Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сандал саас маҥнайгы бырааһынньыгын көрсө Саха Сирин бэлиитикэтин биир чаҕылхай Далбар хотунун Августа Дмитриевна Марфусалованы кытта ирэ-хоро кэпсэппиппин ааҕааччыбар тиэрдиим. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) II ыҥырыытын дьокутаата, олоҕун тухары аҕыйах ахсааннаах норуоттар тустарыгар туруулаһар эбэҥки норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэлэ.

Сандал саас маҥнайгы бырааһынньыгын көрсө Саха Сирин бэлиитикэтин биир чаҕылхай Далбар хотунун Августа Дмитриевна Марфусалованы кытта ирэ-хоро кэпсэппиппин ааҕааччыбар тиэрдиим. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) II ыҥырыытын дьокутаата, олоҕун тухары аҕыйах ахсааннаах норуоттар тустарыгар туруулаһар эбэҥки норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэлэ.

АҔЫЙАХ АХСААННААХ ТӨРҮТ НОРУОТТАР ТУСТАРЫГАР

657567.jpeg

Августа Дмитриевна, эн олох эрдэттэн бэлиитикэҕэ сыстан үлэлээбит эбиккин дии? 

Оннук этэр табыллыбата буолуо, тоҕо диэтэр, сэбиэскэй бириэмэҕэ бу кыра омуктар диэн улаханнык араарбат этилэр. Ол гынан баран, сэбиэскэй былаас төрүттэниэҕиттэн, 20-с сыллартан аҕыйах ахсааннаах норуоттары судаарыстыба көрөр эбит. Мин эһэм Иван Тимофеевич 1928-1929 сс. Хотугу аҕыйах ахсаанаах норуоттар дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэти салайа сылдьыбыта. Үөрэҕэ суох, булчут, табаһыт оҕонньору Ойуунускайдаах таба көрөн, бэйэлэригэр чугаһатан, кэмитиэт салайааччытынан оҥороллор. Ол саҕана хоту кыһалҕата элбэх этэ буоллаҕа, чуолаан аһылыгынан хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турара уонна нэһилиэктэринэн салайыы саҕаламмыта.

Уопсайынан, ханнык баҕарар дойду бырабыыталыстыбата тосту уларыйыылаах кэмнэргэ бу чахчы биһиэхэ балаһыанньа кытаанах уонна туох эрэ уларыйыы наада диэн дакаастыырыгар төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕатын холобур оҥостон инники таһаарара. Тургутуулаах кэмҥэ, бастакы уочарат, кыра ахсааннаах төрүт омуктар уларыйыы саамай кытаанах сабыдыалыгар түбэһэллэр. Мантан да көрдөххө, төрүт норуоттар, эбэҥкилэр да буоллун, индиэйэстэр да буоллун, Африка кыра омуктара да буоллун, кыһалҕалара куруутун баар, симэлийбэт.

1987 с. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын Ассоциациятын тэрийэллэр. Оччолорго мин Алдан оройуонун райкомугар сэкирэтээрдиир этим. Онно ССКП Киин Кэмитиэтин уурааҕа кэлбитэ, аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар балаһыанньаларын үөрэтиҥ уонна тоҕоостоох миэрэлэри ылыҥ диэн сорудахтаабыттара. Бу хамсааһын биллэр суруйааччылар, ол иһигэр нивх омук суруйааччы уонна публициһа Владимир Санги, эбэҥки суруйааччыта, прозаига Галина Варламова-Кэптукэ илии баттаһан ССКП КК сурук ыыппыттарыттан саҕаламмыта. Биһиги Алдаҥҥа социальнай чинчийии оҥорбуппут уонна соччото суох түмүккэ кэлбиппит. Омос ылан көрдөххө, бырамыысыланнас сайдыбыт Алданыгар олох-дьаһах күөстүү оргуйар курдук эрээри, төрүт олохтоохтор чахчы ыараханнык олорор этилэр. Дьэ, ити 1987 сылтан күн бүгүнүгэр диэри мин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар дьыалаларынан дьарыктанабын. Маныаха үлэлэһэр кыһалҕаларбыт уларыйа тураллар, холобур, биир кэмҥэ экэниэмикэ үрдээһинэ, онтон култуура кыһалҕата, бүгүн төрүт тыл сайдыытын боппуруоһа сытыытык турар. Ол аайы араас сыһыан, тустаах уратылардаах үлэ.

ХАРЫСТААҺЫН, ЧӨЛҮГЭР ТҮҺЭРИИ, САЙЫННАРЫЫ

14.jpeg

- Дьокутааттыы олорон бу хайысхаҕа үгүс сокуон олоххо киирэригэр үлэлэспитиҥ. Ол сокуоннар билигин аҕыйах ахсааннаах норуоттар сайдыыларыгар туох үтүө түмүктэрдээхтэрий?

