлэлээбитим. Төрөөбүт сопхуоспар уонтан тахса сыл ыанньыксыттаабытым. Онтон Ытык Күөлгэ “Таатта” ПО бэкээринэтигэр эмиэ уонтан тахса сыл биэкэрдээбитим. Биэкэр үлэтэ олус ыарахан үлэ, эр киһи үлэлиэн сөптөөх идэтэ. Идэбин сыыһа талбыппын диэн санааҕа кэлбитим. Оҕо эрдэхпиттэн ас астыыбын, ис -испиттэн ас астыырбын сөбүлүүбүн, туох да аһы иҥиннэрбэккэ астыыбын. Күһүн оҕуруотум аһыттан эҥинэ бэйэлээх кэнсиэрбэлэри оҥоробун. Рецептэрбин үтүүптэн, бассаапка кэлбити сөптөөҕү талан ылан туһанабын. Ол кэнсиэрбэлэрбин кыһын устата сиибит, аджиканы игин ааһан иһэн оҥоробун. Аан дойдуга аатырбыт асчыттар, портнойдар эр дьоннор диэни бэйэбинэн ылынабын, олох сөпсөһөбүн. Эр киһи аһа минньигэс буолар.
- Винокуровтар дьиэ кэргэн хас оҕолооххутуй?
- Кэргэмминээн Зоя Константиновналыын үс оҕолоохпут. Иккиэн биэкэрдээбиппит, үлэ холбооттообут ыалабыт. Улахан уол Дмитрий ХИФУ инженернай- техническай институтун бүтэрбитэ. Билигин Москваҕа МГУ-га “геодезия уонна картография” магистратуратыгар үөрэнэр, быйыл бүтэрэр. Кыыспыт Анжела Покровскайдааҕы колледжка “компьютерные системы и комплексы” диэн идэҕэ үөрэнэр, кыра кыыспыт Эльза оскуоланы бүтэрээри эксээмэннэри туттарар.
- Ыал аҕата быһыытынан оҕо иитиитигэр туох ньыманы холобурдаан туттаҕын.
- Оҕолорбун үлэнэн иитэбин. Бэйэм кэммэр элбэх оҕолоох тыа ыалыгар иитиллибит буолан, барыны-бары сатыыр, туох да үлэттэн толлубат буола улааппытым. Билигин сиртэн тэйии бара турар, уустук кэмҥэ олоробут. Былыр-былыргыттан саха киһитэ өбүгэ үгэһинэн олорон кэлбитэ. Сүөһү итиитэ сүрүн үгэспит буолар. Бу үгэстэн тэйимээри ииттэбин. Сүөһү көрүүтэ барыта үлэ. Бу үгэс тула оҕолорбутун үлэҕэ сыһыаран улаатыннардыбыт. Кэлин бу үөрүйэхтэрэ бэйэлэригэр туһалыаҕа. Дьиэ кэргэнинэн сүөһүбүтүн, оҕуруоппутун бииргэ көрөбүт. Сайынын оттуубут, сир астыыбыт. Тыа ыалын сиэринэн кыратык да буоллар, сиргэ сыһыара, бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччынарга үөрэтэ сатыыбын.
- Кэтэх хаһаайыстыбаттан киһи төһө дохуот киллэринэрий?
- Эбии дохуоту сүрэхтээх киһи киллэринэр. Ыһыах кэмнэригэр хорчуопкаларга быырпах оҥорон атыылыыбын. Бэйэ кууруссатын сымыытын былдьаһыгынан ылаллар. Куруолук түргэнник тэнийэр, куруолугу төрөтөн атыылыыбыт. Оҥорбут кэнсиэрбэлэрбин күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа атыылыыбын.
- Киһи баҕа санаатын толороругар туох нааданый?
- Баҕа санаа хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах. Оччоҕо киһи олоххо тардыһыыта күүһүрэр, санааҕын ситээри, олоххо киллэрээри күннэтэ түбүгүрэҕин. Баҕа санаан үлэлээтэххинэ-хамнаатаххына туолар буоллаҕа. Мин үһүс группалаах инбэлииттээхпин. Ону ыалдьабын дэммэккэ, дьон тэҥинэн ыал буолан, оҕо төрөтөн, кинилэри улаатыннарарга түбүгүрэн, билигин оҕолорбутун кытта тэҥҥэ бииргэ хаһаайыстыбабытыгар үлэлээн, сир астаан, айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан олорорбутуттан үчүгэй туох да суох.
- Афанасий Иннокентьевич, сахалыы куттаах дьиэ кэргэн баһылыгын аатын сүгүөн сүгэр эбиккин. Сүөһүнү, дьиэ кыылларын ханнык баҕарар ыал иитиэҕин сөптөөҕүн тус холобургунан, үлэҕинэн көрдөрөҕүн. Ону икки төгүллээн социальнай контрагынан туһанан хотоннору туппутун да көрдөрөр. Сайынын штиль сүгэһэрдээх от оттуурун да элбэҕи кэпсиир. Эн курдук санаалаах тыа сирин олохтооҕу дэлэйдин, үгэспит симэлийбэтин!
Вера Канаева, Таатта
- 15
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0