- 1991 с. өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт тэриллибитэ. Салайааччынан Кейметинов Василий Афанасьевич буолбута уонна кини 6-7 киһилээх кэмитиэти таҥарыгар, тоҕо эрэ, миигин Алдантан ыҥыран ылбыта. Оччолорго баартыйаны суох гыммыттарыгар, мин үлэтэ суох хаалбыт кэмим этэ. Онон Василий Афанасьевич бырабыыталыстыбаҕа ыҥырбытыгар олус махталлаахпын, тоҕо диэтэр бу олохпор саамай суолталаах түгэнинэн буолбута. Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктары кытта үлэлэһии ситэриилээх былаас уорганнарын санныгар сүктэриллибитэ. Саамай үчүгэйэ диэн Василий Афанасьевич тустаах кэмитиэккэ араас төрүт омуктар бэрэстэбиитэллэрин ылбыта. Онон өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии аҕыйах ахсааннаах норуотун хабаммыт, бу хайысхаҕа бэлиитикэни олохтооһуҥҥа үлэлээбиппит. 1992 с. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ тэриллибитэ уонна сүрүн болҕомтотун экэниэмикэ уонна култуура сайдыытыгар туһаайбыта. Кыһалҕалаах боппуруостары министиэристибэлэри кытта быһаарсан, туруорсан, бырабыыталыстыба дьүүлүгэр таһааран, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар олохторун сайыннарарга туһаайыллыбыт сокуоннар ылыллалларыгар министиэристибэ тирэх буолбута. 1998 сылга диэри «Общиналар тустарынан» биир эрэ сокуон баар этэ. Бу сокуону ССРС Үрдүкү Сэбиэтин, Саха АССР  Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Мария Петровна Погодаева оҥорбута. Оччотооҕу бириэмэҕэ олус тоҕоостоох сокуон этэ, тоҕо диэтэр, сопхуостар ыһыллыбыт кэмнэригэр табаны иитиини харыстыыр сыаллааҕа. 1991 сылга быһа холоон 300 тыһ. тахса таба баар эбит буоллаҕына, 1998 с. 140 тыһ. тахса эрэ төбө хаалбыта. Дьон хамнас ылбаттар, судаарыстыбаннай хааччыйыы суох буолбута, онон табаларын ахсаанын аччатарга күһэллибиттэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ төрүт салаалары судаарыстыба толору хааччыйар этэ. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар олорор дэриэбинэлэрэ сопхуостартан тутулуктанара. Онтон сопхуостар судаарыстыбаттан субсидияланар этилэр. Бу барыта ыһыллыы кэмигэр чааһынай бас билиигэ киирбитэ. Мария Петровна маннык буолуон сэрэйэн, ырытан көрөн, общиналары тэрийэргэ сокуоҥҥа олоҕурар усулуобуйаны оҥордоҕо. Маны сэргэ төрүт олохтоох дьиэ кэргэн үгэстэрин чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыбыта. Онон өрөспүүбүлүкэ кэми мүччү туппакка сөптөөх быһаарыныылары ылбыта олус үчүгэй диэн сыаналыыбын.

Ил Түмэн мунньаҕын хас биирдии ыҥырыыта тус уратылаах, чопчу соруктардаах. Онон мин үлэлээбит кэммэр Ил Түмэн II ыҥырыыта төрүт омуктар култуураларын харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ, сайыннарыыга сүрүн тирэхтэри олохтообута. Ол курдук, «Таба иитиитин туһунан», «Булт уонна бултааһын туһунан», «Балыктааһын уонна балык хаһаайыстыбатын туһунан», «Хотугу төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын туһунан» о.д.а. үгэс буолбут хаһаайыстыбаннай үлэ сайдарыгар тирэх сокуоннары оҥорууга үлээбиппит. Тоҕо эрэ «Дьиэ табатын иитии туһунан» сокуону наһаа өр ылымматахтара. Ыҥырыыбыт болдьоҕо бүтэрин саҕана «СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын дьоҕус түөлбэлээн олорор сирдэригэр (территорияларыгар) национальнай административнай-территориальнай тэриллиилэрин статуһун туһунан» сокуоҥҥа үлэлэспиппит.

Маны сэргэ мин Юрий Николаевич Прокопьев салайааччылаах Ил Түмэн Экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтигэр үлэлээбитим. Маныаха көмүһү хостуур бырамыысыланнаһы сүрүннүүр “Күндү металл туһунан” бастакы сокуону сылы быһа дьүүллэспиппит. Бу сокуон ылыллыбатаҕа буоллар, көмүһү хостуур бырамыысыланнас барыта чааһынай дьон бас билиитигэр киирбит буолуо этэ.

Билигин аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрөөбүт тылларын чөлүгэр түһэрии уонна харыстааһын боппуруоһунан дьарыктанабын. Тоҕо «Көс дьиэ кэргэн туһунан» сокуон барылын оҥорбутум буолуой? Манна даҕатан эттэххэ, бу сокуон төрүт омуктар тустарынан 21 сокуонтан саамай тиһэх ылыныллыбыт сокуон буолар. Тоҕо диэтэххэ, сүтэн эрэр тылы сайыннарыы – бу ыарахан дьыала, төрөөбүт тылынан күннэтэ кэпсэппэт буоллахха, кинини чөлүгэр кыайан түһэрбэккин. Билигин Феодосия Габышева көмөтүнэн үөрэх министиэристибэтэ бу кыһалҕаны күүскэ ылсан үлэлээн эрэр. Мин өйдүүрбүнэн, 1991 сыллаахха Алдаҥҥа бастакы көс оскуолатын аспыппыт. Оччолорго табаны иитии кыһалҕата сытыытык турара, оттон таба иитиитэ – бу үгэс буолбут олох укулаатын өйөөһүн, ол аата этническэй култуураны, тылы-өһү харыстааһын буолар.

ДЬАХТАР БАС-КӨС ОРУОЛЛААХ

- Эн бэйэҥ эбэҥки норуотун кыыһа буоларыҥ быһыытынан, бу тыйыс усулуобуйаҕа олорор далбар хотуттар туох уратылаахтарын кэпсээ эрэ.

- Үөһэ этэн аһарбытым курдук, аан дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕалара баһаам. Кинилэр олорботтор, кинилэр үйэлэр тухары тыыннаах хаалар туһугар туруулаһаллар. Онон бу норуоттарга олох иһин охсуһар сатабыллара олус сайдыбыт. Аны бу омуктар бэлэмҥэ наадыйбаттар, тоҕо диэтэр кинилэр айылҕа оҕолоро, айылҕа хайдах ииппитинэн олороллор. Саамай киһини сэҥээрдэрэ диэн, тыһыынча сыллар усталарыгар бу дьон айылҕаны кытта арахсыспат сибээстээх буолан, менталитеттара уларыйбат. Ылан да көрдөххө, айылҕа ресурсаларын уонна айылҕа эйгэтин көмүскээччилэринэн биир бастакынан төрүт олохтоохтор буолаллар. Тоҕо диэтэр, кинилэр айылҕата суох кыайан олорботторун толору өйдүүллэр. Бу туруорсуулары, биллэн туран, дьахтар аймах сүрүннүүр. Эр киһи дьонун аһатаары булар-талар, бултуур-алтыыр буоллаҕа, оттон дьахтар бүтүн этнос инники олоҕун, кэнчээри ыччатын туһугар туруулаһар. Онон аҕыйах ахсааннаах омуктар дьахталларын ортолоругар бастыҥ, көхтөөх уопсастыбанньыктар элбэхтэр.

Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар олохтоохтор. Ыарахан кэмнэргэ аймахтар түмсэн, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, бииргэ көһөллөр. Көс омуктарга матриархат тутула баһыйар. Дьахтар бас-көс оруоллаах. Кини баар буолан, бу тыйыс усулуобуйаҕа дьиэтин-уотун, оҕотун-уруутун аһатан-дьаһайан, эр дьонун бэрийэн, омук быһыытынан күн бүгүн кэллэхпит.

ОЛОХПОР СУОЛТАЛААХ СИТИҺИИМ

- Тус олоххор саамай суолталаах ситиһиим диэн тугу этиэҥ этэй?

- Мин олоҕум тухары уопсастыбанньыкпын. Онон төрүт омуктар кыһалҕаларын быһаарарга уопсастыбаннай көҕү үрдэппиппитин үтүө түмүк дии саныыбын.

Билигин санаатахпына, олоҕум улахан аҥаарын Хоту дойду уонна Арктика сайдыыларыгар анаатым, оттон бэйэм төрөөбүт Алдаммар болҕомтобун уурбатым, онно толору үлэлэспэтим дии саныыбын. Оттон Алдаҥҥа балаһыанньа олус уустук, таба Иенгрэҕэ уонна Учурга эрэ хаалла. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии түөлбэтигэр олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар тус уратылаахтар уонна кыһалҕалаахтар. Олору судаарыстыба учуоттуон, кыһалҕалары биир кэлимник быһаарыан уонна систиэмэлээхтик үлэлиэн наада. Билиҥҥи кэмҥэ баар, аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүр сокуоннар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһаайыллыбыттар. Дьиэ кэргэн – бу сайдыы тирэҕэ. Дьиэ кэргэни өйөөбөтөххө этнос суох буолуоҕа.

Кэлэн иһэр маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан кэрэ аҥаардарга тугу баҕарыаҥ этэй?

Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В. Путин бу сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ элбэҕи этэр. Дьиэ кэргэн, уопсастыбаҕа олоҕу хамсатар тутул буолар. Оттон дьахтар - дьиэ кэргэн киинэ. Онон баҕарыам этэ далбар хотуттарга дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин өрө тутаҥҥыт кэргэннэргит, оҕолоргут тулхадыйбат өйөбүлүнэн буоларгытыгар.

Хаартыскалар интернет ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением